Сэргэх тэрээһиҥҥэ оскуола барыта кытынна

Эмис  орто оскуолатыгар Таҥха күнэ ыытылынна. Бу  тэрээһини 6 кылаас үөрэнээччилэрэ кылаас салайааччыта Анетта Гаврильеваны кытта былааннаан кыайа туттулар.

Таҥха быраабылатын уонна кинигэнэн билгэлэнии туһунан төрүт культура учуутала Иванова Валентина Ивановна кэпсээтэ. 6 кылаас оҕолоро, төрөппүттэрэ, кылаас салайааччыта Таҥха оонньуулары оонньотон кыайыылаахтарга уонна кыттыбыттарга минньигэс бириистэри туттардылар.

Эмис эйэҕэс эбэлэрэ Уварова Маргарита Гаврильевна, Бубякина Прасковья Романовна, Устинова Туяра Петровна оскуола кыргыттарын кытары алгыстаах алаадьы араас көрүҥүн астаан оҕолору күндүлээтилэр.

Алын кылаас оҕолоругар көрдөөх старт ыытыллыбыта.

Түмүккэ таҥха туһунан киинэ көрдүбүт.

Бу  курдук, учууталлар, үөрэнээччилэр астына оонньоон, элбэҕи билэн, эбээ алаадьытынан күндүлэнэн, киинэ көрөн тарҕастыбыт.

Маны сэргэ, оҕолорго «Арай биирдэ…» диэн кутталлаах түбэлтэни кэпсээн видео устууга уонна «Таҥха кэмэ» диэн темаҕа дьиэ кэргэнинэн уруһуй күрэхтэрэ ыытылыннылар. Суруйуубун, Маргарита Гаврильевна Уварова-Кулуһун бу күҥҥэ кэлиэн иннинэ, айбыт хоһоонунан түмүктүүбүн:

Өбүгэм үгэһин

Сиэрэ-туома

Алгыстаах алаадьы

Алааһы тунуйар алыптаах

Алаһа дьиэни арчылыыр аналлаах

Аал уоту-Хатан Тэмиэрийэ

Бырдьа бытык

Тойон Эһэкээбитин

Аан Алахчын Хотуну

Күндүлүүр үгэстээх,

Сахам алаадьыта

Алгыска туттуллар

Аналгын

Күүскэ итэҕэйэн

Эппитигэр хааммытыгар иҥэрэн

Илдьэ сылдьабыт.

Дьоро күҥҥэ

Кэрэ кэмҥэ

Умнубаппыт

Алгыстаах алаадьыбытын

Утары уунаммыт

Сиэрбитин-туоммутун толорон

Сахабын диэн

Толору курдук сананабыт…

Эрчим Николаев, Эмис орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.

Читайте дальше