Социальнай хантыраак көмөтө улахан

Кэнники кэмҥэ үлэтэ суох дьон бастакы хардыыларын оҥорон бэйэ дьыалатын тэринэллэригэр социальнай көмүскэл кэлим киининэн кэлэр социальнай хантыраак көмөтө бигэ тирэх буолла. Онон айахтарын ииттинэн, дохуот аахсан киһи бэйэтэ кыаҕынан үлэлииригэр маннык судаарыстыбаттан көрүллэр көмөлөр олус наадалар. Били кууран турбут үүнээйигэ ууну кутан тылыннарбыт курдуктар. Ону көдьүүстээхтик туһаныахха эрэ наада.

Социальнай хантыраагы биисинэс былаан суруйдун да ыллым диэн буолбатах. Ону улуустааҕы хамыһыйа иннигэр көмүскүүгүн, туохха наадатын чопчу быһаараҕын. Хамыһыйа бэрэссэдээтэлэ улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова. Амматааҕы социальнай көмүскэл кэлим киинин салайааччыта Любовь Дорофеева, исписэлиис Саргылана Константинова,  оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ көмө отделение исписэлиистэрэ кинилэр нөҥүө көмө ылбыт дьону кытта куруутун сибээһи тута, хонтуруоллуу сылдьаллар. Наада буоллаҕына, докумуоннарын бэрийиигэ, отчуот оҥорууга күүс-көмө буолаллар.

Бу Саргылана Сивцева диэн элбэх оҕолоох эдэр ийэ буолар. Кини бу саҥа киирбит инбэлииттэргэ оҥоһуллар көмө бырагырааматыгар киирэн, биисинэс былаанын көмүскээн кыраһыабай буолуу салонун арыйан эрэр. Маннык хайысханан көмөнү хайаатар да бэйэтэ анал үөрэхтээх киһи ылар. Ол курдук Саргылана бэйэтэ  медсестра үөрэхтээх. Бу билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах хайысха дии санааммыт, маннык улууска наада диэн киниэхэ көмө көрүллүбүтэ. Онно дьэ бу оборудование ылынан, сотору үлэтин саҕалыахтаах”, — диэн социальнай хантыраагы биэрии хамыһыйатын чилиэнэ Саргылана Семеновна билиһиннэрдэ.

Киһи сирэйин ыраастыырга туһуланан арыллар салон хаһаайката Саргылана Сивцева «Сахатехконсалт» ХЭТ –ҕэ  эбии үөрэнэн «косметологияҕа сиэстэрэ дьыалата» диэн  дипломун  ылбытын, ханнык оборудованиелар туохха туохха наадаларын сиһилии билиһиннэрдэ. Онтон Айталина уонна Владислав Новиков диэн эдэр ыаллар “Самурай” диэн компьютернай кулууп арыйан үлэлэтэ сылдьаллар. Манна техникаларын ылалларыгар эмиэ социальнай хантыраак күүс-көмө буолбут. Саргылана Семеновна бэлиэтээбитинэн эдэр дьон бэрт түргэнник наадалаах тэриллэри ыланнар, үлэлэрин саҕалаабыттар.

Бэйэтэ илиитигэр талааннаах, техниканы кытта бодьуустаһарын сөбүлүүр Чапчылҕан нэһилиэгин олохтооҕо Евгений Сизых шиномонтаж арыйан үлэлии сылдьар. Эдэркээн уол бу олоххо бэйэтн суолун тобуларыгар эмиэ социальнай көмүскэл кэлим киинин нөҥүө, улуус дьаһалтатын хамыһыйатыгар  көмүскээбит биисинэс- былаана кыайыылаах тахсан көмө буолбутуттан үөрэр. Бэйэтэ Дьокуускайга 16№-дээх ОПТУ-ну бүтэрэн  сыбаарсык идэтин баһылаабыт. Уол түүннэри-күнүстэри үлэлиир буолан, көлүөһэ оҥортооччу элбэх эбит.

Социальнай хантыраак суумата улааппыта. Ол курдук бу сылдьыбыт дьоммут 350000 солкуобайы ылбыттара. Биһиги уопсайа бу сылга киирэн баран 5 көрүҥ  социальнай хантыраакка  87 киһи көмө ылан бэйэтин олорор усулуобуйатын тупсарда, олоххо интэриэстээх буолан дохуот ааҕыста. Бэйэбит ырытан көрөрбүтүнэн бу ылбыт дьоммутутуттан 50 бырыһыаннара барыска тахсаннар бэйэлэрин уонна дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥордулар. Көмө ылбыт дьон бары бэйэ дьарыктаах буолууга нолуокка учуокка туран, урбаанньыт быһыытынан үлэлии сылдьаллар. Хайысхалара араастар. Ити көрбүппүт курдук  косметологическай салонтан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарыыга тиийэ ыланнар, нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруу улаатар. Биһиги нэһилиэк баһылыктарын, исписэлиистэрин кытта көмө ылбыт дьоммут судаарыстыбаттан ылбыт көмөтүн сөптөөхтүк уонна көдьүүстээхтик туһанарын куруутун бэрэбиэркэлиибит. Бу сылга Мээндигигэ, Бөтүҥҥэ, Сулҕаччыга, Соморсуҥҥа, Аммаҕа, Чапчылҕаҥҥа сырыттыбыт. Кэлэр Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн хантыраак өҥөтүнэн туһаммыт иистэнэр дьоннорбут кулун тутар ыйга сахалыы таҥаска уонна сувенирнай бородууксуйаларынан быыстапка оҥоруохпут диэн былаанныыбыт”, — диэн социальнай көмүскэл кэлим киинин салайааччыта Любовь Дорофеева санаатын үллэһиннэ.

Сиһилии бу туһунан “Амма олоҕо” хаһыакка сырдатыахпыт

Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше