Сатаҕай нэһилиэгэр баһылык дуоһунаһыгар киирии үөрүүлээх тэрээһин “Айыллык” култуура киинигэр буолла. Сахалыы сиэринэн аал уоту оттон, арыылаах алаадьынан айах тутан Алгысчыт Үрдүк Айыылартан көрдөһөн сиэри-туому толордо.
Сатаҕайдааҕы 59 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлэ Василий Борисов балаҕан ыйын 8 күнүгэр буолбут быыбар түмүгүн иһитиннэрдэ уонна туоһу дастабырыанньаны туттарда. Ол кэнниттэн үөрүүлээх быһыыга Сатаҕай нэһилиэгин депутаттарын бэрэссэдээтэлэ Иосиф Никитин үрүҥ көмүс солотуулаах түөскэ кэтэр мэҥэ бэлиэни олохтоохтор итэҕэллэрин ылбыт Алексей Шишигиҥҥэ кэтэттэ.
Алексей Васильевиһы эҕэрдэлии ыраахтан-чугастан үгүс киһи муһунна. Ол курдук Амма улууһун баһылыгын э.т. Василий Бураев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, өр кэмҥэ бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов, “Бөтүҥ” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Левин, “Болугур” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Михаил Ксенофонтов, И.Я.Строд аатынан ТХПК бэрэссэдээтэлэ Василий Тимофеев, ыаллыы сытар Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин о.д.а. кэлэн эҕэрдэ тылларын тириэртилэр.
Улуус дьаһалтатын аатыттан Василий Бураев Алексей Васильевич улууска тыа хаһаайыстыбатын управлениятын начальнигын солбуйааччытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитин бэлиэтээтэ уонна Сатаҕай нэһилиэгин олохтоохторун олоҕо тупсарын туһугар күүстээх үлэни ыытыа диэн бигэ эрэллээҕин биллэрдэ. Олохтоохтору бары биир хамаанда буолан баһылык тула түмсэрбитигэр ыҥырда уонна “Амма улууһун дьаһалтата туох баар үлэҕэ-хамнаска барытыгар өйөбүл буолуохпут” диэн этиитин түмүктээтэ.
«Сатаҕай нэһилиэгин олохтоохторун интэриэстэрин көмүскүөм, билиибин-көрүүбүн толору биэрэн туран, үлэбин дьон туһугар туһаайыам, нэһилиэк баһылыгын эбээһинэһин үтүө суобастаахтык толоруом”,- диэн саҥа талыллыбыт баһылык Алексей Шишигин андаҕар тылын дьонун-сэргэтин иннигэр эттэ.
Христина СКРЯБИНА
фото — Катерина Новикова