Бөтүҥ нэһилиэгин ытык олохтооҕо, Аҕа дойду улуус сэриитин кыттыылааҕа Петр Егорович Иванов, дьоҥҥо биллэринэн Строд Бүөтүр төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, аймахтара “100 сыл — биир үйэ” диэн кинигэ бэлэмнээн таһаардылар. Саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ Петр Егорович үлэлээн-хамнаан ааспыт тапталлаах Бөтүнүгэр, орто оскуола аактабай саалатыгар буолан ааста.
Петр Егорович Иванов баара эрэ 18 сааһын туолаат Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан Ийэ дойдутун көмүскүү барбыт хорсун саллаат буолар. Кини уоттаах сэриигэ, Арҕаа фроҥҥа сылдьыбыта, Сталинград кыргыһыытын кыттыылааҕа, аатырбыт “Багратион” эпэрээссийэҕэ сылдьыбыта, Севастополь, Керчь куораттары босхолоспута. Саха ньургун уола туохтан да толлубакка хорсуннук сэриилэһэн, дойдутугар “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Аҕа дойду улуус сэриитин 1-кы степеннээх”, “Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин” түөһүгэр мэтээллэрдээх, көхсүгэр улахан аһаҕас бастаах эргиллибитэ уонна сэрии кэнниттэн дойдута атаҕар туруутугар кыаҕа-күүһэ, доруобуйата баарынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
“Биһиги сиэннэр кыра эрдэхпититтэн эһэбитинэн олус киэн туттабыт. Кини мэтээллэрин илиибитигэр ылан сэрэнэ, долгуйа көрөрбүт. Эһэбит эбэбитинээн аҕыс оҕону төрөтөн, атахтарыгар туруорбуттара. Төрөппүттэрбит аҕаларын олус убаастыыллара, кини үлэҕэ, олоххо үөрэппит үөрэҕин күн бүгүнүгэр диэри илдьэ сылдьаллар. Онон биһиги сиэннэр, хос сиэннэр эһэбит Петр Егорович, норуокка биллэринэн Строд Бүөтүр быйыл төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан хайаатар да кини туһунан сэһэргиир кинигэ оҥорон таһаарыахха диэн ылсан бу таһаардыбыт. Манна эдьиийим, сиэнэ Василена Шарина күүскэ үлэлэһэн, киирбит матырыйааллары дьаарыстаан, эрэдээксийэлээн биэрдэ. Кинигэбит Дьокуускай куоракка “Дани-Алмас” издательстваҕа 50 экземплярынан бэчээттэнэнэн таҕыста.
Манна биһиги сиэннэр, хос сиэннэр, оҕолоро, бииргэ төрөөбүт быраата, биллиилээх суруйааччы, суруналыыс Иван Никитич Корякин-Уйбаан Бөтүүнүскэй уонна атын да аймахтар, Бөтүҥ олохтоохторо ахтыылара киирдилэр. Ону сэргэ мин балтыбынаан Валериялыын төрүччүбүтүн оҥорон холонон киллэрдибит. Элбэх хаартыскалаатыбыт. Эһэбит урукку хаартыскаларын оҕолоро бэрт үчүгэйдик харайан уура сылдьаллара олус көмөлөөх буолла. Ону сэргэ Бөтүҥ олохтоох түмэлэ эмиэ элбэх матырыйаалынан көмөлөстө. Таайбыт Иван Никитич эрдэ суруйбут “Амма эбэм сылаас тыына” уонна “Саллаакка” диэн айымньылара тирэх буоллулар. Кинигэбитин бары мустан сүрэхтиир күммүтүгэр Иван Никитич кэлэн, санаатын этэн барбыта наһаа үчүгэй этэ.
Ол кэнниттэн бары эмиэ аймахтар түмсэн эһэбит 100 сааһын бэлиэтээтибит. Бу кинигэни биһиги кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар анаан таһаардыбыт. Кинилэр эмиэ биһиги курдук кининэн киэн тутуннуннар, Ийэ дойдуларын таптаатыннар, бэриниилээх буоллуннар”, — диэн сиэнэ, Амматааҕы киин балыыһа анестезиолог-реаниматолог бырааһа Петр Табунанов сырдатта.
Бэртээхэй халыҥ тастаах, хаачыстыбалаах, элбэх хаартыскалаах кинигэни бибилэтиэкэттэн булан ааҕыахха сөп. Биһиги ортобутугар олорон ааспыт хорсун саллаат туһунан, кини оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара уонна тус бэйэтин ахтыытын, тоҕо кинини “Строд” диэн ааттаабыттарын кинигэни ылан аахтаххытына элбэҕи билиэххит. Бу курдук улууспутугар Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө өссө биир бэртээхэй кинигэ күн сирин көрдө.
“Амма олоҕо” хаһыат