Сыл түмүгүнэн бастыҥ дьиэ кэргэн аата биллиэ

Сулҕаччытааҕы “Чычып-чаап” уһуйаан Россияҕа Дьиэ кэргэн  уонна Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларынан былааннаах үлэни ыытар. Ол чэрчитинэн төрөппүттэргэ фестиваль биллэриллэн ыйдарынан араас күрэхтэр тэриллэллэр.

Олунньу ыйга Ийэ дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр дьиэ кэргэнинэн спортивнай-байыаннай күрэх ыытылынна. Манна кыттааччы хамаандалар граната быраҕыытыгар, бириэмэҕэ автомат хомуйуутугар уонна да араас спортивнай көрүҥнэргэ күрэхтэстилэр.

Бэрт бэһиэлэй күрэх түмүгэр бастакы миэстэни Иван, Галина, Ньургун Окороковтар ыллылар, иккис миэстэ Иосиф, Роксана, Алиса Стручковтар, үһүс миэстэҕэ Герман, Сардана Христофоровтар сиэннэрэ Аделина Слепцованы кытта таҕыстылар.

Фестиваль салҕанар: кулун тутар ыйга “Сааскы таммахтар” күрэх, муус устарга “Умники и умницы” интеллектуальнай оонньуу, онтон ыам ыйыгар Кыайыы күнүгэр аналлаах акция ыытыллыа. Күрэхтэр түмүктэрэ мунньуллан ыам ыйын бүтүүтэ, оҕо ыһыаҕар тахсыа. Күрэхтэргэ барытыгар көхтөөхтүк кыттыбыт дьиэ кэргэҥҥэ  “Бастыҥ дьиэ кэргэн” анал аат иҥэриллиэҕэ.

Елена Попова.

Читайте дальше