А.П.Рязанскай аатынан Соморсун оскуолатыгар бэрт сонун, сэргэх тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, төрөппүт уонна оскуола –биир сомоҕо буолан тэрийбиттэрэ көхтөөхтүк, интэриэһинэйдик ыытылынна. Ис киирбэхтик киэргэтиллибит оскуола аактабай саалатыгар бэтэрээн учууталлар үөрэнээччилэри кытта көрсүһүүлэрэ ыытылынна.
Үгүс көлүөнэ оҕону үөрэппит, ытык-мааны бэтэрээннэрбит Аграфена Федоровна Емельянова, Мотрена Ивановна Бытырова, Тамара Дмитриевна Баянакова, Семен Семенович Рязанскай үлэлээн ааспыт кэмнэрин, үөрэппит оҕолорун туһунан истиҥ ахтыы оҥордулар. Учууталларбыт кэпсээннэрин оҕолор чуумпуран олорон иһиттилэр, бэйэлэрин ыйытыыларын биэрэн толору эппиэти ыланнар астыннылар, сороҕор бэтэрээннэрбит ахтыыларыттан долгуйан да ыллылар. Көрсүһүү кэмигэр биһиги учууталларбыт араас көлүөнэ үөрэппит оҕолоруттан видео-эҕэрдэлэри көрдүлэр, махтал тыллары иһиттилэр. Көрсүһүүгэ ырыанан эҕэрдэлэрин оскуола уолаттарын “Дуолан-Уолан” бөлөх, музыка учуутала Марианна Тараховская кыыһынаан Миленалыын киэргэттилэр. Учуутал күнүнэн көрсүһүү түмүктэниитэ оҕолор “Утахчаан” куруһуок иитиллээччилэрэ оҥорбут сувенирдарын бэлэх туттардылар. Истиҥ көрсүһүүнү 9-с кылаас үөрэнээччитэ Дамир Протопопов ыытааччы быһыытынан олус эппиэтинэстээхтик толордо. Ити курдук, бу күн үөрэнээччилэр учуутал үлэтэ сыралаах, махталлаах үлэ буолар эбит диэн санаанан тарҕастылар.
Салгыы “Махтал, эйиэхэ, Учуутал киһиэхэ!” диэн төрөппүттэр уонна үөрэнээччилэр оскуолаҕа үөрэтэр учууталларыгар анаан биэчэр оҥордулар. Киэһэ биэчэр саҕаланыыта учууталлары оскуола көрүдүөрүн устун дьэрэкээн шарик тутуурдаах оскуола алын сүһүөх кылааһын оҕолоро көрүстүлэр, салгыы орто, улахан кылаас оҕолоро дохсун ытыс тыаһынан флажок тутуурдаах, онтон лыҥкынас чуораанчык доҕуһуоллаах төрөппүттэр ортолорунан учууталлар аактабай саалга аастылар. Маннык ураты көрсүһүү ордук үөрүүлээх, долгутуулаах буолла. Биэчэри 11-с кылаас үөрэнээччитэ Айаана Мартынова, төрөппүт Надежда Даниловна Игнатьева иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бу киэһэ истиҥ ырыалар, эҕэрдэ тыллар барыта — Учууталга ананна.
“Учуутал – оҕо аймаҕы улуу сыалга хайыһыннаран, үөрэтэн, иитэн иһээччи, оҕо дууһатын инженера” диэн ССРС народнай учуутала Михаил Алексеев этэн хаалларбыттаах. Бүгүҥҥү биэчэр өрөгөй чааһынан оскуола үөрэнээччилэрин “Үөрэнээччилэр билиниилэрэ” номинация туттарыыта буолла. Бу номинация хаһаайыннарынан буоллулар — Сокольникова Александра Николаевна— технология, Наумова Александра Николаевна — биология, Терентьева Ольга Григорьевна — математика, Кононов Николай Егорович — физкультура учууталлара. Онтон “Үөрэнээччи үрдүк биһирэбилэ” номинация кыайыылааҕынан омук тылын учуутала, Саввинова Саргылана Афанасьевна буолбутун дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Бу икки күн устата ыытыллыбыт ураты тыыннаах, сэргэх тэрээһиннэри оскуола социальнай педагога Галина Иванова салайыытынан, төрөппүт комитетын бэрэссэдээтэлэ Елена Максимова уонна кылаас төрөппүттэрэ кыттыһан, бир сүбэнэн ыытаннар учууталлар махталларын ыллылар. Маны сэргэ Софья Игнатьева салайааччылаах “Кустук” оҕо тэрилтэтэ барытыгар көхтөөхтүк кыттан, оҕолор бэйэни салайынар дьоҕурдарыгар саҥалыы тыын киллэрдилэр. Инникитин даҕаны төрөппүт уонна оскуола биир сомоҕо буолалларын, оҕолорбут кэскиллэригэр төһүү күүс буолар кыахтаахпытын бу тэрээһин көрдөрдө.
Анисия ГОТОВЦЕВА, Надежда ОХЛОПКОВА