Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн саҥа, сонун кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна. Үйэттэн ордук кэм аннараа өртүгэр күн сирин көрбүт “Сырдык” диэн илиинэн суруллубут сурунаал “Да минует тьма, Да здравствует просвещение…” диэн кинигэ буолан таҕыста. Сурунаал бас эрэдээктэрэ биир дойдулаахпыт, улууспут бастакы кулубатын төрөппүт уола Асклипиодот Рязанскай буолар.
Сүрэхтэнии чааһа өрөспүүбүлүкэ уонна улууспут Өрөгөй ырыатынан саҕаланна. Бу кэнниттэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Неустроев салайааччылаах Амматааҕы А.А. Черемных аатынан оҕо искусствотын дьиэтин “Кыл кылыһах” ансаамбыла эҕэрдэ нүөмэри толордо. Кинигэни билиһиннэрии тэрээһинин В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ Лариса Винокурова иилээн-саҕалаан ыытта.
“Хрестоматия 2023 сыллаахха 300 ахсаанынан Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай университет издательскай дьиэтигэр бэчээттэнэн тахсыбыта. Эдэр интеллигенция 1917 сыллааҕы суруктара оччотооҕу кэминээҕи көрүүлэрэ, инники сайдыыны торумнаабыттара сөхтөрөр. Бу көстүбүт суруктар история саҥа кэрчиктэрин арыйбыттара хрестоматияҕа толору сырдатыллыбыт. Намҥа көстүбүт «Сырдык» сурунаал туспа кинигэ буолан бэчээттэнэригэр биир дойдулаахпыт драматург Василий Егорович Васильев — Харысхал, суруналыыс, суруйааччы, Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай Университет суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Гаврильевич Сидоров, Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай Университет сурук музейын директора Афанасий Васильевич Мигалкин, Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай Университет суруналыыстыка кафедратын доцена, философскай наука кандидата Валерий Борисович Надькин улахан өҥөлөөхтөр. Сурунаалга иккис тыыны биэрбит киһинэн Намнааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола учуутала Людмила Молчанова буолар. Людмила оҕо сылдьан эһэтин малларыттан булбут илиинэн суруллубут сурунаалын кылаакка тэҥнээн, харыстаан, көрөн- харайан илдьэ сылдьан, сурунаал кинигэ буолан тахсарыгар улахан оруолун ылбытын бэлиэтиибит. Ону таһынан, Национальнай библиотека үлэһиттэрэ сыыппараҕа түһэрэн (оцифровкалаан) улахан көмөнү оҥордулар”, — диэн Лариса Егоровна ханнык-туох кинигэ сүрэхтэнэрин билиһиннэрдэ.
Бу чахчы да биһиги биир киэн туттар биир дойдулаахпыт Аскыл Рязанскай эдэр сылдьан бэйэтин тула сырдыкка дьулуһар эдэр ыччаты түмэн маннык сурунаалы илиилэринэн суруйан, уруһуйдаан таһаарбыттара, дьиктитик тиийэн кэлэн киэҥ араҥаҕа тахсан эрдэҕэ. Сүрэхтэниигэ элбэх киһи кыттыыны ылла. Ол курдук кинигэ күн сирин көрөрүгэр утумнаахтык үлэлэспит Олег Сидоров, СӨ духуобунаһын академиятын академига, ХИФУ сурук түмэлин дириэктэрэ, составитель Афанасий Мигалкин уонна СӨ Национальнай библиотекатын дириэктэрэ, историческай наука кандидата Саргылана Максимова куйаар ситиминэн холбонон санааларын үллэһиннилэр. Кинилэр бу сурунаал ураты суолталааҕын, сыаналааҕын, оччотооҕу эдэр ыччат дьоннорун-сэргэлэрин сырдыкка угуйар хорсун санааларын, ол да иһин сурунаалларын “Сырдык” диэн ааттаан олус үчүгэй буочардарынан суруйан оҥорбуттарын бэлиэтээтилэр. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ Саргылана Максимова бибилэтиэкэ сэдэх кинигэлэри чөлүгэр түһэриигэ уонна харайыыга анаан 90 мөл солкуобайдаах федеральнай көмө ылбыттарын, маныаха “Сырдык” илиинэн суруллубут сурунаал бастакынан аныгы ньыманан консервацияҕа киирэн тыһыынчанан сылларга хайдах баарынан хараллан сытар бастакы холобур буолуо диэн эттэ. Кини сурунаал чахчы да өрөспүүбүлүкэбит биир сэдэх кинигэ пааматынньыга буолар диэн үрдүктүк сыаналаата. Онтон Афанасий Мигалкин кинигэ ыстатыйаларын ырытыыга оскуола үөрэнээччилэрин кытыннаран күрэх оҥоруохха сөп диэн үөрэх үлэһиттэригэр анаан бэртээхэй этиини оҥордо.
Кинигэ бу иннинэ Нам улууһугар сүрэхтэммит эбит. Ол курдук ыытааччы бэлиэтээн ааспытын курдук сурунаалы аан бастаан Намҥа булбуттар. Онон бу үлэҕэ намнар биир дойдулаахпыт Баһылай Харысхалы, Олег Сидоровы, Афанасий Мигалкины ыҥыран, сурунаал үөрэтиллэн кинигэ буолан тахсыбыт. Онон бэлиэ күҥҥэ Намтан кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрэ Майя Софронова, П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы историко-этнографическай түмэл видеоархыыбын пуондатын харайааччыта Мария Петрова кыттыыны ылан, тэрээһин кыттыылаахтарыгар интэриэһинэй иһитиннэриилэри оҥордулар. Түмэл үлэһитэ бэлиэтээбитинэн, бу сурунаалы Аскыллаах 25 буолан таһаарбыттар. 1917 сылтан саҕалаан бүтэһик нүөмэр 1920 сыл муус устар 7 күнүгэр тахсыбыт эбит.
“Сурунаал сырдатар тиэмэтэ киэҥ. Экономика боппуруоһа, норуот инникитигэр, сайдыытыгар 20-чэлэригэр эрэ сылдьар эдэр дьон киэҥник анааралларын, үрдүк таһымҥа толкуйдуулларын сөҕөн бэлиэтиибит. Кинилэр үлэлэрэ, өйдөрө-санаалара, билиҥҥи да кэмҥэ суолтатын сүтэрбэт. Сурунаалтан көстөрүнэн уопсайа 25 буолан таһаараллар эбит. Олор истэригэр Ксенофонтовтар, Никифоровтар, Гаврильевтар, Яковлевтар, онтон да атыттар. Сурунаал уопсайа 21-дэ тахса сылдьыбыт. 1920 сыл муус устарга бүтэһигин тахсыбыт. Ол кэнниттэн сурунаал таһаарааччылара сүтэллэр, симэлийэллэр. Суруйуу ис хоһооно оччотооҕу социализм киэбигэр сөп түбэспэт. Баар суох бастыҥ өйдөөх-санаалаах үөрэхтээх ыччаттарбыт ыар дьылҕаналлар. “Сырдык” сурунаалга атын сиртэн суруктар кэлэллэр эбит. Холобура “А.М.” диэн илии баттааһыннаах сурук баар. Бу сурук Иркутскайтан диэн ыйыллыбыт. Суругу Саха Автономиятын төрүттээччи, саха уһулуччулаах политическай, судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай деятелэ Максим Кирович Аммосов суруйбут диэн дакаастыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, ити кэмнэргэ кини 1918-1920 сылларга Сибииргэ Томскайга сыылкаҕа сылдьыбыта. Аатын уларытан кистэлэҥ сорудахтары толороро. “Сырдык” сурунаалга оччотооҕу саха норуотун саныыр санаата түмүллүбүт. 1917-1920 сылларга суруйуулар биһиги историябытын үөрэтиигэ уонна суруналыыстыкаҕа, литератураҕа, үөрэҕирии салааларыгар биир улахан баай нэһилиэстибэбит буолар”, — диэн Намнааҕы историко-этнографическай түмэл видеоархыыбын пуондатын харайааччыта Мария Петрова сурунаал суолтатын бэлиэтээтэ.
Ити курдук бэйэлэрин санааларын СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ судаарыстыбаннай сулууспатын бэтэрээнэ Анастасия Божедонова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Саргылана Гольдерова – Саргы Куо, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ , «Алта» кинигэ кыһатын салайааччыта Зинаида Архипова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччы, суруналыыс Иван Ушницкай, Арассыыйа уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа доруобуйа харыстабылын туйгуна Анатолий Слепцов, Амма улууһун кииннэммит бухгалтерия салайааччыта, Амма улууһун тимир уустарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Роман Алексеев, Афанасий Рязанскай хаан аймаҕа Александра Ноева, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов, Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин, Амматааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин дириэктэрэ Прокопий Прокопьев үллэһиннилэр. Кинилэр өссө төгүл бу сурунаалы таһаарыыга бас эрэдээктэрдээбит биир дойдулаахпыт Асклипидиот Рязанскай буоларынан киэн тутталларын, кини аатын таһаарыыга уонна сурунаалы үйэтитиигэ улахан өҥөлөөх норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал туһунан сылаас тылларынан аҕыннылар.
Онтон кинигэ сүрэхтэммит бэлиэтин аалай лиэнтэни Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, Намнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин дириэктэрэ Майя Софронова уонна бастакы кулуба Афанасий Рязанскай хаан-уруу аймаҕа Александра Ноева кырыйдылар. Түмүк тылы Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова эттэ уонна кэлбит ыалдьыттарга, кыттыыны ылбыт дьоҥҥо махталын биллэрдэ. Ону кытта бу сэдэх, баара эрэ 300 экземплярынан тахсыбыт кинигэни оскуола, нэһилиэк бибилэтиэкэлэригэр туттарда.
Сиһилии кинигэ туһунан хаһыаппытыгар сырдатыахпыт.
“Амма олоҕо” хаһыат