Сатаҕайга дьоһун киһи дьоһун олоҕун кэпсиир кинигэ сүрэхтэннэ

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Сатаҕай нэһилиэгин историятыгар биир саҥа кинигэ сүрэхтэнэр дьоһун күнэ буолла. Кинигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун уонна Сатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Егор Шишигин төрөөбүтэ 65 сылыгар ананан таҕыста. Кинигэҕэ үөрэхтээһин эйгэтигэр айымньылаах үлэҕэ алтыспыт салайааччыларын, кэллиэгэлэрин, доҕотторун уруу-аймах дьонун ахтыыларынан үтүө киһи дьоһун олоҕо кэпсэнэр.


Кинигэ “Егор Антонович Шишигин Учуутал. Салайааччы. Аҕа сүбэһит” диэн ааттанан 200 экземплярынан Дьокуускай куоракка “Дани – Алмас”  кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн күн сирин көрдө. Кинигэ биир уратытынан “Амма чулуу дьоно” серия чэрчитинэн, “Амма улууһа” МО үбүлээһининэн таҕыста. Түгэнинэн туһанан эбэн эттэххэ биһиги улууспут дьаһалтата өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх кинигэни бэлэмнээн таһааттарар улуустар ахсааннарыгар киирэр. Онон биһиги улууспут дьаһалтата үйэлээҕи оҥорон таһааттарар кинигэлэрэ кэлэр кэнчээри ычакка хаалларар сүдү кылаата буолар уонна биһиги Аммабыт историятын үйэтитэр, тарҕатар биир улахан үлэтэ. Бу сүҥкэн улахан үлэни оҥороллорун биһиги олохтоохтор үрдүктүк сыаналыыбыт уонна киэн туттабыт.

Кинигэни Егор Антонович олоҕун аргыһа, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара”, “Барҕарыы” фонда стипендиата, 2006 сыл Российскай Федерация Президенин гранын кыайыылааҕа Галина Николаевна Шишигина уонна уола,  Российскай Федерация үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, В.Г.Короленко аатынан Амма бастакы нүөмэрдээх оскуола дириэктэрэ Юрий Егорович Шишигин хомуйан оҥордулар.

Кинигэ сэттэ түһүмэхтэн турар. Ол курдук  бастакы бас  “Үөрэх үксүүрүгэр өйгүт кыайарынан үлэлэһиҥ!” диэн Алампа тылларынан төбөлөммүт.  Манна Амма улууһун дьаһалтатын баһылыга Степан Кузьмин уонна Егор Антонович үлэтинэн алтыспыт улууспут салайааччыларын ахтыылара киирбиттэр.  Иккис баһа “Үлэ диэн дьол аргыһа, Олох үрдүк муудараһа” ( С.Данилов) диэн. Манна Егор Антонович өрөспүүбүлүкэбит араас оскуолаларыгар бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин истиҥ ахтыылара, үлэлээбит оскуолаларыгар үтүө өйдөбүлү хаалларбыта иһирэх тылынан киирбит. Егор Антонович салайааччы быһыытынан эдэр эрдэҕиттэн дьоҕурдааҕын, дириҥ билиилээх, ирдэбиллээх салайааччы буоларын үгүс киһи ахтар.  Үһүс бас  “Уһуйан үөрэппит Учуутал убайбар Эдэрдиир бэйэкэм Эрчимнээх сүрэхтэн . . . ( Н.Е.Мординов)” диэн. Егор Антонович оҕолору олус таптыыра, оҕолору кытта сатаан кэпсэтэрэ, биир тылы булара. Үөрэнээччилэрин олохторугар, ситиһиилэригэр олуһун үөрэрэ. Ол да иһин буолуо, Егор Антонович олоҕун 33  сылын оскуолаҕа анаатаҕа. Бу балаһаҕа оскуоланы араас сылларга бүтэрбит выпускниктар махталлара киирбиттэр. Төрдүс бас “Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ сүппэт”.  Бу түһүмэххэ кини дэгиттэр талааннаах салайааччы буолан оскуолабыт араас сылларга ылбыт ситиһиитэ, кини дьиэ кэргэнэ олохтообут лауреаттара, коллектив үлэһиттэрин туһунан уонна кыһыл, үрүҥ көмүһүнэн бүтэрбит үөрэнээччилэрбит испииһэктэрэ киирбит. Бэһис бас “Ытык ыал ыччата, төрүт дьон төрүөҕэ” диэн. Хас биирдии киһи удьуорун утумун билиэхтээх. Ол курдук, бу балаһаҕа Шишигиннэр аҕа уустара Эллэйтэн саҕалаан 17 үйэҕэ олоро сылдьыбыт Идэлгиттэн төрүттээхтэрин туһунан архыып матырыйаалыгар олоҕуран Егор Антонович сиэнэ Александр Шишигин эбэтин Галина Николаевнаны кытта төрүччүлэрин үөрэтэн суруйбут үлэлэрэ уонна бииргэ төрөөбүттэрин, хаан уруу аймах дьонун ахтыылара киирбит. Алтыс бас “Аҕабыт арыаллыыр-араҥаччылыыр таптала” диэн ааттаммыт. Манна   Егор Антонович тапталлаах кэргэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Галина Николаевна, кинилэр уолаттара уонна сиэннэрэ Алексей ахтыылара киирдилэр. Сэттис бас “Ким дьиҥнээх доҕордоох – ол дьоллоох” (П.Тобуруокап) диэн.

Туманнаахха муннахха –

Суолдьут сулус буолан кыыһар

Чулуу доҕор сүрэҕэ,

Доҕор ыраас сүрэҕэ.

(И.Гоголев)

Доҕор, дьиҥнээх доҕор диэн баар — дьылҕа киһиэхэ тосхойор саамай күндү бэлэҕэ. Үтүө санаалаах эрэ киһи эрэллээх доҕордоох буолар. Кинигэбит сэттис балаһатыгар Егор Антонович чугас доҕотторун, атастарын ахтыылара кини эйэҕэс-сайаҕас майгылааҕын, үгүс элбэх доҕоттордооҕун кэрэһэлииллэр.

Сүрэхтэнии бэлиэтэ күнүгэр эҕэрдэ тылларын Амма улууһун социальнай боппуруостарыгар баһылыгы солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, саҥа талыллыбыт Сатаҕай нэһилиэгин  баһылыга Алексей Шишигин,  улуус үөрэҕин салаатын салайааччыта Николай Ларионов, Абаҕа оскуолатын дириэктэрэ, СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ Людмила Александрова, СӨ үтүөлээх учуутала, доҕоро Авристон Петров, Амматааҕы лиссиэй саха тылын учуутала, СӨ үтүөлээх учуутала, Абаҕа оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит коллегата Мария Ноговицына, Хабаровскай куоракка бииргэ үөрэммит доҕоро Егор Сергеев уонна Егор Антонович кэнниттэн оскуоланы тутан хаалбыт, кини аатын үйэтитиппит дириэктэрбит Иванна Шишигина,  оҕолоро, сиэннэрэ, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо, хаан-уруу аймахтара, биир дойдулаахтара. Кэлбит ыалдьыттар Егор Антоновиһы кытта алтыспыт кэмнэрин истиҥ иһирэх тылынан аҕыннылар, үйэтитиигэ улахан дьоһун кинигэ тахсыбытын бэлиэтээн эттилэр, бу кинигэ үөрэхтээһин эйгэтигэр кэлэр кэнчээри ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, үлэттэн дьоллонон олоҕу көҕүлүүргэ олук буолуо диэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр уонна кинигэҕэ үлэлэспит дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр.

Амма улууһун управлениятын аатыттан  Николай Александрович  үөрүүлээх түгэҥҥэ кинигэ автордарыгар Галина Николаевнаҕа уонна Юрий Егоровичка “За вклад в развитие системы образования” бэлиэни туттарда. Кинигэ сурэхтэниитин Сатаҕай уопсай орто оскуолатын кэллэтиибэ ырыанан, үөрэнээччилэр үҥкүүнэн киэркэттилэр. Биир сонун эҕэрдэ нүөмэринэн Галина Николаевна эдэр сылдьан “Көрсүһүү үөрүүтэ” диэн суруйбут хоһоонугар Исидор Вафоломеев матыыптаан ырыа оҥорон таһааран биһиги үөрүүбүтүгэр Сардаана уонна Исидор Варфоломеевтар толорууларыгар саҥа ырыа сүрэхтэннэ. Ырыа табыллыбытын биллэрэн дьон-сэргэ дохсун ытыс тыаһынан уруйдаатылар.

Христина СКРЯБИНА

 

Читайте дальше