Быйыл муус устар ыйга норуот тапталлаах суруйааччыта В.С.Яковлев-Далан 95 сааһын туолбута. Эдэр көлүөнэни иитиигэ өр сылларга учууталынан үлэлээбит уһуйааччы “Дьикти саас” сэһэнин 1976 сыллаахха Далан диэн псевдонимынан “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэппитэ. Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын коллектива суруйааччы бу айымньытын Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна үөрэнээччи сылыгар анаан “Айыллык” норуот айымньытын дьиэтигэр театрализованнай туруоруу оҥорон дьон- сэргэ иннигэр таһаарда.
Сэһэҥҥэ ХХ-с үйэ 70-с сылларыгар оскуоланы бүтэрээччилэр олохторо кэпсэнэр. Суруйааччы айымньытыгар эдэр дьон үүнэн-сайдан иһэллэрин, бастакы тапталларын, кинилэр олоххо кырдьыктаах суолу тутуһалларыгар көрсөр ыарахаттарын, моһоллорун олус үчүгэйдик арыйан көрдөрбүтэ. Сэһэн ол иһин да буолуо, оччотооҕу кэм эдэр ыччатыгар уонна билиҥҥи да көлүөнэҕэ умсулҕаннаах. Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын коллектива норуодунай суруйааччы В.С. Яковлев Далан “Дьикти саас” айымньытын Уһуйааччы уонна үөрэнээччи сылыгар анаан “Айыллык” норуот айымньытын дьиэтигэр театрализованнай туруоруунан дьон- сэргэ иннигэр таһаарда. Айымньы ис хоһоонун кылгатан, бэйэбит кыахпытыгар сөптөөх сценарийын саха тылын уонна литературатын учуутала Галина Николаевна Шишигина суруйда. Туруорааччы режиссердар Ольга Никитина, Христина Скрябина, көстүүмҥэ эппиэттээх Анна Онуфриева үлэлээтилэр.
Сүрүн оруолларга оскуолабыт 9-10-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ оонньоотулар. “Дьикти саас” сэһэн оскуола программатыгар киирэр буолан, оҕолор айымньыны чугастык ылыннылар. Сүрүн герой Кеша Попов –Гассан оруолун оскуолабыт 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Романов Мирослав олус табыллан оонньоон көрдөрдө. Оччотооҕу кэм кыыһын Айтаны, Никитина Диана бэйэтэ хайдах баарынан оонньоото. Диана килбик-сэмэй майгытыгар оруола сөпкө түбэстэ. Комсорг Лананы кылаас старостата Лили Адамова кыайа-хото тутта, Халдеев Ваняны оскуолабыт лидерэ, выпускнига Пахомов Саша оонньоото, Толяны оскуолабыт выпускнига, спортсмена Александр Никитин толордо. Оҕолор кыһаллан, баҕаран туран дьон иннигэр сыанаҕа оонньоотулар.
“ Мин бу испэктээккэ оонньообуппуттан астынным, кэлин айымньыны толору ааҕыахпын баҕардым”, “Биһиги саастыыта оҕолор оччотооҕу кэмҥэ ураты күүстээхтэрэ, өйдөөх, ыраас, көнө майгылаахтара биһиэхэ холобур буолаллар. Оччотооҕу сэбиэскэй кэм форматын олус сөбүлээтибит, бу испэктээкили иккистээн оонньуурбут буоллар өссө кыһаллан оонньуо этибит «, — диэн астынан туран санааларын этэллэр.
Кэлиҥҥи сылларга биһиги оскуолабытыгар ыытыллар улахан тэрээһиннэри метапредметнэй ньыманан көмөлөөн ыытабыт. Маннык хабааннаах үлэлэргэ төрөппүттэри кытыннаран, тустаах предметник учууталлар, библиотека, оскуолабыт салалтата бары кыһаллан түмсэн үлэлиирбититтэн үөрэбит. Английскай тыл учууталын оскуолабыт дириэктэрэ Иванна Ивановна Шишигина оонньообута барыбытын астыннарда, Дмитрий Дмитриевич оруолун технология уонна ОБЖ учуутала Лукин Василий Иванович итэҕэтиилээхтик оонньоото, колхоз бэрэссэдээтэлин нэһилиэк актыбыыһа, элбэх сиэн эһэтэ Гаврил Орлов оруолун кыайа-хото туттан көрөөччүлэри астыннарда, Миитэрэй оруолун физкультура учуутала Вячеслав Шишигин олус итэҕэтиилээхтик оонньоото, оскуола дириэктэрин физкультура учуутала Артур Иванов кыайда, Гассан ийэтин химия уонна биология учуутала Лия Владимировна Андреева оонньоото, балтын 9 кылаас үөрэнээччитэ Инна Онуфриева толордо, Анна Ивановнаны 10-с кылаас салайааччыта Саргылаана Аркадьевна оонньоон оҕолор дьиҥ чахчы бэйэлэрин кылаастарын оонньообут курдук буоллулар. Онон оскуолабыт үлэһиттэрэ, үөрэнэччилэрэ Сатаҕайбыт нэһилиэгэр өссө биир умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр Испэктээк ол саҕанааҕы кэм тыынын киллэрэн саһарбыт хаартыскалар экраҥҥа көстөн көрөөччүнү долгуттулар.
Христина Скрябина