Сылгы куттаах Сатаҕай сиригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Амма улууһун ытык киһитэ, киэн туттуута, Социалистическай Үлэ Геройа сылгыһыт Тимофей Спиридонович Лукин төрөөбүтэ 110 сылын көрсө тохсус төгүлүн “Лукин ааҕыылара” ыытылынна.
Дьөһөгөй ыйын 15 күнүгэр Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатыгар Социалистичекай Үлэ Геройа Тимофей Лукин ааҕыыларын түһүлгэтигэр Аммабыт улууһун нэһилиэктэрин уонна ыаллыы сытар Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэнээччилэрэ муһуннулар. Ыҥырыылаах ыалдьыттар Амма улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччытын солбуйааччыта Татьяна Иванова, Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрэ Юрий Шишигин уонна кини солбуйааччыта Светлана Макарова эҕэрдэлэрин эттилэр. Кинилэр бэйэлэрин эҕэрдэ тылларыгар Амма улууһугар 4 Үлэ Геройа баарыттан биирдэстэрэ Сатаҕай түөлбэтиттэн, уһук сытар гынан баран, сүрдээх өҥ буордаах-быйаҥнаах дойдуга үлэлээн-хамсаан тахсыбыт Тимофей Спиридонович Лукин буоларын, биир дойдулаахтара кини аатын үрдүктүк тутарбытын бэлиэтээтилэр уонна маннык конференциялар аныгы тэтимнээх олоххо оҕо сайдыытыгар туһуланарын, сайдыыга кыаҕы биэрэрин тоһоҕолоон эттилэр. Сатаҕай модельнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ, бырайыак ааптара Анна Андреева эҕэрдэтин тириэрдэн туран, куруутун өйөбүл буолар нэһилиэкпит дьаһалтатыгар, спонсордарбытыгар эҕэрдэ суруктары туттарда.
Бырайыак ааптара Саха тылын уонна литературатын учуутала Галина Шишигина “Лукин ааҕыылара төрүттэммитэ 15 сылын устатыгар барыта 8 тэрээһини ыыттыбыт, бу тохсуспутун муһуннубут. Сүрүн сыалбыт-сорукпут — Тимофей Спиридонович Лукин аатын үйэтитии, саха норуота Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйэр култууратын оҕолорго билиһиннэрии, үлэһит киһи холобуругар Ийэ дойдуга тапталы иитии, тыа хаһаайыстыбатын идэлэрин кэрэхсииргэ туһаайыы буолар“ диэн этэр.
“Бастаан кыттан саҕалаабыт оҕолорбут билигин улахан дьон. Холобур, култуура үлэһиттэрэ, учуонайдар, учууталлар, быраастар о.д.а эйгэҕэ исписэлиис буолан үлэлии сылдьаллар, араас үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэллэр. Үгүс үөрэнээччилэр научнай-чинчийэр үлэҕэ бастакы холонуулара буолар. Кинилэр үлэлэрин учууталлар уонна төрөппүттэр салайан, конференцияҕа нэһилиэнньэ араас араңата кыттар. Оҕолор үлэлэрин оскуола үрдүк категориялаах опыттаах учууталлара, үөрэх управлениетыттан уонна Киин библиотекаттан методистар, кыраайы үөрэтээччилэр сыаналыыллар. Үчүгэй дакылааттар улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар “Кэскилгэ хардыы“ конференцияҕа кыттан эмиэ ситиһиилэнэллэр. Оҕону айымньылаах үлэҕэ туһаайыы – Ааҕыылар биир улахан соруктара буолар. Автордар сылгы туһунан өйдөбүллэрин, иһирэх иэйиилэрин уруһуйунан уонна хоһоон хомоҕой тылынан, хаартыскаларынан кэпсииргэ холоноллор. Ити курдук, Ааҕыыларбыт кэрэхсэбиллээх буоллунар диэн сырыы аайы тиэмэтин уонна форматын сонун оҥоро сатыыбыт. Оҕолор дьоҕурдарын, талааннарын, сатабылларын арыйарга туһаайар секциялар эмиэ баар буолаллар. Ааҕыылар актуальнай тиэмэлээх буолалларыгар кыһанабыт“ диэн этэр Галина Николаевна.
Т.С.Лукин аатынан СХПК исписэлииһэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Матрена Иванова үөрэн-көтөн туран Сатаҕайга үлэлээн ааспыт, үлэлии сылдьар чулуу үлэһиттэри сылаас тылынан аҕынна.
“Биһиги Сатаҕай олохтоохторо Дьоруойбутунан киэн туттуохтаахпыт. Оҕолор, эһиги Сатаҕайга төрөөбүт дьоллооххут, Дьоруойдаах сиргэ төрөөбүппүт, үөскээбиппит, олорорбут диэн үөрүөхтээххит. Эһиги үлэһит дьону ытыктааҥ, кинилэр олохторун үөрэтиҥ, дьоҥҥутугар көмөлөөх буолуҥ, үлэһит киһи баар сиригэр үлэһит дьоннор олороллор, онон эһиги үлэни таптааҥ уонна улахан салайааччылар тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээн буһан-хатан тахсыбыттарын умнумаҥ. Тоҕо диэтэргит сылгы иитиитэ, сүөһү көрүүтэ бу — олох оскуолата. Ханнык баҕарар дэриэбинэ сүөһүлээх, сылгылаах уонна ынахтаах эрэ буоллаҕына дэриэбинэ буолар. Сылгы алааска сылдьар буоллаҕына, кини төрөөн- ууһаан оҕолорун илдьэ сылдьар буоллаҕына, ол аата бу дэриэбинэҕэ дьон олорор“, — диэн Матрена Васильевна бэйэтин диэн этиитигэр оҕолорго туһаайан санаатын тириэртэ.
Лукин ааҕыылара – Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын уонна нэһилиэк модельнай бибилэтиэкэтин кыттыгас бырайыактара буолар. Быйылгы тэрээһин Үлэ Дьоруойа төрөөбүтэ 110 сылын көрсө Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр – Оҕо саас, Амма улууһугар — Олоҥхо сылларын иитинэн ыытыллынна. Ааҕыылар биэс секциянан. Ол курдук бастакы секция. “Үлэ Дьоруойдара – сылгыһыттар бастыҥ дьон“, иккис секция “Мин төрдүм-ууһум“, үһүс секция “Алаас ааттаах, дойду сурахтаах“, төрдүс секция “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо хамсааһыннара“ , бэһис секция “Амма олоҥхото“. Оҕолор секцияларынан көрөн дакылааттарынан, бырайыактарынан кытыннылар.
“Киһи олорон ааспыт олоҕо история буоллаҕа дии, оҕолор билиэхтээхтэр, үөрэтиэхтээхтэр. Лукин ааҕыыларын кэтээн көрөбүт. Тематыттан көрөн кыахпытынан кыттабыт. Бу сырыыга „Алаас ааттаах, дойду сурахтаах“ уонна „Үлэ Дьоруойдара – сылгыһыттар бастыҥ дьон“ секцияларга кытынныбыт. Мин бэлэмнээбит оҕом куоракка ыытыллыбыт „Инникигэ хардыы“ НПКҕа кыайыылаах буолан, Бүтүн Арассыыйатааҕы конференцияҕа Москваҕа бараары сылдьабыт. Улахан конференцияҕа барарбытыгар бэлэмнэнии да курдук диэххэ сөп уонна бэйэбит үлэбитин көрдөрөөрү, кэпсээри кэллибит. Олус үчүгэй тэрээһин буолла, кэлэн кыттарбытыттан олус астынабыт“, — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин педагога, норуот маастара Туйаара Егорова санаатын үллэһиннэ.
Аммабыт улууһугар араас элбэх тэрээһиннэр буолларынан сибээстээн үгүс оскуолалар кытта кэлбэтилэр да буоллар, быйылгы конференция бэйэтин сыалын ситистэ диэн бэлиэтиибит. Барыта 32 дакылааты дьүүллүүр хамыыһыйа көрдө-иһиттэ. Оҕолор кыра кылаастан төрүччүлэрин умсугуйан үөрэтэллэрин, историяны интэриэһиргииллэрин, дакылааччыттар саҥалара-иҥэлэрэ ырааһын, тупсаҕайын, оҕо бэйэтэ холкутук саҥарарын-иҥэрэрин хамыһыйалар бэлиэтээтилэр.
Конференция биир сүрүн ситиhиитэ – оҕо үлэтин түмүгүнэн астынар, бэйэтин ситиhиитинэн киэн туттар усулуобуйата үөскүүр. Ол курдук кыайыылаахтар анал дипломнарынан наҕараадаланан, өйдөбүнньүк бэлэхтэри тутан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Христина СКРЯБИНА