Бүгүн, тапталлаахтар күннэригэр, Сулҕаччыга үөрүүлээх уонна кэскиллээх түгэн тосхойдо. Ол курдук, эдэркээн Александр Сутаков уонна Сардаана Ушканова холбоһон, ыал буолан олорууларын бэлиэтин олохтоох дьаһалтаҕа кэлэн саахсаланнылар.
Кэргэнниилэр Сутаков диэн араспаанньаны талан, Сутаковтар диэн саҥа ыал Сулҕаччыга эбилиннэ. Кэргэннии буолуу ааҕын дьаһалта исписэлииһэ Наталья Охлопкова толордо. Эдэр ыалы, кэрэ-бэлиэ күннэринэн олохтоох дьаһалта баһылыга Артем Германович Степанов эҕэрдэлээтэ уонна сэмэй бэлэх туттарда.
Елена Попова.