Саҕалааһын баар!

Болугур нэһилиэгэр  култуура киинин иһинэн «Үтүө санаа түөлбэтэ» фонда тэриллэн, үлэтин атыы-эргиэн дьаарбаҥкаттан саҕалаата. Манна киирбит үп нэһилиэк тэрээһиннэригэр, ыксаллаах кэмҥэ, кыһалҕаҕа туттуллуо.

Үтүө тэрээһини өйөөн, элбэх киһи түмсэн култуура киинигэр түмсэн, атыылаһан бары илии тутуурдаах бардылар.

Бу фондаҕа көхтөөхтүк кыттыбыт нэһилиэкпит дьонугар — «Чөмчүүк», «Арчылаана» эбэлэр түмсүүлэригэр, «Талбаана» эдэр ийэлэр түмсүүлэригэр, “Үрүҥ күөл”, «Сайдыы» түөлбэлэргэ, олохтоох дьаһалтаҕа, «Колосок» оҕо уһуйааныгар, Болугур орто оскуолатыгар, учаастактааҕы балыыһаҕа, култуура киинигэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Кинилэр көмөлөрүнэн бастакы тэрээһиммититтэн уопсайа 51 000 солк. фондаҕа угулунна. Үп -харчы нэһилиэккэ тэриллибит «Сириус» коммерческайа суох тэрилтэ счетугар киирдэ. Салгыы фонда үлэтин араас хайысханан тэрийэр былаан баар. Нэһилиэкпит сайдарын туһугар бу курдук бары түмсүүлээх буолуоҕуҥ.

Евдокия Платонова.

Читайте дальше