Сарсын сэтинньи 16 күнүгэр улуус дьоно күүтэр, кыһыҥҥы хаһаастарын булунар “Идэһэ- 2024” бырааһынньыга ыытыллар. Быйыл тэрээһин хайдах барыай, бородууксуйа сыаната хайдах буолуой. Бу туһунан улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононовтан ыйыталастыбыт.
“Улууспутугар Идэһэ бырааһынньыга быйыл 28-с төгүлүн ыытыллар. Бу сыллар тухары дьон-сэргэ олус кэтэһэр, күүтэр тэрээһинэ буолла. Онон биһиги сыллата тэрээһин интэриэһинэйдик ааһарыгар кыһаллабыт. Урукку сылларга тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар, бааһынайдар, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар икки ардыларыгар спортивнай күрэхтэһии ыытар этибит. Быйыл оннук суох. Киирэн көҥүл бэйэлэрин бородууксуйаларын атыылыахтара. Ол оннугар нэһилиэктэринэн “Саха ыалын сандалыта” диэн быыстапка буолуо. Билэргит курдук 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллэн турар. Онон хас биирдии нэһилиэктэн дьиэ кэргэн киирэн оҕуруот аһыттан, идэһэттэн, байанайтан бэриһиннэрбит бородууксуйаларын көрдөрүө. Манна тиэмэтэ диэн кинилэр саха ыалын тэлгэһэтин билиһиннэриэхтээхтэр. Маны тэҥэ улууспутугар элбэх торт астааччы баар буолла. Онон кинилэр ортолоругар “Тортофест” диэн ааттаан күрэх тэрийэбит. Бу тортара Идэһэҕэ анаммыт буолуохтаах. Идэһэ бырааһынньыгын күн урут Сулҕаччы, Соморсун, Мээндиги нэһилиэктэрин холбуур Ленин аатынан холхуос 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт “Ленин аатынан холхуос олоҕо. 1973 сыл” диэн бэртээхэй өҥнөөх кинохроника көрдөрүүтэ буолуо. Бу кинохрониканы Дмитрий уонна Спиридон Старостиннар архыыпка баар араас документальнай киинэлэртэн таҥан олус бэркэ оҥорбуттар. Онтон сыана туһунан этэр буоллахха, былырыыҥҥыттан олус улааппата. Ол курдук ынах этэ быһа холоон 700-750 солкуобай, убаһа этэ 750-800 солкуобай буолуо. Быйыл эмиэ 3500-4000 курдук сүөһү, 5000 сылгы идэһэҕэ диэн астанна. Ити уопсай төбө ахсааныттан 18-20 бырыһыан буолар. Улуус бары олохтоохторун, ыалдьыттарын, кэлэн кыһыҥҥы хаһааскытын атыылаһан бараргытыгар, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлиир дьоммутун өйүүргүтүгэр ыҥырабыт”, — диэн кэпсээтэ Ион Семенович.
Идэһэ күн өссө араас тэрээһиннэр күүтэллэр. Онно биир саамай интэриэһинэйинэн “Кыстык” Ф. Потапов аатынан култуура киинэ тэрийэр лотереятын оонньуута буолуо. Онон бука бары күүтүүлээх Идэһэбит бырааһынньыгар кэлиҥ, сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ, бородууксуйата атыылаһан дьоро күнү атаарыҥ.
“Амма олоҕо” хаһыат