Абаҕа нэһилиэгэр балаҕан ыйын 6 күнүгэр А.Е. Кралин аатынан орто оскуолатыгар үөрүүлээх түгэн буолла. «Цифровая образовательная среда» кабинет үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Бу бырайыак оҕо бары өттүнэн сайдарыгар, билиитин таһымын үрдэтэригэр, аныгы технологиялары баһылыырыгар, чинчийэр, айар-тутар сатабылларын сайыннарарыгар төһүү күүс, кыах биэрэр. Саҥа кабинет арыллыытыгар Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова кыттыыны ылла. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги былырыын саас саҥа таас оскуола дьиэтигэр киирэр үрдүк чиэскэ тиксибиппит. Саҥа тутуллубут оскуолабыт аныгылыы көстүүлээх, саҥа оборудованиенан толору хаччыллыылаах, билиҥҥи сайдылаах олоххо бары өттүнэн эппиэттиир.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, IХ кылаас, А.Е. Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолата, Амма.