Санааларын, күүстэрин холбоон үлэлииллэр

Улуус баһылыга Степан Кузьмин уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов Покровка нэһилиэгэр “15 клетка” диэн ходуһаҕа сырыттылар. Бу ходуһаҕа икки бааһынай хаһаайыстыба күүстэрин холбоон үлэлии сылдьаллар, техника тыаһа бип бирилэс. Покровкаттан Игорь Петров уонна Чакыртан Юрий Прокопьев кыттыһан оттообуттара быйыл үһүс сылыгар барда.

Покровка ходуһатыгар Игорь Петровка сырыттылар. Кини  Чакыр нэһилиэгиттэн бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Юрий Прокопьевы кытта кыттыһан “15 клетка” диэн “Амма” ААУо-тан сир өлүүлэһэн ылан оттуу сылдьаллар.

«Биһиги Юрий Прокопьевичтыын кыттыһан оттообуппут үһүс сылыгар барда. Иккиэн техникаларбытын холбоон, биир улахан механизированнай звено буолабыт. Онон күнү-дьылы да сүтэрбэккэ, от хаачыстыбатыгар да маннык кыттыһар эргиччи туһалаах. Билигин бу 96 гектардаах сиргэ оттуу сылдьабыт. Үһүс күммүтүн охсобут. От үчүгэй. Быйылгы былааным 150 тонна. Ону билиҥҥитэ 20 тонна оттоохпун. Хойутаабыт биричиинэбитинэн ардахтар да  буоллулар уонна от ситэ үүнэ илик буолан арыый тардыллан саҕалаабыппыт. Былааммын толору да буолбатар, 80 бырыһыан тиэрдиэм дии саныыбын,- диэн этэр Игорь Петрович.

Юрий Прокопьев окко дьиэ кэргэнин кытта от ыйын 1 күнүгэр киирбит. Кини быйыл ходуһаларын үүнүүтэ мөлтөх соҕус буолан былаанын 35 бырыһыан отун ылан олорор.  Чугас ходуһалара бүппүттэр. Аны ыраах 60 км –дээх сиргэ үрэххэ баар эбит да, онно билиҥҥитэ суол-иис суох диэн тохтуу сылдьар.

«Былааммын толоруом дии саныыбын. Атырдьах ыйын ортотуттан мобильнай биригээдэ тэринэн үрэхпэр тахсыам. Онтон 150 тоннаны ылыам. Мантан эмиэ биир оччону ыларга былааннабын. Оччотугар сыл тахсар оттонобун, — диэн Юрий Прокопьевич эрэл санаалаах.

Кини техниката да балайда эбит. Ол курдук 2 МТЗ-82, 1 ЛТЗ, 1 Т-25 уонна биир кыра тыраахтыр от үлэтигэр тардыллыбыттар. Онон маннык икки кэллиэгэлэр күүстэрин, санааларын холбоон сыл тахсар отторун булууга дьаныһан, буһа-хата үлэлии сылдьаллар.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше