А.П Рязанскай аатынан Соморсун орто оскуолатыгар Марианна Тараховская салайааччылаах «Дуолан уолан» уолаттар ырыа бөлөхтөрө бу күннэргэ саҥа клиби таһааран биир дойдулаахтарын үөртэ.
Соморсуҥҥа Амма улууһугар дойдуга бэриниилээх буолуу уонна устуоруйа нэьилиэстибэтин сылын чэрчитинэн уонна Хомсомуол күнүнэн Марианна Тараховская салайыытынан «Дуолан уолан» ырыа бөлөҕө талааннаах хоһоонньут Алтана Артемьева тылларыгар уонна Марианна Тараховская матыыбыгар, Василий Татаринов-Хоту Уолан аранжировкатыгар «Уол оҕо- эр хоһуун» ырыаҕа клип сүрэхтэннэ. Оҕолор көстүүмнэригэр уран тарбахтаах учууталлар Сардана Юрьевна Борохина, Сардана Николаевна Борохина улахан көмө буоллулар, суоппардар Аркадий Протопопов, Николай Кириллин тэбис-тэҥҥэ сылдьан уолаттары тиэйэ сырыттылар.
Кулуупка мустубут дьон ырыаһыт уолаттары, клипкэ үлэлэспит салайааччылары дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээтилэр. Бу клип толкуйун олоххо киллэриигэ Соморсуннааҕы «Дархан» кулууп уус -уран салайааччыта Туйаара Белолюбская туруорааччы режиссерынан ылсан тахсыылаахтык үлэлээбитигэр туспа махтал тыллара этилиннилэр.
Муусука учуутала, куруһуок салайааччыта Марианна Валериевна Тараховская 2021 сылтан ситиһиилээхтик үлэлиир. Уһуйааччы оҕо сайдыытыгар муусуканан, ырыанан эрэ буолбакка иитиллээччилэрэ патриотическай өйгө-санааҕа, бэйэ-бэйэлэригэр доҕордуу сыһыаҥҥа, түмсүүлээх буолууга улахан болҕомтотун уурар. Хас биирдии ырыа кэрэхсэбиллээхтик ылланарыгар, нүөмэр быһыытынан чочуллан, толорооччулар ис киирбэх көстүүлээх сыанаҕа тахсалларыгар учуутал уонна төрөппүт биир санаанан салайтаралларыгар куруһуок салайааччытын оруола улахан суолталаах.
Оттон уһуйааччы ситимнээх үлэ иһин төрөппүттэргэ муҥура суох махталлаах. «Уол оҕо — эр хоһуун» ырыа 2023 сыл саас » Чуопчаарар оҕо саас» улуустааҕы ырыа күрэһигэр Гран-При ааты ылан 10 000 солк бириэмийэҕэ тиксибитэ. Ол бириэмийэлэрин клип тахсыытыгар туһанан инники ситиһиигэ өссө кынаттаннылар. Саҥа тахсыбыт клипкэ төрөөбүт түөлбэбит кэрэ айылҕатын, дэриэбинэбит көстүүтүн көрөн киһи эрэ дуоһуйар, уолаттарбыт ис дууһаларыттан өрө көтөҕүллэн толорор ырыалара киэн туттууну, үөрүүнү, инникигэ эрэли эрэ үөскэтэр. Ити курдук уол оҕону иитиигэ ырыа, муусука суолтата улахан оруоллааҕын саҥа тахсыбыт клиптэн көрдүбүт, астынныбыт. «Дуолан уоланнарга» ырыа хонуутун устун ситиһиилээхтик айаннааҥ диэн алгыспытын тиэрдэбит.
Наталья Арсентьева, «Чэчир» уһуйаан иитээччитэ, төрөппүт: «Биһиги оскуолабытыгар үлэлиир куруһуогу бэйэбит кыыспыт, муусука учуутала Марианна Валерьевна Тараховская салайан, уолаттар кылгас кэм иһигэр араас таһымнаах күрэстэргэ кыттан Гран- при, лауреат, дипломант үрдүк ааттарын ыллылар. Марианна Валерьевнаны оҕолорбут олус сөбүлүүллэр. Учуутал ыллыылларын таһынан, оҕолорун сынньалаҥнарын сатабыллаахтык тэрийэр. Ол курдук улууспут кэрэ –бэлиэ сирдэринэн сылдьаллар. Мин уолум куруһуокка сылдьыан иннинэ олус симик, кыбыстанньаҥ этэ. Марианна Валерьевнаҕа дьарыктаныаҕыттан ити мэһэйбит суох буолла. Онно Марианна Валерьевна сүдү оруоллаах.
Татьяна Попова, «Чэчир» уһуйаан тириэньэрэ, төрөппүт: «Мин уолум Сарыал «Дуолан Уолан» уолаттар ансаамбыллара тэриллиэҕиттэн дьарыктанар. Салайааччы Марианна Валерьевна элбэх уолу түмэ тардан ырыа алыптаах эйгэтигэр оҕолорбутун уһуйар. «Дуолан уоланнар» оскуола, нэһилиэк тэрээһиннэригэр, улуустааҕы, илин эҥэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ көхтөөхтүк кытталлар, кэккэ ситиһиилэрдээхтэр. Ансаамбыл оҕолорбут сайдалларыгар элбэҕи биэрэр дии саныыбын. Ол курдук оҕолор сыанаҕа тутта-хапта сылдьарга, эппиэтинэстээх буоларга, бэйэлэрин дьаһанарга үөрэнэллэр, элбэх саҥаны биллилэр, киһи буоларга иитиллэллэр. Күндү таптыыр салайааччыбытыгар Марианна Валерьевнаҕа истиҥник махтанан туран эппиэтинэстээх үлэтигэр өссө да ситиһиилэр кэлэ туралларыгар, оҕолор талааннара өссө да сайдан иһэригэр баҕа санаабытын тиэрдэбит«.
Анисия ГОТОВЦЕВА