«Ситим» лааҕыр аҕам саастаахтары ситимниир

Амма Наахараҕа иккис сылын Аҕа саастаах дьоҥҥо аналлаах «Ситим» чэбдигирдии лааҕыра үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Сайыҥҥы 10 күннээх лааҕыры улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрэ тэрийдэ. Улуустааҕы бэтэрээннэр  Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Романовна Захарова көҕүлээһининэн быйыл тоҕус сэрии сылын оҕолоро уонна  сэттэ үлэ бэтэрээнэ сынньанна. Кэрэ айылҕалаах Амма Наахара нэһилиэгэр ытык-мааны дьоммут түмсэн, бэйэ бэйэлэрин кытта сэһэргэһэн, санааларын атастаһан, ааспыты ахта санаан күүс-уох ылыннылар. Ол курдук Эмистэн, Дьокуускайтан, Чапчылҕантан, Болугуртан, Амматтан, Амма Наахараттан, Сунтаартан, Алдантан араас сылларга күүстээх үлэни үлэлээбит, салайааччынан да, хары күүһүнэн да үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит, олоххо куруутун көхтөөх көрүүлээх кырдьаҕастар кэлэн уруккуну — хойуккуну ахтыһан, араас күрэхтэргэ кыттан астына сынньаннылар. Уһун үйэлэнии бастатан туран доруобуйаттан, дуоһуйууттан, чугас дьоҥҥун кытта элбэхтик алтыһыыттан, хамсаныыттан, үгүс үтүө санааттан турара саарбаҕа суоҕа. Медик идэлээх Марианна Чен сынньанааччылары сарсыарда аайы 7 чаастан сэрээккэлэтэн, күҥҥэ иккитэ давленияларын мээрэйдээн, араас массажердарынан уҥуохтарын, эттэрин — сииннэрин чэбдигирдэри ситистэ. Сынньанааччылар минньигэс астаах повардар Мария Захарова, Любовь Черепанова буһарбыт тотоойу минньигэс астарын аһаан, ыйааһын эбинэн дуоһуйа сынньаннылар. Ыраас туттуулаах кыргыттар иккис сылын үлэлиир Ульяна Лубинец уонна Лиана Александрова аҕам саастаахтары көрөн — истэн, иһиттэрин — дьиэлэрин сууйан — сотон ыраас сынньалаҥы тэрийэри ситистилэр. Иллэҥ кэмнэригэр ааспыты санаан, остуол оонньууларынан оонньоон, доҕоттордуун сэһэргэһэн 10 күннэрин билбэккэ хааллылар.

Маннык бырайыактар үлэлииллэрэ үчүгэй буолуо этэ. Бу үлэ сайдан инникигэ кэскиллээх буолуон сөп. Аҕа саастаах дьоммут бу лааҕырга кэлэн көхтөөхтүк кыттыбыттарыттан олуһун үөрдүбүт. 4 бэтэрээн иккис сайыннарын кэллилэр, ол аата былырыыҥҥы үлэбит сыаналаннаҕа. Үөрэбит эрэ, лааҕырбыт ситимэ быстыбакка өссө бөҕөргөөн сыллата элбэх дьону түмэ турдун. Бу тэрээһиммит ыытыллыытыгар көмөлөспүт
дьоммутугар бука барыларыгар махтал тылларын аныыбыт. Бэйэлэрин кэмнэригэр үлэ бөҕөтүн үлэлээбит аҕам саастаах дьоммут сэргэхсийэн, үөрэн барбыттарыттан үлэһиттэр олус үөрэбит”, — диэн этэр лааҕыр салайааччыта, «Дуораанчык» уһуйаан сатабыллаах салайааччыта Полина Петровна Кононова.

Сынньанааччылары көрсөн ирэ-хото кэпсэттим. Өнньүөстэн төрүттээх Амма олохтооҕо Россия Бочуоттаах донора, Саха сирин спордун бэтэрээнэ, «Гордость Амги» бэлиэ хаһаайына, Амма Наахара нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Алексей Николаевич Матвеев:

«Быйыл дойдубар Аҕа саастаахтар лааҕырдарыгар иккис сылбын дуоһуйа сынньанным. Сыл ахсын лааҕыр хайысхатыгар үчүгэй өттүгэр элбэх уларыйыылар киирэллэрэ тута харахха быраҕыллар. Үлэ бэрткэ аттарыллан ыытылларыттан үөрэбин. Быйыл атын улуустан сынньанааччылар кэлбиттэрэ олус үчүгэй. Бэйэм массыынабынан сылдьар буолан Амма эбэбит сылаас уутугар дьону таһан сөтүөлэттим, билэр дьоммун көрсөн бодоруһан астынным. Эдэр сааспар алтыспыт, оҕо сааһым кумирын Давыд Николаевич Софроновы көрсөн, спортка биир тэҥ интириэстээх дьон буоларбытынан ирэ-хото кэпсэппит кэмнэрим бэйэбэр элбэх өйдөбүлү хаалларда, ааспыт эдэр саас кэмнэрин санатта. Бириэмэ тиийбэт үлүгэрэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Өнтө хайатыгар олохтоох дьаһалта баһылыга Захар Александров бэйэтинэн илдьэн алгыстатан аҕалбыта нэһилиэгим гинникилээх эбит диэн толкуйу, эрэли үөскэттэ. Дьаамалаах сиригэр оҥоһуллубут «Дыгын Дархан» киинэ кириэппэһин көрөн лааҕыр сынньанааччылара үөрбүттэриттэн бэйэм да астынным. Боҕоруоскай от, кытыан хомуйбуппутун үлэһит кыргыттар хатаран бэйэбитигэр түҥэттилэр. Өнньүөскэ төрөөбүппүнэн киэҥ тутуннум«.

Саха сирин физкультура уонна спорд Үтүөлээх үлэһитэ, Россиятааҕы «Урожай» спортивнай общество Бочуоттаах үлэһитэ, «Гордость Амги» бэлиэ хаһаайына, Болугур нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Давыд Николаевич Софронов:

«Лааҕырга олус астына сынньанным. Бииргэ төрөөбүт бырааппынаан Валерийдыын сынньанным. Үгүс биир дойдулаахтарбын Аммалары кытта алтыһан үөрдүм. Манна Амма улууһун биллэр спортсменын, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо улууска бастакынан олорон эрэ волейбол оонньууну киллэрбит Алексей Матвеевы көрүстүм. Спорт түһүүлээх, тахсыылаах киирсиилэрин туһунан элбэҕи санаан аастыбыт. Билигин олох сайдыытынан спорт эмиэ элбэх дьон көрүүтүгэр тахсара сөптөөҕүттэн үөрэбин. Хайыһар, чэпчэки атлетика, тустуу мин сөбүлээн дьарыктаммыт көрүҥнэрим этэ. Оройуон чиэһин элбэхтик көмүскээбитим. Лааҕырга үлэһит кыргыттар элэккэйдэрин, киһиэхэ истиҥ сыһыаннаахтарын сөбүлээтим. Эчи аһыыр аспыт минньигэһэ, тотоойута сүргэни көтөҕөр. Сайын төрөөбүт дойдуга сынньаныы туохтан да күндү буоллаҕа«.

Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ, Россия уонна Саха сирин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Бөтүҥ, Чапчылҕан нэһилиэктэрин уонна Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Чурапчы көһүүтүн кыттыылааҕа, Саха сирин «Ытык сүбэтин» Бочуоттаах чилиэнэ, Үлэ бэтэрээнэ Анатолий Дмитриевич Афанасьев:

«Лааҕырга сылдьыбыппын олуһун астынным. Тэҥ саастыы дьоннорбун көрсөн кэпсэтэн — ипсэтэн ааспыты саныырга наһаа үчүгэй күннэр аастылар. Араас спортивнай күрэхтэр ыытылыннылар. Үлэ Геройа Петр Ионович Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын иһинэн үлэлиир музейга сырыттыбыт. Саҥа таас уһуйааны көрдүбүт, билиҥҥи үйэҕэ сөп түбэһэр тутуу ыытыллыбытыттан олуһун үөрдүм. Бириэмэни аттаран сөптөөх үлэ ыытыллыбыта таһаарыылааҕыттан сөхтүм. Бириэмэ олох биллибэккэ ааста. Бэйэбит кэммитигэр араас үлэҕэ хатарыллыбыт дьон оҕолуу мэниктээн, ыллаан — туойан, кэпсэтэн — ипсэтэн бэрт сайын ааста. Эһиил эмиэ этэҥҥэ сылдьан кэлэн сынньанан, доҕоттордуун көрсүбүт киһи бэрт буолуо этэ«.

Иккис сылын Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун уонна Болугур нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Мария Васильевна Софронова сынньанан үгүс тэрээһиннэри тэҥҥэ тэрийсэн улахан суолталаах үлэни ыытыһар. Мария Васильевна дьону кытары үлэлиир уопутун күүһэ сыллата уоттуу күөдьүйэрэ киһини сөхтөрөр, сынньалаҥ интириэһинэйдик ааһарын көҕүлээччи быһыытынан хайаан да ситиһэр.

«Сотору Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиибит. Аҕам саастаах дьонугар, пенсионердарга, Үлэ бэтэрээннэригэр Амма улууһун салалтата улахан болҕомтону сыллата ууран быйылгы сылга лааҕырга сэрии сылын оҕолорун сырытыннардыбыт. Саамай кырдьаҕаспыт 87 саастаах, эдэрбит 67 саастаах Үлэ бэтэрээннэрэ сынньаннылар. Лааҕырга күүс-көмө буолар Амма улууһун баһылыгар Степан Николаевич Кузьмиҥҥа, «Дуораанчык» уһуйаан кэлэктиибигэр, дьиэтин — уотун уларсар Амма Наахара оскуолатын кэлэктиибигэр, өрүү биһигини өйүүр олохтоох дьаһалтаҕа, нэһилиэк тэрилтэлэригэр барҕа махтал тыллары этэбин. Доруобай, актыыбынай уһун үйэлэнии лааҕырыгар тирэх буолбут спонсордарбытыгар урбаанньыттарга Кирилл Сергеевич Боярскийга, Альбина Александровна Аммосоваҕа, Өрөспүүбүлүкэтээҕи профсоюзнай олоҕу хааччыйыы тэрилтэ бэрэссэдээтэлигэр Сергей Егорович Анисимовка лааҕырга эти — хааны эрчийэр араас эмтиир, илбийэр тэриллэри ыларга күүс — көмө буолбуккутугар улахан махталбын тиэрдэбин», — диэн Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Романовна санаатын үллэстэр.

Лааҕыр сабыллыытын дьоро күнэ тиигинээн кэлэн бэрт сэргэхтик ааста. Манна күндү ыалдьыттарынан Амма улууһун баһылыга Степан  Кузьмин, Амма Наахара нэһилиэгин баһылыга Захар Александров, баһылык солбуйааччыта Сахаяна  Михайлова, нэһилиэкпитигэр ытыктабылы ылар «Чэлгийээнэ» эбээлэр түмсүүлэрэ буоллулар. Бу күн лааҕыр тухары хамаанданан арахсыбыт дьоммут кэрэ эйгэ күрэҕэ сэргэхтик кытыннылар. Манна хамаандалар аат уонна девиз толкуйданан, ырыа ыллаан, үҥкүлээн, хоһоон ааҕан, муода көрдөрөн, бэл фольклорга күрэхтэстилэр. Лааҕыр үлэлиирин тухары спортивнай күрэхтэргэ дуобакка 1 миэстэни Захарова Татьяна Иннокентьевна, 2 миэстэни Давыдов Иван Иванович ылбыттар. Мохсуоҕа дьахталларга Алдантан сылдьар Неустроева Мария Васильевна, эр дьоҥҥо Софронов Валерий Николаевич тэҥнээхтэрин булбакка кыайыы өрөгөйүн билбиттэр. Хабылыкка Алексей Николаевич Матвеев 1 миэстэни, Неустроева Прасковья Семёновна 2 миэстэни, Дьячковская Екатерина Александровна 3 миэстэни ылан үөрбүттэр — көппүттэр. Хаамыскаҕа Алексей Николаевич Матвеев уонна Неустроева Мария Васильевна бастаабыттар. Неустроева Прасковья Семёновна бэрт кыранан 2 миэстэҕэ таҕыста. Бу күн лааҕырга сынньанааччылар быстах кэмҥэ мобилизацияҕа сылдьар буойуттарга 50 устуука боҕоруоскай от, кытыан кутуллубут мөһөөччөгүн туттардылар. Улууска ыытыллар «Дьулуур» спортивнай спартакиадаҕа 22 устуука Амма киэргэлэ «Сардаана» брошь оҥорон бэлэх уунан бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр. Махтал суруктар туттарылыннылар. Нэһилиэк баһылыга Захар Александров «Амма Наахара нэһилиэгэ сэрии сылларыгар» кинигэни сынньанааччыларга бэлэх туттартаата. Дьоро киэһэ бэтэрээннэр ырыа-тойук бэлэхтээтилэр. Истиэхтэн күүстээх куоластаах Николай Литвинцев «Ньургун Боотур олоҥхоттон» быһа тардан туойуута, бэйэтэ суруйбут хоһооно, Анатолий Афанасьев «Эҕэрдэ ырыата», Люция Васильева «Цыганочка» , Февронья Петрова «Индийскай» үҥкүүлэрэ, Чэлгийээнэ ырыа вокальнай ансаамбыл эҕэрдэ ырыалара биһирэбили ылыахтарын ыллылар. Лааҕыр сыл ахсын үлэлиирэ буоллар диэн баҕа санаалаах «Ситим-2» сынньанааччылара эмиэ да үөрэн, эмиэ да хомойон тарҕастылар.
Самаан сайын 10 үтүө күнүн бэйэ доруобуйатыгар, бэйэ сынньаланыгар туһаайан сылаас сайыҥҥы күннүүн кэрэни саҕа, саҥаны айа «Эһиил көрсүөххэ диэри!» диэбиттии сылаас салгынан сипсийэн, үтүө тыынынан илгийэн сайыһа хаалла.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше