Спорт туһата элбэх

Эмис нэһилиэгэр сүүрүүгэ спорт  маастара Дмитрий Наумов оҕолорго сөптөөхтүк сүүрүүгэ, ыстаныыга, атах былчыҥын сөпкө тутууга маастар-кылаас ыытта.

Мин масстары көрсөммүн кэпсэттим:

-Дмитрий Дмитриевич,  туох сыаллаах соруктаах Эмис нэһилиэгэр маастар-кылаас ыыттыгыт?

-Манна тренер А.А. Ларионов ыҥырыытынан кэллим. Бэйэм эмиэ, элбэх чемпиону таһаарбыт тренербын. Бу дьарыктанар оҕолорго бэйэм билиибиттэн-көрүүбүттэн үллэстээри, тренер тренергэ көмөлөһөн маастар-кылаас ыыттым. Александр Александрович бэйэтэ хапсаҕайдьыт, онон сүүрүүгэ билбэтэ-көрбөтө баар, ханнык баҕарар тренер тренергэ көмөлөһүөхтээх, киһи киһиттэн үөрэнэр, олоҕун тухары үөрэнэ туруохтаах.

-Эн санааҕар оҕолор уонна билиҥҥи ыччаттар туох уратылаахтарый?

-Урукку көлүөнэ оҕолорго дьарык көрүҥэ, араалдьыйыы аҕыйаҕа, онон сүүрэн-көтөн оонньууллара. Билиҥҥи оҕолорго онлайн да нөҥүө, саалга да кэлэн дьарыктаныы элбэх. Онон уратыта итиннэ сытар дии саныыбын.

-Нэһилиэктэргэ сырыттаххына дьарыкка оҕо сылдьыыта хайдаҕый?

-Нэһилиэктэргэ, атын улуустарга элбэхтэ сылдьааччыбын, ыҥырыыга да хаһан да аккаастаммаппын. Билигин спорду ханнык баҕарар улууска өрө тутуу баар. Ол эрэн оҕо сылдьыыта син биир аҕыйах эбит диэн бэлиэтии көрдүм.

-Оҕолорго тугу сүбэлиэн этэй?

-Оҕолорго этиэм этэ, спордунан дьарыктанын, спорду өрө тутуу туох да куһаҕаны аҕалбат, син биир спортсмен буолбаппын диэн тыллаһымаҥ, киһи барыта спортсмен буолбат, ол эрэн тренер, судьуйа буолуохха сөп уонна доруобуйаҥ тупсар,- диэн Дмитрий Дмитриевич бэйэтин сүбэтин тиэрдэр.

Эрчим Николаев, 8 кылаас үөрэнээччитэ.

Читайте дальше