Семинар социальнай хантыраак уларыйыыларыгар туһуланна

 Амма улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар нэһилиэктэр баһылыктарын солбуйааччыларыгар уонна социальнай боппуруостарга үлэлэһэр исписсэлиистэргэ анаан социальнай хантыраакка саҥа уларыйыылар тустарынан семинар ыытылынна. Туох уларыйыылар киирдилэр?

Семинары Амматааҕы социальнай көмүскэл кэлим киинин үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бастатан туран, киин салайааччыта Любовь Дорофеева истиҥ эҕэрдэтин кытары Махтал суруктары уонна өйдөбүнньүк бэлиэлэри нэһилиэнньэни кытары көдьүүстээхтик үлэлэһэ олорор нэһилиэктэргэ ытыс тыаһын доҕуһуолунан туттартаата. Ол курдук  баһылык солбуйааччылара Соморсунтан Надежда Белолюбская, Сатаҕайтан Андрей Аммосов, Алтантан Татьяна Атласова уонна  Бөтүҥ нэһилиэгин социальнай боппуруостарга кылаабынай исписсэлииһэ Тамара Давыдова  бэлиэтэннилэр.

Любовь Ивановна үүммүт сылга улуус үрдүнэн социальнай хантыраак кубуотатын билиһиннэрдэ. Социальнай хантыраак 4 хайысхатыгар, ол иһигэр: дьарыктаах буолууга 10 (1 068 735 солк.), бэйэ дьыалатын арыныыга – 24 (12 000 000 солк.),  кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга – 18 (9 000 000 солк.), үп-харчы өттүнэн ыарахан балаһыанньаттан тахсыыга – 11 (1 645 050 солк.), онон, уопсайа 23 мөлүйүөн 713 тыһыынча 785 солкуобай суумалаах харчы нэһилиэнньэҕэ көмө-өйөбүл быһыытынан ороскуоттанара күүтүллэр.

2024 сылга уларыйыылар тустарынан киин кылаабынай исписсэлииһэ Наталья Федорова билиһиннэрдэ. Сыллата социальнай хантыраак нөҥүө көмө көдьүүстээҕэ көстөн, ааспыт сыл алтынньытыттан  бэриллэр суумма 500 000 сокуобайга диэри үрдээтэ. Арассыыйа бырабыытылыстыбатын 2023 сыл сэтинньи 16 күнүгэр ылыныллыбыт 1931 нүөмэрдээх уурааҕар олоҕуран бу сылтан социальнай хантыраакка кыттааччылар сайаапка биэрэн баран тургутууну ааһыахтаахтар. Ону аастахтарына биисинэс былааннарын көмүскүүллэр. Сайаапкалары нэһилиэктэр олохтоох дьаһалталарын нөҥүө биэрэннэр, тургутуулары Амматааҕы социальнай көмүскэл киинигэр киирэн сирэй көрсөн олороннор туттарыахтаахтар. Маныаха социальнай хантыраакка кыттааччы судаарыстыбаннай өҥөлөргө (Госуслуги) киирэр логинын, паролун билэр буолуохтаах, бу өҥөлөр нөҥүө интэриниэт сайтыгар утаарыллан туттарара ирдэнэр. Тургутук (тест) 45 боппуруостаах буолар. 60 мүнүүтэ, ол эбэтэр биир чаас бэриллэр. 35%-тан намыһаҕа суох, эппиэттэрэ сөп дьон тургутугу ааспытынан ааҕыллаллар. Боппуруостар сүрүннээн урбаанньыт буоларга бэлэми быһаарар хайысхалаахтар. Ол курдук, дохуот, ороскуот, нолуок, бэйэ дьарыктаах буолуута (самозанятость) уо д.а. маныаха атылыы тиэмэлэргэ сыһыаннаах эбит. Бу тургутугу олоххо биирдэ эрэ бараллар. Өскөтүн тургутугу сатаан ааспатахтар тугу гыныахтарын сөбүн туһунан «Мин биисинэһим» киин сэбиэдиссэйэ Александра Николаева бэрт өйдөнүмтүөтүк быһааран кэпсээтэ. Социальнай хантыраакка кыттыан баҕалаах дьон тургутугу кыайан ааспат түгэннэригэр, биитэр тургутук барыахтарын иннинэ билиилэрин чиҥэтэ таарыйа бу тэрилтэҕэ, эбэтэр туһааннаах министиэристибэҕэ босхо үөрэҕи ааһыахтарын, дастабырыанньа ылыахтарын сөп. Оччотугар хамыыһыйа көрүүтүгэр киирэн биисинэс былааннарын көмүскүүллэригэр кыах бэриллэр.

Инники сылларга социальнай хантыраак көмөтүнэн туһаммыт дьон отчуоттара хайдах-туох баран иһэрин туһунан улуустааҕы киин социальнай төлөбүргэ салаатын салайааччыта Ольга Осипова билиһиннэрдэ. Хантыраак баттаспыт дьон ыйдааҕы дохуоттарын, ороскуоттарын отчуотун таһынан, судаарыстыбаннай көмө төһө көдьүүстээхтик туһаныллан, дьиэ-кэргэн, биитэр соҕотох олорор киһи олоҕун уйгута көммүтэ, кыаммат-түгэммэт араҥа ахсааныттан тахсыбыта кэтээн көрүллэр. Маныаха, социальнай көмүскэл кэлим киинин кытары ситими олохтооччулар нэһилиэктэр дьаһалталара буолаллар. Социальнай хантыраагынан киһи олоҕор уопсайа иккитэ эрэ туһаныан сөп эбит буоллаҕына, иккистээн ыларыгар бу ирдэбиллэр туһааннаахтык тутуһуллубуттара учуоттанар.

Онон, төгүрүччү туһалаах семинар буолан ааспыта саарбаҕа суох. Судаарыстыба кыаммат араҥаҕа көмөтө сыллата эбиллэн иһэриттэн нэһилиэнньэ үөрэрэ муҥура суох. Ол да буоллар, көмө ирдэбиллэрин тутуһууну, көдьүүстээхтик туттууну ким да көтүрбэтэҕин умнар сатаммат.

Татьяна АТЛАСОВА

Читайте дальше