Амма улууһугар сиилэс бэлэмнээһинин былаана туолла. Сенаж оҥоруутун былаана 69,13 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.


Быйылгы  сиилэс бэлэмнээһинин былаана туолла. Ол курдук улуус үрдүнэн 1900 тонна сиилэс уонна 1300 тонна сенаж бэлэмнэниллиэхтээх этэ. Бу былааннары толорууга Абаҕаҕа Строд аатынан, Бөтүҥҥэ “Бөтүҥ” ТХПК, Соморсуҥҥа “Соморсун” ТХПК, “Үрүйэ” ТХПК, Сэргэ Бэскэ ИП “Фомин К.М”, Чакырга “Кэскил” ХЭТ, Сатаҕайга Лукин аатынан хаһаайыстыба үлэлииллэр. Балаҕан ыйын 12 күнүн туругунан сиилэскэ былаан 105,26 бырыһыан, сенажка 65,6 бырыһыан туоллулар. Маныаха тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар  800 тонна оннугар 553 тоннаны оҥорон былааннарын 69, 13 бырыһыан, бааһынай хаһаайыстыбалар 500 тонна былааннаахтарын 300 тоннаны бэлэмнээн, былааннарын 60 бырыһыан толордулар. Кураан күннэр турдулар да, үлэ салгыы барыа.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше