Сатаҕайга дьиэ кэргэнинэн уруһуйга көхтөөхтүк кытыннылар

Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатыгар «Рисуем все» диэн улахан бырайыак чэрчитинэн ыытыллар эстафетаҕа араас тэрээһиннэр буолан аастылар. Дьиэ кэргэнинэн кэтэхтэн уруһуйга барыта 20 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. Уруһуй тиэмэтэ өбүгэ үөрэҕэр ананна.


“Үрүҥ ситии” куруһуок салайааччыта Валентина Пахомова 4-с кылаас үөрэнээччилэригэр сымнаҕас матырыйаалтан чороон оҥорорго уруок көрдөрдө. Ойуулуур — дьүһүннүүр предмет учуутала Александра Сергеева 8 кылаастарга Гризайл техникатын билиһиннэрдэ. Бөлөҕүнэн арахсан тутан олорон уруһуйга элбэх оҕо холонон көрдө. Алын кылаас үөрэнээччилэрэ сахабыт сирин кэрэ айылҕатын ойуулаан дьүһүннээн олус кыһаллан, боччумнанан олорон уруһуйдаатылар. Орто, улахан кылаас үөрэнээччилэригэр өбүгэбит төрүт иһитигэр натюрморт ойуулаатылар. Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар кубогынан, грамоталарынан, өйдөбүнньүк бириистэринэн бэлиэтэннилэр. Кыттыбыт оҕолор бары туоһу сурук, минньигэс тутан үөрдүлэр.

 

Христина СКРЯБИНА

Читайте дальше