Улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар улуус дьахталларын Сэбиэтэ сүбэ мунньаҕын ыытта. Мунньах дьахталлар хамсааһыннарыгар улахан кылааттаах, Прасковья Емельянова төрөөбүтэ 60 сылыгар ананна. Бу тэрээһиҥҥэ улуус дьахталларын Сэбиэтин саҥа бэрэссэдээтэлин билиһиннэрдилэр.
Мунньаҕы улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова салайан ыытта. Кини үлэ былаанын торумнуох, дьүүллэһиэх иннинэ нэһилиэк дьахталларын кэмитиэтин салайааччыларыгар, уопсастыбаннай түмсүүлэр лидэрдэригэр роза сибэкки дьөрбөтүн туттаран, хас биирдиилэригэр махтал тылларын этэн, уратыларын бэлиэтээтэ.
Ол курдук Амматтан Надежда Кузьмина, Бөтүҥтэн Татьяна Сутакова, Мээндигиттэн Светлана Попова, Чакыртан Дария Лукина, Покровкаттан Раиса Бунтовская, Болугуртан Мария Пермякова, Амма Наахараттан Сардана Лебедева, Эмистэн Мирослава Иванова, Сатаҕайтан Анна Окорокова, “Подруги -Дьүөгэлэр” аһаҕас форум Амма улууһугар куратора Любовь Заварзина, “Үһүс көлүөнэ оскуола” салайааччыта Наталья Дьячковская, “Автоледи” түмсүү салайааччыта Наталья Шишигина, улуус бааһынайдарын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александра Цыпандина, “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Амма улууһугар салайааччыта Оксана Архипова ааттара дуорааннаахтык, махтал тылларынан этилиннилэр. Кинилэр улууска, нэһилиэктэригэр кэрэ аҥардары хамсаталлар, төһүү күүс буолаллар. Дьахталлар күүстээх хамаандалара улууска ыытыллар бары тэрээһиннэргэ эрэ буолбакка, кини олоҕор ураты оруоллаахтар. Биир да бэлиэ түгэн кэрэ аҥардар кыттыыта суох барбат. Нюргуяна Ивановна мунньах кыттыылаахтарыгар улуус дьахталларын Сэбиэтин саҥа бэрэссэдээтэлинэн эдэр, эрчимнээх, саамай кылаабынай үлэлииргэ баҕалаах Алена Семенова талыллыбытын иһитиннэрдэ.
“Алена Анатольевна дьахталлар хамсааһыннарыгар хантан эрэ түһэн кэлбит киһи буолбатах. Бу иннинэ Сэбиэт эдэр ыччатын блогар үлэлээбитэ. Кини үлэлииргэ сөбүлэстэ эрэ буолбакка, саамай кылаабынайа үлэлииргэ улахан баҕалаах. Тоҕо диэтэр баҕа баар буоллаҕына, үлэ да түмүктээх буолуоҕа. Онуоха Сэбиэт ыытар үлэтигэр нэһилиэктэргэ баар бары кэмитиэттэр, түмсүүлэр күүс-көмө, сүбэ-ама буолуохтаахтар. Бары бииргэ үлэлэтэхпитинэ эрэ, кыайыылаах уонна үлэбит таһаарыылаах буолуо”, — диэн Нюргуяна Ивановна санаатын үллэстэр.
Бу мунньахха Алена Анатольевна сыл устата ханнык-туох үлэлэр былааннаммыттарын билиһиннэрдэ. Былааны бары истэн баран, бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр. “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын чилиэнэ, “Үлэ аргыстаах эдэр саас” бырайыак куратора, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Галина Бочугурова дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ норуот педагогикатыгар олоҕуран оҥоһуллубут концепциятын билиһиннэрдэ.
“Бүгүн Сэбиэппит сыллааҕы былаанын дьүүллэһэн бастакы мунньахпыт буолан ааста. Ол курдук, улууспут дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэлэрин кытта сыллааҕы былааммытын ылынныбыт. Онно бары көхтөөхтүк кыттан, уопуттарын үллэстэн элбэх эбии, саҥа көрүү этиилэр киирдилэр. Быйылгы сүрүн күүспүт дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо аймахха уонна биллэн туран Олоҥхобут ыһыаҕын тэрээһиннээхтик ыытыыга туһуланыа. Ону сэргэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөбүт тохтообот. Мунньахха кэлбит кэрэ анардарбар, Далбар хотуттарбар биир ньыгыл буолан түмсэн таһаарыылаах үлэни, дьыаланы оноруохпут диэн ыҥырыыны ылынан кэлбиккитигэр махталбын тириэрдэбин. Дьахталлар түмсүүлэрэ чахчы да сүдү күүс буоларын бу күн өссө төгүл бигэргэттибит”, — диэн этэр улуус дьахталларын Сэбиэтин саҥа салайааччыта Алена Семенова.
“Амма олоҕо” хаһыат