Степан Кузьмин “Уоту кыамтатын күүһүрдэргэ дьоһуннаах кэпсэтиилэр буоллулар”

Амма улууһугар ПАО “Якутскэнерго” саҥа анаммыт генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев уонна СӨ ГУП ОДьКХ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы, кылаабынай инженер Александр Корякин кэлэн үлэлээн бардылар. Бу сырыы Амма улууһа күүстээх уотунан хааччыллыытыгар уонна чааһынай дьиэлэри итиигэ холбонууга суолталаах буолла. Эбийиэктэргэ сылдьан баран, ол түмүгүнэн  улуус баһылыга Степан Кузьмины кытта сүбэ мунньах ыытылынна.

Бу сырыы олус суолталаах. Билэргит курдук Аммабыт улууһугар уот кыамтатын улаатыннарыыттан үгүс боппуруос тутулуктанар. Билигин биһиги 35 КВт-таах эрэ уотунан олоробут. Ол улахан тутуулар барыыларыгар, нэһилиэньэ сөптөөх уотунан хааччыллыытыгар харгыс буолар. Уоту күүһүрдүү боппуруоһа өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтатыгар болҕомтоҕо турар. ПАО “Якутскэнерго” генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев уонна биир дойдулаахпыт Александр Корякин кэлэннэр барытын миэстэтигэр көрдүлэр. Ол курдук Чапчылҕаҥҥа тахсан уот барар түгэнигэр быыһыыр-абырыыр ДЭС-питин көрдүлэр уонна быйыл киириэхтээх “Стадион” хочуолунай тутуутун хаамыытын билистилэр. Кэпсэтиһии түмүгүнэн Гаврил Николаевич салгыы бииргэ үлэлээһини күүһүрдэргэ, кэлэр сылтан хаачыстыбалаах уоту биэриини быһаарар боппуруостары олоххо киллэриигэ үлэлэр саҕаланыахтара, ол түмүгэр улууспутугар бэриллэр уот кыамтата 40 бырыһыан үрдүөҕэ уонна кэлэр сылга Олоҥхо ыһыаҕар от өртүттэн сөптөөх үлэлэр барыахтара диэн эттэ. Маны сэргэ кини РЭС кэлэктиибин кытта көрүстэ, хайдах-туох үлэлээн олороллорун билистэ. Хочуолунай тутуута сөптөөхтүк баран иһэр диэн бэлиэтээтилэр. Графиктан хаалыы суох. Онон тымныылар түһэ иликтэринэ “Ыччат” кыбаарталын 42 ыала хайаатар да бу хочуолунайга холбонуохтара диэн Александр Иванович бэлиэтээтэ. Онон бу икки нэһилиэнньэ олоҕун тыын боппуруоһун хааччыйар тэрилтэлэр салайааччылара кэлэн барбыттара, биһиги улууспутугар олус суолталаах. Салгыы ылыныллыбыт былааннарынан үлэ барыа”, — диэн улуус баһылыга Степан Кузьмин оробуочай сырыы туһунан билиһиннэрдэ.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат