Соморсуннааҕы «Чэчир» оҕо сайдар киинэ – өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уһуйаана

Соморсун нэһилиэгин “Чэчир” оҕо сайдар киинэ быйыл үбүлүөйдээх 65  сылын  ситиһиилээхтик көрсөр. Үлэһит кэлэктиип Бүтүн Арассыыйатааҕы «Арассыыйа 100 бастыҥ оҕо уһуйааннара» кэтэхтэн көрүү күрэххэ кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыта, онтон бүгүн СӨ Үөрэҕин  министиэристибэтэ биллэрбит күрэҕэр эмиэ кыайыылаах тахсан “Тыа сирин бастыҥ уһуйаана-2024” үрдүк ааты ылбытын туоһулуур сэртипикээти тутта.


Саргылана Данилова салайар эдэр кэлэктиибэ, ытыктыыр салайааччыбыт Анна Лебедева үлэһиттэринээн уурбут өр сыллаах үтүө үгэстэрин, баай уопуттарын тутуһан ситиһиилээхтик үлэлиир. Ол курдук 2024 сылга Бүтүн Арассыыйатааҕы «Арассыыйа 100 бастыҥ оҕо уһуйааннара» кэтэхтэн көрүү күрэҕэр кыттан лауреат үрдүк аатын сүкпүттэрэ. Онтон бу аҕыйах хонуктааҕыта СӨ үөрэҕин  министиэристибэтэ биллэрбит күрэҕэр эмиэ кыайыы өрөгөйүн туттулар.

«Өрөспүүбүлүкэ Үөрэҕин  уонна билимин министиэристибэтэ көҕүлээһининэн, Оҕо саас сылыгар туһуламмыт айымньылаахтык  үлэлиир уһуйааннар кэлэктииптэрин быһаарар  «Бастыҥ уһуйаан 2024» күөн күрэскэ ситиһиилээхтик кыттан “Бастыҥ тыа сирин уһуйаана” үрдүк  ааты сүктүбүт. Биһиги уһуйааммыт  биир ураты суоллаах-иистээх үлэтинэн  оҕолору  норуоппут итэҕэлин, үтүө үгэстэрин, кутун-сүрүн, олоҕун-дьаһаҕын, уус-уран тылын-өһүн иӊэринэ сылдьар олоӊхонон иитии буолар. Чөмчүүк саас – бу оҕо  чинчийэн, тутан-хабан,  билбитин-көрбүтүн эрэ барытын дэбигис ылынар, кэбэҕэстик иҥэринэр саамай муҥутаан сайдар кэмэ. Бу тоҕоостоох кэми мүлчү туппакка, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр олоҥхо педагогикатын дьүөрэлээн уhуйан, такайан кэлбиппит 30-тан тахса сыл буолла.

 

Оҕолорбутугар ийэ тылларыгар тапталы иитии, саха оҕото төрүт тылыттан тэйбэккэ, сахалыы саҥа туох баар кэрэтин, сүмэтин этигэр-хааныгар иҥэринэн улаатара  билиҥҥи  кэмҥэ ордук сытыырхайан турар сыалбытынан-сорукпутунан буолла. Онуоха, уран тылбыт кылаан чыпчаалынан билиниллибит, омукпут култууратын, фольклорбут көрүҥнэрин, итэҕэлбитин, сырдыкка-кэрэҕэ тардыhыыбыт булгуруйбат күүhүн барытын түмэ сылдьар улуу олоҥхобутун иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дьүөрэлии киллэрэн биэрии боччумнаах суолбут, көмө-тирэх буолуох ньымабыт буолар. Күрэх ирдэбилинэн, кэтэхтэн көрүүгэ атырдьах ыйын 15 күнүттэн 31 күнүгэр диэри уһуйааммыт сайтыгар үлэбит уопутун сырдатар матырыйааллары түмэн укпуппут. Дьүүллүүр сүбэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн 15 күнүгэр диэри үлэлээтэ. Манна 18 муниципальнай оройуонтан 30 уһуйаан кыттыбыт. Үгүс сылларга утумнаахтык үлэлээн кэлбит үлэбит үрдүк сыанабылы ылбытыттан, быйыл уһуйааммыт 65 сыллаах үбүлүөйүн көрсө дьоһун ситиһиибититтэн үөрэбит»,- диэн уһуйаан сэбиэдиссэйин иитэр-методическай үлэтигэр солбуйааччыта Татьяна Попова  үөрүүтүн үллэстэр.

Кэнчээри ыччаппытын кэрэ эйгэтигэр иитэр, сайдыы суолугар салайар «Чэчир» уһуйаан айымньыылаахтык үлэлиир кэлэктиибин уонна кэрэхсэллээх үлэ суолун арыйбыт бары бэтэрээннэри  Иитээччи күнүнэн, итини сэргэ үрдүк ситиһиилэринэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт барыларыгар чэгиэн доруобуйаны, үлэлэригэр салгыы өссө үрдүк ситиһиини, тус олохторугар дьолу.

Надежда БЕЛОЛЮБСКАЯ

 

 

 

Читайте дальше