Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатыгар оҕону дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы сиэргэ-майгыга иитиигэ, онуоха төрөппүт оруолун үрдэтиигэ ураты болҕомто ууруллар.
Дойду үрдүнэн 2024 сыл дьиэ кэргэн сылынан биллэриллэн бу тэрээһин дьиэ кэргэн үтүө үгэстэригэр ананна. Төрөппүттэр быыс булан кэлэ сатаабыттар.
Вячеслав Шишигин өбүгэ саҕаттан кэлбит оонньуубутун хабылыгы, хаамысканы оонньотто.
Дьиэ кэргэҥҥэ дорҕоонноох ааҕыыны көҕүлээн оскуола библиотекара Христина Скрябина “Таал-таал эмээхсин” остуоруйаны оҕолору оруолларынан арааран аахтылар. Оҕолор иллэҥ кэмнэригэр ийэлэрин, аҕаларын кытта ааҕыах буолан тарҕастылар.
Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууну көҕүлээччи, олоҥхону өрө тутууга үлэлии-хамсыы сылдьар Гаврил Орлов Ньургун Боотур олоҥхоттон быһа тардан толорбутун оҕолор бэркэ сэҥээрэн иһиттилэр.
Төрөппүт Марианна Дордосова таабырыннары, өс хоһооннору таайтарда. Оҕолор харахтара уоттанан үгүс толкуйга түстүлэр.
“Билиҥҥи кэмҥэ оҕону төрүт угэскэ олоҕуран иитии-үөрэтии боппуруоһа сытыытык турар. Түҥ былыргыттан кэлбит үтүө үгэһинэн оҕону иитэн таһаарарга дьиэ кэргэн эйгэтэ олус улахан суолталаах. Хас биирдии дьиэ кэргэн оҕо иитиитигэр араас ньыманы туһанар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн элбэхтик кэпсэтэн, көрдөрөн, үтүгүннэрэн, төрөппүт оҕотун аттыгар батыһыннара сылдьан үөрэтэрэ ордук туһалаах. Дьиэҕэ-уокка, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаны иитиигэ бастатан туран төрөппүттэртэн бэриллэр.
Быйылгыттан алын кылаас оҕолоругар уонна төрөппүттэригэр аналлаах “Ыал — омук биһигэ” диэн саҥа барыл үлэтин уопсай төрөппүт мунньаҕынан ылыммыппыт. Барыл сыала-соругунан оҕону дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы сиэргэ-майгыга иитии, иитиигэ төрөппүт оруолун үрдэтии буолар. Оҕону иитиигэ сахалыы үтүө үгэстэрбитигэр олоҕуран сахалыы эйгэбитигэр улахан болҕомтобутун ууруохпутун баҕарабын. Төрөппүттэрбит кыһаллан бу барылга оруннаахтык кыттыһан бары бииргэ үлэлээтэхпитинэ барылбыт түмүгэ үтүө өрүттэрдээх буолуо диэн эрэнэбин. Бүгүн бу барыл (бырайыак) аһыллыытын үөрүүлээх түгэнинэн бэлиэтээри муһуннубут”- диэн Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын социальнай педагога, бырайыак ааптара Анна Окорокова санаатын үллэстэр.
Бу курдук өбүгэбит, норуоппут иитэр-үөрэтэр ньымаларын туһанан, утуму салҕаан олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан истэхпитинэ, оҕолорбутуттан дьон үтүөлэрэ иитиллэн тахсыахтара.
Христина Скрябина.