Алта ыйдаах ыт оҕотун таайым Көстөкүүн Алдан Учуруттан аҕалбыта. Албын баҕайы күөхтүҥү харахтаах, чэрэгэр кулгаахтаах, хараҥа сиэрэй мэҥнэрдээх, токур кутуруктаах, кылгас түүлээх, уһун атахтаах бэрт сэргэх көрүҥнээх ыт оҕото этэ. Биһиэхэ кэлбитин иккис сылыгар Көстөкүүн Дайдан диэн булчуттуун Куолумаҕа бултуу тахсан ытын Соҕотоҕу хайҕаан киирбит этэ — тайахсыт улахан ыттарга үөрэппит, ыта хас да «отууга» олорсубут курдук кэпсээбитэ.


Күһүн уоппускабын ылаат, таайбынаан тайахха бултуу диэн ааттаан Соҕотоҕу кытта эбии биир кыра ыттаах үрэххэ үүтээммитигэр таҕыстыбыт. Балаҕан ыйын бүтүүтэ — тутуһуу үгэнэ. Аар айылҕа сайыҥҥы кэрэтин, кырааскатын сүтэримээри нуоҕайан, нусхайан аҕай турар кэмэ. Туох барыта көмүс күһүн курус тыалынан, хаардаах хаһыҥынан аргыйан кэлэрин кэтэһэн, чуумпуран аҕай турар курдук. Амма үрдүк халдьаайытын нарын хатыҥ чараҥын түспэтэх сэбирдэхтэрэ тыалтан суугунаһан, сотору кыһын кэлэрин, тымныы түстэҕинэ олох быстыбатын, салҕанарын өйдөтө, тэлибирии, имнэнсэ тураллара.

Күһүн барахсан булчукка саамай күүтүүлээх, күүрүүлээх күндү кэм буоллаҕа! Баччаларга айылҕа сокуонун быһыытынан булт барыта бааратын көрдөөн тутуһар, ууһуур, тэнийэр кэмэ. Атыыр лөкөй мөндөкөйгө тахсан буолаары турар улуу түгэҥҥэ бэлэмнэнэн иһин-үөһүн аччатар, баанар, муоһун оҥостор, сытыылыыр. Онтон, дьэ, ситтэҕинэ, күнэ, чааһа тирээн кэллэҕинэ хараҕа хааннанан, мунна тыбыыран, быһыыта-таһаата ньылбыйан аналлааҕын көрдөнө үрэхтэри быһыталаан түһүнэн кэбиһэр. Барыҥнаабыты барытын дьөлө түһүөх көрүҥнэнэн буур бу кэрдиис кэмҥэ киһиэхэ, булчукка ордук сэрэхтээх кэмэ. Хайа үрдүгэр атыыр тайах турбут, бэлэмнэммит, бэлиэтэммит сиригэр хойуккааҥҥа диэри от-мас, сир-дойду үнтү кэһиллибит, мас, талах төбөтө тостон санньылыйа турар буолааччы. Онтон айылҕа маанылаах кыыла тыһы тайах барахсан бэрт көрсүөтүк үрэхтэр төрдүлэригэр кып-кыра сиргэ саһан турар буолааччы. Сороҕор, дьиэ оннун саҕа эрэ сиргэ нэдиэлэни нэдиэлэнэн бүгэн турааччы. Ханна да ырааппат, түүн үөһэ кыл түгэнинэн чугас уулуу баран эрэ кэлэр. Инньэ гынан булчуттарга суолун биэрэн бысталанааччы.

Биһиги тайахсыттар биир-икки күн ыттарбыт атахтарын үөрэтээт, тыаҕа хаампытынан киирэн бардыбыт. Сатыы сылдьабыт. Сарсыарда эрдэ Бакаалай диэн үрэх хаҥас үрүйэтин устун баран иһэбит. Тыалбыт араастаан уларыйа сылдьар. Соҕотох сороҕор туох эрэ сыта кэлэн ааһар быһыылаах, олоотоон, сымардаан ылбахтыыр. Үрэх баһын диэки чугаһаан истэхпитинэ, эмискэ муос тыаһа «бачыгыр» гынарын кытта халдьаайыга талах аабыттан утарыта сыппыт тыһылаах атыыр тайах оргууй аҕай туран кэллилэр. Кыҥаан ытыахпытын 150-200 миэтэрэ курдук тэйиччи курдуктар. Иккиэн сүнньүөх саалаахпыт. Ырааҕырҕаттыбыт. Ол икки ардыгар Соҕотох аттыларыгар баар буола оҕуста. Тайахтарбыт сирэйдэрин хоту икки аҥы ыстаннылар. Буур үрэҕи өрө муоһун тыаһа лаҥкынаабытынан бара турда, тыһыта биһиги кэлбит сирбит диэки төттөрү быыратта. Таайбынаан халдьаайыга ыстанан тахсан мас кэннигэр сөрүөһүннүбүт. Биһиги санаабытыгар, буур тайах үрүйэҕэ кэтиллэн тыһытын диэки кэлиэхтээх. Кырдьык муос тыаһа, ыт үрэрин кытта үрүйэнэн биһиги диэки иһэрэ иһилиннэ. Арай, доҕоор, биһиги атахпытыгар эриллэ сылдьыбыт кыра ыппыт оҕото буур диэки ыстаммат дуо? Тыа быыһыгар бууру үрэн ньаҕырҕаан эрэрэ баара да, буурбут үрэҕи өрө муоһун тыаһа өрө барчалана турда. Соҕотох эрэйдээх, абаккатыттан ыйылыы түһээт, лөкөйүн эккирэтэн үрэҕи өрө быыппаһынна. Бүттэхпит ол. Биһиги икки тайах икки ардыгар ыта суох туран хааллыбыт.

Икки чаас холобурдаах буолан баран Соҕотох тайаҕын куоттаран, эстэн-быстан аҕай тиийэн кэллэ. Уонна мин атахпар кэлэн тиэрэ сытынан кэбистэ, өссө айаҕын атытар. Мин туран, «тайаҕы куоттаран баран атаахтаары гынар!» диэн үүрээри гыммыппар таайым: «Чэй, хата, айаҕын көр», — диэбитигэр көрбүтүм — ыппыт айаҕын иһигэр тостубут мутук сылдьар эбит. Сулбу тардан ыллым. Ыппыт маска харбыт эбит. Ытым үөрэн сирэйбин салаамахтыыр, махтанан кутуругунан оонньоомохтуур. Дьэ, бу ыт өйүн, көрбөккүөт, ээ!

Салгыы Бакаалай баһыгар Кураанах салаанан Куолума үрэҕэр киирэн иһэн Мөндөкөйгө сынньана олордубут. Улахан ыппыт Соҕотох куолутунан биир сиргэ таба олорбот, кэлэр-барар. Хайа хара отоно киһи эрбэҕин саҕа буолан, амтаннанан, ууланан киһи ытыһыгар минньигэс нектара хам сыстар буолбут. Хап-хара хойуу отону аһара ситэн, торолуйан, халыҥ угар хам баттатан аанньа көстүбэт, аллараттан тартаххына ытыс муҥунан баһаҕын. Мин ытым оҕотун отонноон сииргэ үөрэтэ олордум. Отон дьүһүнүн көрөр да кыһаммат. Айаҕар баһан биэрбитим кэнниттэн, амтаһыйан, хараҕынан ирдээн син көрдүүр буолла. Оҕонньорум табаахтыы олорор. Миигин «ыты дьээбэлиигин» диэн сэмэлиир. Мин «тыаҕа муннаҕына даҕаны, отону сиэн тыыннаах хаалыа диибин. Биһиги мөккүөрбүтүн Соҕотох үрэрэ тохтотто. Куолумаҕа киирэр үрүйэҕэ сэниэтэ суох баҕайытык бигээн үрэр. Мин ытым оҕотунаан хайаны таҥнары ыстанан кэбистибит. Биһиги дьолбутугар кыыл-сүөл ыллыга баар эбит. Аллара түһэн истэхпит аайы кур лаҥха, лааҥкы бөҕөтө эбит. 200-тэн тахса миэтэрэ сиртэн көрбүтүм — арай Соҕотох бууру кытта охсуһар икки, оонньуур икки ардынан эриллэ аҕай сылдьар эбит. Буур таһыгар икки тайах улаханнык долгуйбаккалар эрэ аһыы сылдьаллар. Мин оҕонньорбун кэтэһэ таарыйа кыра ыппын тутан баайдым, ыйылаары гынарын боптум. Сүбэлэһии буолла: иккиэн ыга соҕус үөмэн киирэн баран киһим бастаан тыһытын ытыахтаах, онтон мин атыырын ытыахтаахпын. Аҕыс уонча миэтэрэ сиртэн Көстөкүүн тыһы тайаҕы умса ытан кэбистэ, мин бууру түһэрдим. Арай ол ыта туран көрдөхпүнэ — өссө ыттаах икки тайах сүүрэ сылдьаллар. Тыый, бэйэм ытым Соҕотох эбит! Хаста да ытан үһүс тайаҕы охтордубут. Төрдүс тайахха ыстанан тиийэн ытыалыыбын. Ыппыт сирбэр таптаран түүтэ бурҕаҥныыр да, тайаҕым охтубат. Аны туран сүнньүөҕүм бүттэ!

Төттөрү киһибэр сүүрэн тиийэн сүнньүөх көрдөөбүппэр, оҕонньорум тоҕо эбитэ буолла — биир эрэ сүнньүөҕү биэрдэ. Тайахпар сүүрэн тиийбитим — кыылым хааннааҕынан хаһылыччы көрбүт аҕай, айаҕыттан күүгэн аллыбыт, кутталлаах баҕайытык утары бадьаалаан иһэр. Хата, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, Соҕотох биирдэ тайах иннигэр хорус гына түстэ. Тайах тохтуурун кытта, мин, биир эрэ сүнньүөхтээх киһи уонча миэтэрэҕэ утары хааман киирэн сүнньүгэ ытан кэбистим. Ити түгэн барыта кэпсээтэххэ уһун гынан баран, чаас аҥарын иһинэн эрэ буолла быһыылаах.

Уоскуйан баран суоллаан быһаарбыппыт маннык буолбут: Соҕотох биэрэстэ курдук сиртэн сымардаан тутуһуулаах тайахтарга сыбдыйан тиийбит. Алталаах лөкөй ийэтин сиппит кур оҕолоох тыһы тайаҕы илдьэ сылдьар эбит. Тэйиччи лөкөйтөн хотторбут ойоҕос буур сылдьыбыт. Ойоҕос буур саа тыаһыттан үргэн ыстаммытын, ыппыт Соҕотох эргитэн аҕалбытын, мин сэриилээн 300 миэтэрэ тэйиччи охторбуппун. Соҕотох ньуолбардаан үрэн, атыыр тайаҕы аралдьытан, ойоҕос бууру эргитэн, биир сиргэ түөрт тайаҕы бултатан турар.

Соҕотох сымардаан (сытынан билэн) уонна суоллаан (ирдээн) бултуур дэгиттэр талааннаах булчут ыт этэ. Тайаҕы кэнниттэн бэйдиэ эккирэппэт. Хаардаахха көрдөххө тайаҕы быһалаан, ойоҕолоон эккирэтэн ситэр эбит этэ. Тайах суола көнө соҕус буолар эбит. Кини ыкка үрдэрдэҕинэ үрүйэлэри бысталаан улахан үрэххэ киирэ сатааччы. Маны таһынан, Соҕотох киһиттэн тэйиччи тайаҕын буллаҕына, киһитин диэки аҕала сатыыр буолара. Кэлин ытым быһыытын-майгытын ситэ билэн баран, улахан үрэҕинэн мээнэ барар буолбутум. Улахан соҕус үрүйэ кэллэҕинэ эбэтэр бу диэки туох эмэ баара буолуо диэтэхпинэ, үрүйэ төрдүгэр чөҥөчөккө олорунан кэбиһэрим. Оччоҕо ытым барахсан бэлэмнэнэн атаҕын сиргэ тыыр-таар тардаат «эн манна хаал, чэ, мин бардым» диэбиттии өйдөөх хараҕынан мин диэки көрөөт, үрүйэни өрө ыстана турара. Туох эмэ баар буоллаҕына үрэр, суох буоллаҕына чаас холобурдааҕынан аҕылаан-мэҥилээн бу тиийэн кэлэрэ. Кэлээт да сытыы кылыс курдук Амма үрэхтэригэр баар бөрө сиир отун быһыта тыытан сиир. Оччоҕуна аҕылыыра начаас суох буолан хаалара. Мин кэлин да бултуур этим да, атын ыттар оннук оту сииллэрин көрбөтөҕүм.

Сүрдээх кытыгырас. Ханнык да бэйэлээх улахан кыылы атаҕынан тулуппат, ситэр. Хата, куолаһа, саҥата кыра буолан ыраахтан иһиллибэт буолан эрэйдиирэ. Киһини кэрэхсэтэрэ диэн өссө туйахтаахтары тайаҕы, кулааһайы, табаны, туртаһы эрэ анаан ирдээн бултаһара. Кутуйахха, моҕотойго, саарбаҕа, куобахха, атын да кыра кыылларга, саараама, аралдьыйбат буолара. Ол атыҥҥа аралдьыйбат хаачыстыбата ордук биһирэнэрэ. Киһи сэрэхэччийэр икки өрүттээҕэ: бииринэн, атын дьону кытта сылдьан эбэтэр атын булчуттарга булдун киллэрэн биэрдэҕинэ, тайаҕа, булда охтубутун кэннэ булдун үрдүгэр тахсан баран кими да чугаһаппат этэ. Бу түгэҥҥэ атын булчуттар кинини накаастыахтарын эбэтэр саанан ытыахтарын сөбө. Иккиһинэн, элбэх ыты кытта бииргэ сатаан бултаабат этэ, тутуталаан кэбиһэрэ. Куоппут ыты кэнниттэн ситэн кэлэн буутуттан харбаат, маска туора ыстанан иҥиирин тоҕо тардан кэбиһиэн сөбө. Булчуттар ону олох сөбүлээбэттэрэ, айманаллара, ыттарын аһыйан. Сынньанар кэмигэр атын ыттартан барыларыттан үөһээ сытара, сытымсах буолан атын ыттартан ким хайа иннинэ булду билэрэ, мотуордаах оҥочонон, массыынанан айаннаан иһэн мэлдьи сыттыы, сымардыы иһэр буолара.

Михаил ЖИРКОВ

Читайте дальше