Амматааҕы “Сардаана” оҕо сайдар киинэ быйыл 50 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтээри ох курдук оҥосто, кустук курдук куоһуна сылдьар. Уһуйаан унньуктаах уһун кэмҥэ, сыралаах сыллар усталарыгар оҕону иитиигэ үтүмэн үтүө үлэни тэрийэн кэллэ. Уһуйаан үбүлүөйдээх сылын улахан кыайыы көтөллөөх көрсүбүтэ. Ол курдук, 2024 сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи “Тыа сирин бастыҥ уһуйаана-2024” диэн күрэххэ кыттан кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүтэ. Бу үрдүк өрөгөйгө тиийэргэ “Сардаана” уһуйаан туох баар бары үлэһиттэрин таһаарыылаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Бэлиэ сылларын чэрчитинэн “Саҥа сүүрээн тиһилигэ” диэн бэрт сэргэх семинар-практикум ыыттылар.
Семинарга иитээччилэр оҕону сиэрдээхтик иитэргэ, саталлаахтык сайыннарарга аналлаах сонун бырайыактарын мустубут ыалдьыттарга билиһиннэрдилэр. Семинарга уһуйаан иитээччилэрэ оҕону иитиигэ улахан туһалаах “Ыраастык саҥар” маастар-кылааһы пособие ааптара Анна Дьячковская, Наталья Гермогенова уонна педагог-психолог Анна Рожина, музыкальнай салайааччы Ольга Илларионова бэйэлэрин үлэлэригэр бу пособияны хайдах туһаналларын көрдөрдүлэр. “Толлуманныын оонньуохха” оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго күннээҕи олоххо сэрэхтээх буолуу үѳрүйэхтэрин билиһиннэрии уонна үѳрэтии диэн биһиги иитээччилэрбит Александра Тимофеева, Ульяна Прокопьева, Вера Артемьева, уонна Анастасия Егорова билиһиннэрдилэр. “Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору үлэҕэ иитии” маастар-кылаастары иитээччилэр Саргылаана Алексеева, Екатерина Ксенофонтова, Анна Еримеева, Евдокия Николаева, Вера Артемьева ыыттылар. “Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитии” бырайыак үлэлэрин Яна Суздалова, Любовь Захарова, Александра Артемьева, Надежда Бессонова, Евдокия Захарова сырдаттылар. “Мин олонхо дойдутун оҕотобун” уһуйааҥҥа оҕоҕо олоҥхону билиһиннэриигэ араас ньымалары иитээччилэр Ульяна Прокопьева, Александра Тимофеева, Наталья Кононова, Марина Еремеева кэпсээтилэр. Бырайыактары ыалдьыттар бэркэ сэргээтилэр, харса суох хайҕаатылар.
Маны сэргэ бу күн Амма дьоһун дьоҕурдаах, талба талааннаах уруһуйдьута Николай Рязанскай хартыыналарынан «Арт-Эйгэ” мини-галерея сүрэхтэнэн уһуйаан кэрэнэн киэркэйдэ.
Үлэни уонна үөрүүнү тэҥҥэ түмпүт сэргэх семинар ирэ-хоро кэпсэтиинэн, санаа үллэстиитинэн түмүктэннэ. Ыалдьыттар уһуйаан үлэһиттэригэр өссө да үрдүк ситиһиилэргэ тиийиҥ диэн алгыстарын анаатылар.
Анастасия ЕГОРОВА, “Сардаана” уһуйаан иитээччитэ