Сурук икки нэдиэлэ кэриҥэ айаннаата

Алтан нэһилиэгиттэн ааҕааччыбыт, бэтэрээн- учуутал Раиса Никифорова ыыппыт кэмбиэрдээх суруга оруобуна 12 хонук устата айаннаан эрэдээксийэҕэ кэллэ.


Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбит, хоһоон хомуруунньуктарын ааптара Раиса Никифорова эрэдээксийэҕэ урут уруккуттан кэмбиэргэ уган сурук суруйан ыытар. Бу сырыыга эмиэ оннук хоһооннорун хомуруунньугун ис тутулун суруйан баран почтаҕа кэмбиэрдээн илдьэн туттарбыта. Дьэ ол кэнниттэн биһиэхэ эрийэн этэн, ити ыам ыйын 16 күнүттэн ыла ыйыталаһан барбыта. Ыйыттаҕын ахсын суоҕу кытта олордубут. Ыксаан, “бээ маннааҕы почтаттан ыйытыам” диэбитэ. Дьэ онтон кэмниэ кэнэҕэс сурукпут бэҕэһээ, ыам ыйын 27 күнүгэр эрэдээксийэҕэ кэллэ. Бэрди бэркиһээн, барбыт уонна кэлбит бэчээттэрин көрдүбүт. Онно көрбүппүт Алтаҥҥа ыам ыйын 16 күнүгэр киирбит, онтон Аммаҕа кэлбит бэчээтэ ыам ыйын 24 күнэ.

Дьэ уһун, уһаарба эбит, бу почтабыт сырыыта диэн сөрү сөхтүбүт. Ол эбэтэр Амматтан быһа холоон 90-ча килэмиэтир сиртэн 9 хонук устата айаннаан кэлбит. Онтон кэлэн өссө Амма почтатыгар 2 күн сытан баран, 3- с күнүгэр аадырыстаах сирин булбут. Раиса Исаковна «хайа суругум тиийдэ дуо» диэн ыйытан,  суруга кэлбитин туһунан эппиппитигэр,  “2 нэдиэлэ айаннаан дьэ тиийбит дии, уһаарба почта диэтэҕин. Хата, тиэрдибиттэр” диэн  суруйда. Дьэ чахчы уһаарба эбит. Көнөтүнэн киирэр-тахсар массыынанан ыыппыта буоллар, биир күнүнэн кэлиэ эбит. Тоҕо почта маннык бытааннык сылдьарый? Почтаҕа эрийэн билсибиппитинэн, массыына алдьанан сырыы суох буола сылдьыбыт эбит. Дьэ ол да буоллар улуус иһигэрыыппыт суругум  икки нэдиэлэ кэриҥэ   айанныыра сүрэ бэрт буолбатах дуо?

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше