Саха омукка былыр былыргыттан “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн өс хоһооно баар. Кылгас сайын устата саха дьоно от оттоон, сир астаан, от-мас хомунан уһун кыһыны этэҥҥэ кыстыырга тэринэн, үлэтин үмүрүтэн, элбэх хаһаастаах, оттоох-мастаах көмүс күһүнү үөрэ-көтө көрсөр. Бээтинсэ күн “Албан аат” болуоссакка Амма Солобуодатын 371 сылын олохтоохтор түмсэн бэлиэтээтилэр. Үтүө үгэскэ кубулуйбут быыстапка-дьаарбаҥка быйыл Амма күнүн чэрчитинэн ыытылынна. Быйылгы Солобуода күнэ “Амга с вами” диэн Амма нэһилиэгиттэн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр аахсыйа быһыытынан барда. Аахсыйа кэмигэр нэһилиэк дьаһалтата биллэрэринэн 190367 солкуобай хомулунна.
Ытык Солобуода күнүнэн эҕэрдэ тылларын Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Петр Кулаковскай мустубут дьоҥҥо тириэртилэр, наҕараадалары туттардылар. Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо аат “Инвестиционно – строительная фирма дирекция по строительству” ХЭТ прораба Максим Кузьмиҥҥа, киин балыыһа фтизиатр –бырааһа Людмила Никитинаҕа, урбаанньыттар Наталья Шишигинаҕа, Спартак Трофимовка иҥэрилиннэ.
Үгэс быһыытынан Амма нэһилиэгин холбоһуктаах тэрилтэлэрин икки ардыларыгар ыытыллар комплекснай культурнай-спортивнай спартакиада түмүгэ биллэрилиннэ. Быйылгы сылга бастакы миэстэҕэ тахсыбыт Николай Захаров – Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын коллектива уонна А.А. Черемных аатынан Амматааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын холбоһуктаах кэлэктииптэрэ ылан 100.000 солк. сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар. Иккис миэстэни Амматааҕы ОДьКХ, улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениета, Коммунтеплосбыт, “Кэнчээри” оҕо уһуйаана, улуустааҕы бибилэтиэкэ, «Сахаспецстранс» ХЭТ уонна «Амма олоҕо» хаһыат эрэдээксийэтин холбоһуктаах хамаандата ыллылар уонна 75.000 солк сэртипикээти туттулар. Оттон үһүс миэстэҕэ Амма улууһун дьаһалтата, Амматааҕы баһаарынай сулууспа уонна ГТАС холбоһуктаах хамаандалара тахсаннар 50.000 солк сэртипикээт хаһаайыннарынан буоллулар.
Солобуода күнүгэр кэлбит ыалдьыттар, олохтоохтор нэһилиэк түөлбэлэрэ туруорбут фотозоналарын астына көрдүлэр. Манна түөлбэлэр олус үчүгэйдик тэринэн, олус тупсаҕайдык оҥостубуттар. Холобура “Хлебная лавка» диэн «Алаас» түөлбэтиттэн лааппы фотозоната турда. Лааппыны киэргэтиигэ уонна бурдук аһынан хааччыйыыга түөлбэ хас биирдии олохтоохторо күүс-көмө буолбуттар. Онон бэрт баай табаардаах, сиэдэрэй көстүүлээх лааппыга дьон-сэргэ сөбүлээн хаартыскаҕа түстүлэр. Манна килиэп хас да көрүҥэ, бэл, минньигэс бичиэнньэлэрдээх корзина кытта баар. Онтон “Муона” түөлбэ фотозонатыгар бэртээхэй нуучча оҕонньордоох эмээхсинэ кэккэлэспиттэрин эмиэ сэргээтилэр.
«Хлебная лавка» фотозонабытын дьон хайҕаата, сэҥээрдэ, астынна аҕай. Сылайыахпытыгар диэри барыларын хаартыскаҕа түһэрдибит«, — диэн бу лааппы идеятын толкуйдаабыт, иҥэн-тоҥон оҥорбут Татьяна Табунанова санаатын үллэһиннэ.
Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр буолбут үөрүүлээх бэлиэ күн түмүк кэнсиэригэр Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев быыстапка күрэҕин түмүгүнэн кыайыылаахтарга наҕараадалары туттарда. Ол курдук “Сэргэлээх” түөлбэ 3-с миэстэ, “Тэтим түөлбэ” – 2-с миэстэ уонна муҥутуур кыайыылааҕынан “Күннүк” түөлбэтэ буоллулар.
“Түөлбэм бары олохтоохторо актыыбынайдык биир киһи курдук кыттан кыайыы үрдүк өрөгөйүн биллибит. Онон, кыттыбыт дьоммор улаханнык махтанабын,” – диэн түөлбэ салайааччыта Игнатий Гаврильев санаатын үллэһиннэ.
Артем Осипов