Степан Бурнашов “Күүстээх лидер тула норуот түмсүүлээҕин көрдөрдө”

Амма улууһун уопсастыбаннай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Бурнашов быйылгы быыбар хаһааҥҥытааҕар да уратытык, өрө күүрүүлээхтик барбытын этэр.


“Мин бэйэм элбэх быыбардары ыытан, да сылдьан  да кэлбитим. Ол гынан баран бу кэнники кэмҥэ маннык тэрээһиннээх, өрө күүрүүлээх быыбар буола илик этэ. Амма дьоно-сэргэтэ Арассыыйабыт Бэрэсидьиэнин талар үс күннээх быыбарга наһаа түмсүүлээхтик, үөрэн-көтөн, олох уруккулуу курдук бырааһынньыктыы кэлэр курдук кыттыбыттарын бэлиэтиибин. Бу маннык кинилэр Дойдубут аҕа баһылыгын дьиҥ чахчы өйүүрүн көрдөрдө дии саныыбын. Владимир Путин ыытар бэлиитикэтэ дьиҥ кырдьыктааҕын, сөптөөҕүн биллэрдилэр. Чахчы да кэнники сылларга дьон олоҕун уйгута, укулаата тупсуутугар Арассыыйа үрдүнэн элбэх үлэ барда, араас бырайыактар, бырагыраамалар үлэлииллэр, миэрэлэр ылыллаллар. Ол курдук тыа хаһаайыстыбата, доруобуйа харыстабыла, үөрэх эйгэтэ да буоллун, бары салааларынан сайдыы, хамсааһыннар хаһааҥҥытааҕар да күүскэ бардылар. Быыбар кэмигэр биһиги биир сомоҕо буолан, Владимир Путины өйүүрбүтүн биллэрэн биһиги дойдубут утары барар судаарыстыбаларга күүстээх эппиэппит буолла. Онон кинилэр да Арассыыйа хайдах курдук модунун, норуота түмсүүлээҕин биллилэр. Мин бэйэм биһиги Саха дьоно бары маннык түмсүүлээхпитин көрдөрбүппүтүттэн уонна Амма дьоно лидербитин өйүүрбүтүн биллэрбиппититтэн киэн тутуннум, астынным. Инники да маннык тутуспутунан үүнүөҕүҥ, сайдыаҕыҥ”, — диэн Степан Семенович ис санаатын үллэһиннэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше