Соморсун ырыаһыт уолаттара бастыҥ ансаамбыл аатын сүктүлэр

Уус Алдан улууһун Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан Кэптэнитээҕи сынньалаҥ киинэ 24-с төгүлүн «Ыллаа-туой, уол оҕо» күөн-күрэһи ыытар. Киэҥ сэҥээриини ылбыт ырыа түһүлгэтигэр Соморсунтан кыттыыны ылбыт уоланнар ситиһиилээхтик кытыннылар.


Өрөспүүбүлүкэ ырыаны сэҥээрэр уолан уолаттар күөн күрэстэригэр А.П. Рязанскай аатынан Соморсун орто оскуолатын Марианна Тараховская салайар «Дуолан-Уолан» ансаамбыл уолаттара уонна солистара ситиһии көтөллөөх кэллилэр. Ол курдук үс улуустан барыта 60 уол кыттыбытыттан, ансаамбылларга 1-кы степеннээх лауреатынан  «Дуолан-Уоланнар» бөлөх ааттаннылар уонна «Бастыҥ ансаамбыл» аатын ыллылар. Кинилэр Геннадий Эверстов  «Ыллаатын саллаат, ыллаатын», Алтаана Артемьева тылларыгар, Марианна Тараховская мелодиятыгар «Уол оҕо, эр хоһуун» диэн  ырыалары күрэх түһүмэхтэригэр уонна күрэх үөрүүлээх арыллыытыгар Косиор Карманов мелодиятыгар уонна тылыгар «Дуолан ырыа» ырыаны бэлэх уунан, үрдүк таһымҥа толорон кыайыы көтөллөннүлэр. Солистарга Дорофеев Арсений  Тимофей  Толомон тылларыгар, Тамара Апросимова мелодиятыгар «Эдэр саас «, Егор Неустроев -Тулуйхан мелодиятыгар «Төрөөбүт тылгын эн таптаа» ырыаларынан бастакы степеннээх лауреат аатын сүктэ. Онтон Арсентьев Сеня Анатолий Бурнашов репертуарыттан «Үрүмэччи маҥан ат»,  «Дьөһөгөйүм оҕото» диэн дьөһөгөй оҕотугар анаан ыллаабыт ырыаларынан дипломан үрдүк ааты ылары ситистэ.

Бырайыак ааптара Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Зинаида Лугинова, куонкурус тэрийээччилэрэ – «Юные якутяне» ресурснай киин уонна Лөгөй нэһилиэгин дьаһалтата, Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинэ, Лөгөйдөөҕү лицей-интернат.

«Бу ситиһии оҕолор хас да сыллаах дьаныардаах дьарыктарын, күндү дьоммутун, төрөппүттэрбитин кытта ситимнээх  үлэбит түмүгэ буолар. Уолаттар күрэххэ кытталларыгар тэрээһин үлэтигэр көмөлөспүт дьоммутугар,  наставник-учууталбар  Елизавета Кузьминаҕа, аранжировканы оҥорбут Василий Татариновка, түүннэри көстүүм тикпит иистэнньэҥнэрбитигэр  Сардана Борохинаҕа, Галина Ивановаҕа, Марина Степановаҕа, тырааныспарынан  көмөлөспүт орто оскуола дириэктэригэр Николай Николаевич Андросовка, сымнаҕас айаны бэлэхтээбит суоппардарга  Алексан Кузьмиҥҥа, Николай Кириллиҥҥэ истиҥ махтанабыт”, — диэн ансаамбыл салайааччыта Марианна Тараховская санаатын тириэрдэр.

Марианна Валерьевна орто оскуолаҕа хаһыс да сылын оҕолору ырыа кэрэ алыбар айымньылаахтык  үөрэтэр. Кини  ырыаларын репертуара оҕону төрөөбүт дойдуга, ийэ тылга тапталга, кыыс уонна уол оҕолору  аналларыгар уһуйар, айылҕа кэрэтин хоһуйар, доҕордуу сыһыаҥҥа иитэр киэҥ ис хоһоонноох. Бэйэтэ ааптар быһыытынан оҕолорго анаан матыыптаабыт «Уол оҕо эр хоһуун», «Доҕордуу буолуох» ырыалара дьон- сэргэ  сэҥээриитин ыллылар. Инникитин кэскиллээх үлэтигэр былаана киэҥ. Талааннаах уһуйааччыга былааннаабыт бырайыактара салгыы олоххо киирэн иһэллэригэр, кэнчээри ыччаппыт ырыа кэрэ эйгэтигэр улаатан, үтүө дьон буолан тахсалларыгар баҕарабыт.

Надежда БЕЛОЮБСКАЯ

Читайте дальше