Сойууска кыайыыны аҕалбыт килэрийбит чылыгырыайка Кыһыл болуоссакка хаалбыта

Аҕыйах сыллааҕыта «былыргы тустууктар килэрийбит чылырдаах бараннар Сойууһу кыайан кэлэллэрэ, Арассыыйаны ааһан иһэн тэпсэллэрэ» диэн кыбытык суруктаах хаартыска интэриниэт ситиминэн тилийэ көтөн турардаах. Бу хаартысканы саха сирин олохтоохторо үксүлэрэ кэриэтэ көрбүт уонна биир дойдулаахтарбытын, аатырбыт тустууктары билбит буолуохтаахтар. Ол хаартыскаҕа хаҥас кытыыга турааччылара, чахчы да килэрийбит чылыгырыайкалаах эдэркээн уол ким эбитий?


Бу — биһиги ытыктыыр, киэн туттар биир дойдулаахпыт, Алтан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ССРС көҥүл тустууга маастара, хапсаҕайга маастарга хандьыдаат, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, «Алтан киэн туттуута», «Сэбиэт Аана төрөөбүтэ 100 сыла», «Амма улууһун социальнай, экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин» уо.д.а. бэлиэлэр хаһаайыннара, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ Михаил Николаевич Дьячковскай буолар.

Михаил Николаевич аҕыйах хонуктааҕыта күн сиригэр оҕо буолан күөлэһийэн түспүт бэлиэ күнэ буолан ааста, 73 хаарыгар үктэннэ. Ыччаты иитии-үөрэтии курдук уустук идэҕэ айымньылаахтык үлэлээн оскуолабыт баай устуоруйатын хаҥатыспыт, үтүө үгэстэрин үйэтитиигэ үлэлэспит дьонтон биирдэстэрэ буолар. Оскуола иитиллээччилэрэ математика курдук уустук бэрэдимиэти баһылаан, араас үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, айа-тута сылдьалларыгар кырата суох кыһамньытын уурбута. Тустуу абылаҥар сирдээбит, Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастардарыгар тиийэ үүнэн тахсыбыт уһуйааччылардаах убаастанар энтузиаст-тренер. Михаил Николаевич киэҥ-холку майгытынан дьиҥ чахчы саха эр киһитин чаҕылхай уобараһын кэрэһэлиир.

«Алтан аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран 9-10 кылаастарга Аммаҕа үөрэммитим. Оччолорго тустуу оҕо спортивнай оскуолата саҥа арыллыбыта. Биир дойдулаахпыт, аатырбыт хапсаҕайдьыт Николай Михайлович Давыдов ыҥырыытынан онно тустууга эрчиллибитим. Бүтэрэр сылбар 1968 сыллаахха  Амматтан хаһыа да  буолан уонна өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыт Чурапчы спорт оскуолатыттан уолаттара Кабардино-Балкария Нальчик куоратыгар Арассыыйаҕа кытта барбыппыт. Ол айаммытын бу хаартыска кэрэһэлиир. Оччолорго интэринээккэ олорор тыа оҕото туох мааны таҥаһым кэлиэй? Москубанан эргийэн барбыппыт. Уолаттарым саҥа сонно ылын эрэ доҕоор, диэн хаайбыттара да, ити чылыгырыайкабынан баран Арассыыйаҕа оҕолорго иккис миэстэ буолан кэлбитим. Бу күрэх түмүгүнэн Александр Иванов (Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара), Иван Захаров уонна мин Арассыыйа сборнайыгар киирэн Сойуус көбүөрүгэр хапсыһарга көҥүл ылбыппыт, сборга ыҥырыллыбыппыт. Хотугу Осетия Орджоникидзе куоратыгар сойуус чөмпүйэнээтигэр 48 киилэҕэ иккис миэстэни ылары ситиспитим. Салгыы аан дойду күрэҕэр барыахтааҕым да, уолаттарым миэстэлэспэккэ төннөр буолбуттарыгар, сайыһан кэлсибитим. Били Арассыыйа күрэҕин кэннэ Нальчиктан төннөн иһэн дьонум главпочтамынан харчы ыытаннар, саҥа халтаҥ сон ылыммытым. Кыайыыны аҕалбыт, интэриниэти биир гына тилийэ көппүт килэрийбит чылырбын кытары үйэ-саас тухары быраһаайдаһан Москуба куоракка кыһыл болуоссакка хаалларбытым…», — диэн Михаил Николаевич бэрт интэриэһинэй кэпсээнин түмүктээтэ.

Көр, оҕурдук, урукку кэм оҕото хайдах таҥна-сапта сылдьарыгар кыһаммакка, төрөөбүт дойдутун чиэһин көмүскүүрү инники күөҥҥэ тутан Арассыыйаны да сойууһу да хаардыы хааман кэлэрэ бэйэтэ туспа ураты түбэлтэ буолбатах дуо?!

Татьяна АТЛАСОВА

Читайте дальше