Амма улууһугар Олоҥхо, Саха сиригэр Оҕо саас, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылларын аммалар оҕо аймах, төрөппүт кыттыылаах «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» музыкальнай-хореографическай испэктээгинэн Дьокуускай куоракка Амма түмсүүтүн күннэригэр дьон-сэргэ бүттүүн үөрүүтүн, киэн туттуутун ортотугар арыйдылар. Испэктээк үөрүүлээх чааһа бииртэн биир олус үрдүк сыанабылларынан бэлиэтэннэ, өрө күүрүүлээх истиҥ тэрээһинҥэ кубулуйда.
«Сир симэҕэ» Арассыыйа көрдөрүүлээх үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Марианна Ефимова өр сыллаах айымньыылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, үҥкүү курдук искусство уустук көрүҥэр норуодунай коллектив буолбутуттан сир симэхтэрин кытта бииргэ үөрдүбүт, долгуйа дьоллоннубут.
Ураты буочардаах, үрдүк таһымнаах хореограф Марианна Васильевна үҥкүүлэрин көрбүт эрэ киһи барыта астынар, наһаа сөҕөр, киэн туттар. Ансаамбыл биһиги улууспут сиэркилэтэ, иннигэр уктар бастыҥ үлэлээх коллектива буолар. «Дьоллоох оҕолор маннык салайааччыга түбэһэллэр. Олоҥхо туруоруута олуһун табыллыбыт. Киһиэхэ олус чэпчэкитик, уйаҕастык киирэллэр. Режиссурата, үҥкүүлэрэ высший пилотаж! Киэн туттабыт, бу сэмэй, үлэһит Амма кыыһынан Марианнабытынан!» — маннык ис хоһоонноох эҕэрдэлэр Амма ватсап группаларыгар быыстала суох кэлэллэр.
Дьоро күн үөрүүтүн үксэтэн Культура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев 100 000 солк. суумалаах туоһу суругун үҥкүү көстүүмнэрин тиктэриигэ «Сир симэҕэ» норуодунай ансаамбыл салайааччытыгар Марианна Васильевна Ефимоваҕа көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһын ортотугар туттардылар.
Дьоро киэһэ эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» оҕо аймахха, ыччакка олоҥхотун кинигэтэ хамаҕатык атыыланна. Маныаха ааптар бэйэтэ баҕа санаатын суруйан, илии баттаан, хаартыскаҕа түһэн ааҕааччыларын үөртэ. Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин Юрий Петровичка Эмис нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны кытта түөскэ анньыллар бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Олоҥхо Ассоциациятын вице-президенэ Елена Протодьяконова истиҥ, иһирэх тыллаах испэктээк туһунан санаатын бэчээттиибит:
— Амма улууһун В.Г. Короленко аатынан Амма 1 №-дээх орто оскуолата, «Сир симэҕэ» Арассыыйа көрдөрүүлээх ансаамбыла, филологическай наука кандидата Юрий Петрович Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотунан Нюргустаана Тылбыкова салалтатынан, Марианна Ефимова туруоруутугар олус үчүгэй музыкальнай-хореографическай испэктээги, биир оскуола коллектива диэтэххэ, олус кыахтаахтык туруоран көрдөрдүлэр. Оҕолор, төрөппүттэр бары талаан бөҕө, киһи сөҕө көрөр. Олоҥхо ис эстетическэй күүстээх айымньы, ис кэрэтэ барыта дьүһүйүллэн көрдөрүлүннэ. Испэктээк СӨ Оҕо сылын арыйар дьоһуннаах тэрээһин курдук буолла. Биир дойдулаахтара, олоҥхоҕо сүгүрүйээччилэр бары биир тыынынан кэрэхсээн көрдүбүт. Амма 1 №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын коллектива төрөппүттэри кытта кыттыһан, наһаа элбэх үлэни ыыппыттара харахха быраҕыллар – сыана киэргэтиитэ, Амма кэрэ айылҕатын экраҥҥа көрдөрүүлэрэ, кыттааччылар таҥастара-саптара, музыканан доҕуһуол, үҥкүүлэрэ, туттан-хаптан хамсаныылара барыта орун-оннугар, олус үчүгэй. Аммабыт дьоно-сэргэтэ улуустарыгар Олоҥхо сылын биллэрэн, бары нэһилиэктэрин хабан, үйэлээх үгэстэри сөргүтүүгэ, ыччаттарга айыы тыынын иҥэриигэ, олоҥхоҕо сөҥөн сылдьар өй-санаа утумугар тирэнэн, сиэрдээх, кэскиллээх үлэни ыыта сылдьалларыгар наһаа махтанабыт.
Вера Иванова.