Степан Кузьмин: “Сахааччаны үйэтитэр – биһиги ытык иэспит”

Бүгүн номоххо киирбит аатырбыт бөҕөспүт Николай Захаров-Сахаачча төрөөбүтэ 75 сыла. Кини сырдык аатын ааттаан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр ыытылла тураллар.
Сарсыарда Сахаачча бааматынньыгар улуус салалтата, спортсменнар, бэтэрээннэр уонна туох баар спорт эйгэтигэр үлэлиир-хамсыыр бар дьон сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Улуус баһылыга Степан Кузьмин чулуу тустуук аатын үйэтитэргэ үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар дьоҥҥо муҥура суох махталын биллэрэн туран: “Туустууга улахан ситиһиилэрин сэргэ, кэнчээри ыччакка киэҥ аартыгы арыйбыт киһибит Николай Захаров буолар. Биһиги аммалар эрэ буолбакка бүттүүн саха сирэ кининэн киэн туттар. Сахааччаны үйэтитэр – биһиги ытык иэспит”, — диэн эттэ.

Кырдьык, Николай Захаров-Сахаачча СССР сүүмэрдэммит хамаандатыгар сахалартан бастакынан киирэн аан дойду түһүлгэтигэр сахалар даҕаны кыттар, кыайар кыахтаахтарын көрдөрбүт бөҕөс.

Олег ЕГОРОВ.

Читайте дальше