Ороһооспо күн Амма Наахара нэһилиэгэр Сардаана Лебедева дириэктэрдээх «Түмэн» сынньалаҥ киин 2023 сыл түмүгүнэн барыга көхтөөх уус-уран көрүү бастыҥтан бастыҥ кыттыылаахтарын чиэстээтэ.
Сынньалаҥ киин дириэктэрэ Сардаана Константиновна киирии эҕэрдэ тылынан бырааһынньыгы аста. 2023 сыл актыбыыстарын «Түмэн» киинин исписэлиистэрэ сыанаҕа ыҥыран махтал суругу уонна сертификаттары туттардылар. Нэһилиэк култуурунай олоҕор көхтөөх кыттыы иһин «Чэмэлиинэ» үҥкүү ансаамбыла, Наталья Ефремова салайар «Сиибиктэ» ырыа ансаамбыла, «Ситим» эдэр ийэлэр үҥкүүлэрин бөлөҕө, «Чэлгийээнэ» ырыа ансаамбыла наҕараадаланнылар. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ ыытыллар үлэни киэҥ араҥаҕа сырдатыы иһин общественнай кэрэспэндиэн Ирина Корякина-Олесова, байаан доҕордоох ырыа айааччы Юрий Ефремов, өрүү барыга актыыбынай көрүүлээх Августина Шестакова, кулууп наадатынан ханна баҕар ыраах айаҥҥа турунар суоппар Руслан Ефремов, барыга талааннаах Людмила Александрова, эдэр инникилээх ыччаппыт Мичил Ефремов, көрдөөх — нардаах Данил Макаров, ырыа куттаах Гаврил Александров уонна Долгунча Бурцева наҕараадаланнылар. Сыллата ыытыллар тэрээһиннэргэ куруутун күүс-көмө буолар тэрилтэлэр Амма Наахара олохтоох дьаһалтата, Гаврил Пахомов салайар «Быйаҥ», Андрей Никифоров салайар «Байыыка» маҕаһыыннар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ бэлиэтэннилэр. Дьоро күн араас күрэхтэргэ, быыстапкаларга кыттар, талааннаах тарбахтаах Далбар хотуттар Лариса Унарова, Александра Константинова, Ольга Устинова наҕараадаланнылар.
«Ситим» үҥкүү бөлөҕө урукку 70-80 сыллар үҥкүүлэринэн бырааһынньыктааҕы киэһэни олус киэргэттилэр. Бэлиэ киэһэҕэ Владимир Игнатьев, Юрий Ефремов уонна Светлана Захарова, Долгунча Бурцева, Анастасия уонна Гаврил Александровтар, «Сиибиктэ» уонна «Чэлгийээнэ» вокальнай ансаамбыллар ылбаҕай ырыаларын ыҥырыылаах ыалдьыттарга бэлэх ууннулар. Бу күн тыыннаах дорҕооҥҥо араас үҥкүүлэр үҥкүлэннилэр, көрдөөх оонньуулар оонньоннулар.
Саҥа сыл өрөбүллэригэр «Түмэн» сынньалаҥ киин ыыппыт көрсүһүүлэрэ, тэрээһиннэрэ үүммүт сылга элбэҕи эрэннэрэллэр, барыбытын биир сомоҕо оҥороллор. «Үүммүт сыл үтүмэн үөрүүнү аҕаллын! Өрүү сырдыгынан сыдьаайдын, барыбытыгар кэрэни эрэ түстээтин!» — диэн баҕа санаанан дьоро киэһэ түмүктэннэ.
Ирина Корякина-Олесова.