Сылааһы киллэриигэ нэһилиэгинэн субуотунньуктаатылар

Эмис нэһилиэгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэлэригэр ититии ситимин тардыыга нэһилиэк барыта турунан үлэлээтэ. Коммунальнай хаһаайыстыба учаастагын үлэһиттэрэ хараҥаны, тымныыны аахсыбакка сылаас киллэриитигэр ылыстылар.


Эмис нэһилиэгин олохтоохторо, чуолаан эр дьоно, ханнык да үлэттэн туора турбакка, уопсай дьыала диэн тэҥҥэ түһүнэр үтүө үгэстээхтэр. Муоста тутуута, суол өрөмүөнэ буоллун, барытыгар тутуспутунан тахсаллар. Онтон бу күннэргэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын дьиэлэригэр киин ититэр ситими холбоон түбүгүрдүллэр. Бу үлэни Степан Новиков салайааччылаах Амматааҕы ОДьКХ Эмистээҕи учаастагын үлэһит уолаттара кыайа -хото тутан иилээн-саҕалаан ыыттылар. Ол курдук тымныыны аахсыбакка, киэһэ хойукка диэри үлэлээн-хамсаан, бэркэ кыһаллан, дьаныһан туран үс анал байыаннай дьайыы байыастарын дьиэлэрин ититии ситимигэр холбоотулар. Үтүө дьыала субуотунньугар кырдьаҕастыын эдэрдиин бары кытыннылар.  Афанасий Бубякин салайааччылаах олохтоох  «Галина» маҕаһыын бэйэтиттэн электроинструменнар үлэлииллэригэр кыах биэрэн, итиннэрэн, босхо кофе, чэй, сэниэ биэрэр минньигэһинэн күндүлээбитэ.

Тоҥ буору хаһан, суолу туоратыы курдук кытаанах үлэлэри ыыппыт  эр дьоммутугар барҕа махталбытын тириэрдэбит. Бу курдук бары үлэлэргэ тэҥҥэ сырыттахпытына, тэҥҥэ ылыстахпытына туох барыта кыайтарыа”, — диэн Эмис нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Айталина Кириллина санаатын тириэрдэр.

Бу курдук “Норуот күүһэ- көмүөл күүһэ” диэн санааны тутуһан Эмис нэһилиэгин олохтоохторо турар кыһалҕалары быһаарсыыга үлэлэһэллэрэ, дойдуларын көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэнэ нус-хас олороругар, билигин кыһыны этэҥҥэ кыһалҕата суох туорууругар күүс-көмө буолаллар.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше