Амма Наахара нэһилиэгин «Дуораанчык» уһуйааныгар Ийэ тыл, сурук-бичик күнэ үрдүк таһымҥа ааста. Быыстапка, хоһоон ааҕыыта, дьыктаан, аралдьытар оонньуулар киэһэ хойукка диэри салҕаннылар.
Үөрүүлээх аралдьытыыны иитээччи Феодосия Максимова иилээн ыытта, бу күн саха тылын харыстыырга ананна. Оҕолор, үлэһиттэр бары сахалыы таҥнан кэлбиттэрэ кыраһыабай дьиэлэрин өссө киэргэттэ, уһуйаан иитэр-үөрэтэр үлэтэ көхтөөҕүн көрдөрдө.
Иитээччи Розалия Устинова сахалыы алфавит туһунан кэпсээтэ, кинигэ быыстапкатын көрдөрдө. Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Полина Кононова саха норуотун үөрэхтээһинигэр сүҥкэн кылаатын киллэрбит, сахалыы суругу-бичиги айбыт улуу киһибит Семен Андреевич Новгородов үлэтин, олоҕун сырдатта. Сахалыы хомоҕой хоһооннору кырачааннарбыт аахтылар. Сүрүннүүр иитээччи Галина Мартынова оҕолору оһуокай түһүлгэтигэр түмтэ. Бу күн сахалыы иһиттэр, чорооннор, сувенир куукулалар быыстапкалара турда. Быйылгы үөрэх сылыгар төрөппүттэр бары оҕолоругар сахалыы олбох тикпиттэрэ. Араас дьарыкка, сахалыы тэрээһиҥҥэ оҕолор олбохторугар олороллорун туохтан да астыналлар, өрүү кыбына сылдьаллар. Тэрээһиҥҥэ оҕолорбут олбохторугар олорон дуоһуйдулар.
Онтон эбиэт кэннэ үлэһиттэр биир дойдулаахпыт, норуодунай суруйааччы Миитэрэй Наумов «Көҕөччөр ат туһунан номох» кэпсээнин быһа тардыыны истэн суруйдулар. Дьыктааны олохтоох библиотекарь Екатерина Унарова салайан ыытта. Манна 14 киһи кытынна. Биэс киһи «5»-кэ, аҕыс киһи «4»-кэ, биир киһи «3»-кэ суруйда. Түмүк тахсыар диэри сүрүннүүр иитээччи Галина Мартынова үлэһиттэргэ өс хоһоонун таайыыга оонньуу ыытта. Үлэһиттэр сахалыы тыл суолтатын билэллэриттэн, тылы сөпкө тутталларыттан ыытааччылар олуһун үөрдүлэр. Тэрээһин кэннэ бары уопсай хаартыскаҕа түстүлэр. Кыттыбыт дьон Добун сурук, Туоһу сурук тутан үөрэн тарҕастылар.
Саха суругун-бичигин күнэ сүрдээх сэргэхтик ыытылынна. «Мин сахабын!» диэн киэн туттуу күнэ буолан ааспыта сырдык сулустуу күлүмнээтэ, барыга истиҥ мичээри бэлэхтээтэ.
Ирина Корякина — Олесова.