Сулҕаччыга саҥа килиип сүрэхтэниэ

Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Сэмэн Капитонов “Сулҕаччыбар” диэн хоһоонугар олохтоох мелодист Николай Кириллин 90-с сылларга  ырыа айбыта, күн бүгүнүгэр диэри ылланан кэллэ. Өссө быйыл сайын килиип уһуллан, төрөөбүт дойдуга тапталы уһугуннарар истиҥ ырыа саҥа тыыннанна.

Истиҥ ырыаны Сулҕаччы нэһилиэгин дьахталларын “Намыына” ансамбыла бэйэтин репертуарыгар ылан ыллаан бар дьоҥҥо иһитиннэрбитэ ыраатта.  Ансамбыл салайааччыта эдэр талааннаах ырыаһыт Александра Матвеева- Мичийэ буолар. Быйыл сайын ансамбыл бу ырыатын килиипкэ уһулла. Маны олохтоох дьаһалта үбүлээтэ. Килииби Дьокуускай куораттан тахсан Ион Иванов уһулла. Сарсын Х. Максимов аатынан култуура киинигэр саҥа килиип сүрэхтэнэн дьоро киэһэтэ буолуо.

“Намыына” ансамбылы саҥа килииптэринэн истиҥник эҕэрдэлиибит уонна манан эрэ тохтообокко өссө кэрэ ырыалары дьонноругар-сэргэлэригэр бэлэхтии туралларыгар баҕарабыт.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше