Болугур олохтоохторо нэһилиэк биир тумус туттар тэрилтэтин — “Колосок” уһуйаан 65 сыллаах үбүлүөйүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр.
Ахсынньы 8 күнүгэр Болугурдааҕы М.А. Ноговицын аатынан култуура киинигэр бары ыҥырыылаах ыалдьыттары, бэтэрээннэри алгыстаах алаадьынан, алгыстаан туран уһуйаан үлэһиттэрэ, сэбиэдиссэйэ Марфа Афанасьева уонна профсоюз бэрэссэдээтэлэ Елена Петрова үөрэ-көтө көрүстүлэр. Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар минньигэс аһынан, итии чэйинэн күндүлэннилэр.
Үбүлүөй үөрүүлээх чааһын М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин сүрүннүүр исписэлииһэ Евдокия Платонова иилээн-саҕалаан ыытта. Аан-бастаан уһуйааҥҥа өр сыл үлэлээбит, туох баар сыраларын-сылбаларын биэрбит бары убаастыыр уһуйаан бэтэрээн үлэһиттэрэ, ол кэннэ билигин үлэлии-хамсыы сылдьар кэлэктиип киирдилэр. Бэтэрээн үлэһиттэригэр бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
Υөрүүлээх чааһы алгыс тылынан өр сылларга уһуйааҥҥа сэбиэдиссэйдээбит, РФ уопсай үөрэхтээһинин, Сϴ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Никифорова Анасатасия Николаевна уонна уһуйаан сэбиэдиссэйэ Афанасьева Марфа Васильевна арыйдылар.
Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, Амма улууһун сиргэ, баайга-дуолга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Амма улууһун (оройонун) депутата Валентин Петров уонна Болугур баһылыга Андрей Петров эҕэрдэлэрин тиэртилэр, наҕараада туттардылар.
Үөрэх управлениетын исписэлиистэрэ Вера Чупрова, Эмма Давыдова, үөрэхтээһин үлэһиттэрин профсойууһун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Прасковья Кузнецова тыл этэн, педагогтарга, үлэһиттэргэ наҕараадалары туттардылар.
Марфа Васильевна „За вклад в разитие детского сада „Колосок“ диэн бочуоттаах бэлиэ оҥотторон, уһун кэмҥэ үлэлээбит үлэһиттэригэр, түөстэригэр анньан, эҕэрдэлээн сибэкки дьөрбөтө туттарбыта олус долгутуулаах буолла.
“Колосок” уһуйааҥҥа өр сылларга иитээччинэн, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Анна Куличкина кыыһа Маргарита Викитярова, уһуйаан бастакы иитиллээччитэ Надежда Кондакова долгуйан туран махтал тыллары эттилэр.
Салгыы кэлбит ыалдьыттарга иитээччилэр сайыннарыылаах эйгэни билиһиннэрдилэр. Кинилэргэ анаан үлэһиттэр талба талааннарын арыйар, сөбүлүүр дьарыктарын быыстапката, урукку кэм ахтыыларын хомуурунньуктара, урукку кэми кэрэһэлиир ооньуурдар тэлгэммиттэрин ыалдьыттар сэңээрэ көрдүлэр. Экскурсия кэннэ уһуйаан минньигэс сандалы остуолугар ыҥыран ыалдьыттары барыларын күндүлээтилэр.
Биир үөрүүлээх түгэнинэн Колосок уһуйаан 65 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан “Кэнчээри кэскилэ – Колосок уһуйаан” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
Марфа Васильевна уонна сэбиэдиссэйи иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччыта Анна Петровна кинигэ хайдах оңоһуллан тахсыбытын, ис хоһоонун, тутулун билиһиннэрдилэр. Ыңырыылаах ыалдьыттарга, бэтэрээннэргэ, үлэһиттэргэ уһуйаан кинигэтэ күндү бэлэх буолла. Ону таһынан иитээччилэр Мухина Надежда Николаевна, Кононова Саргылана Ивановна уонна Дьячковская Анна Петровна “Дети рисуют мир” диэн араас кэмҥэ оҕолор уруһуйдаабыт, күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыт үлэлэрин хомуурунньуга билиһиннэрилиннэ уонна Үөрэх Министиэрстибэтигэр бэлэхтэннэ.
Үбүлүөйдээх тэрээһиммитумнуллубаттык ыытылларыгар өйөөбүт тэрилтэлэргэ, тэрилтэ салайааччыларыгар, спонсордарбытыгар, уһуйааны араас сылларга бүтэрбит выпускниктарбытыгар, бэтэрээн үлэһиттэрбитигэр, нэһилиэк салалтатыгар, бары олохтоохторугар барҕа махталбытын тириэрдэбит!
Вера НИКИФОРОВА.