Сатаатахха кэлэр ыйтан хортуоппуй амсайыахха сөп

Эмис нэһилиэгин сатабыллаах хаһаайката Матрена Тимофеева оҕуруотунан, түргэнник ситэр салаанан дьарыктаммыта балайда буолла. “Улахан баҕа санаалаах, сүрэхтээх буоллахха, туох барыта сатанар” диэн этэр нэһилиэк биир иннигэр уктар далбара. Сорох дьон оҕуруоттарыгар үнүгэстэрин саҥардыы олордон, эбэтэр олох да илиилэрэ тиийбэккэ сылдьар буоллаҕына, Матрена Николаевна оҕуруотугар сайын ортолообут курдук.


“Мин оҕуруотум үлэтигэр этэргэ диэри саҥа дьыл бүтээтин кытта дьарыктанан, толкуйдаан барабын. Ол курдук холобура хортуоппуйбун олунньу ыйга сырдыкка таһаарабын. Ол кэнниттэн араскыта таҕыста да, кулун тутар бүтүүтэ, муус устар саҥата буорга олордобун. Онон үнүгэһинэн олордулларыгар, кыра бытархай астаах буолар.

 

Маннык үнүгэһи олордон атыылыыбын. Онтон бэйэбитигэр үс сүүсчэкэ угу олордобут. Манна барытыгар дьиэ кэргэнинэн ылсан үлэлиибит. Соҕотох киһи кыайбат үлэтэ. Үнүгэһинэн олордуллубут хортуоппуйу от ыйын саҥатыгар сиибит”, — диэн Матрена Николаевна кэпсиир.

Билэргит курдук бу соторутааҕыта үөйбэтэх-ахтыбатах өртүттэн 1-2 кыраадыс тымныы хаһыҥ түспүтэ. Өссө сорох сиргэ букатын да биэдэрэлээх уу үрдэ чараас гына тоҥмута. Дьэ бу хаһыҥҥа Тимофеевтар хайдах оҕуруоттарын быыһаатылар, чуолаан хортуоппуйу?

«Дьэ манна  күүстээх үлэ барбыта. Киэһэ олус тымныйан, хаһыҥныыра биллибитэ. Онон хас биирдии хортуоппуйбут угугар медицинскэй бэргэһэлэри кэтэрпиппит уонна үрдүнэн өссө лутрисил матырыйаалынан саппыппыт. Туох да буолбатахтар”, — диэн сатабыллаах оҕуруотчут хаһыҥтан көмүскэнэр ньыманы сэгэттэ.

Билигин Тимофеевтар олбуордарыгар киирэн оҕуруоттарын көрдөххө, хайдах эрэ сайын ортото буолбут курдук. Ол курдук барыта үүнэ-силигилии турар. Хаһаайка оҕуруот маннык ситэрэ, эрдэттэн үнүгэһи кытта үлэлииртэн, саамай кылаабынай сүрэҕэлдьээбэккэ, оҕуруоккар чугас киһин курдук сыһыаннаһан көрөр буоллаххына ситиһиллэр диир. Ону сэргэ оҕуруот олордуутугар бука бары дьиэ кэргэнинэн күргүөмнээхтик, түмсүүлээхтик үлэлиэххэ наада.

Оҕуруоппар кэргэним Авдей Данилович улахан күүс-көмө. Баҕарбыт теплицабын, хоруудалары, иһиттэри оҥорор. Ону кытта оҕолорум илии-атах буолан кыайа тутабыт. Ол түмүгэр күһүн кыһыны быһа сиир битэмииннээх бэйэ аспыт баар буолар. Өлгөм үүнүүнү ыларга бэлэм уоҕурдуу эрэ буолбакка, кыһын устата бэйэм эмиэ уоҕурдуу оҥоробун. Ол курдук холорбура куурусса сымыытын хаҕын хатаран, үнтү сынньан мунньабыт. Ону сэргэ ити пакеттаах чэй тобохторун, мас күлүн, эргэ опилканы, ханна да бырахпакка эмиэ хас биирдии оҕуруот аһын олордуллар лууҥкатыгар кутан буору уоҕурдабыт, туһаҕа таһаарабын”, — диэн Матрена Николаевна ситиһии төрдүн билиһиннэрэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше