Сүрэх сылааһыгар бигэтэн көмө оҥоруута тохтообот

Амма улууһун олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмөнү оҥоруулара тохтообот. Кыралыын-кырдьаҕастыын бары үтүө хамсааһыҥҥа кыттыһаллара — сотору кыайыы буоларыгар эрэли үөскэтэр. Улууска “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын уонна “Илии сылааһа” түмсүү дойдуларын көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмө буолар үлэни тохтоппоттор. Бу күннэргэ кинилэр өссө баһыылкалары ыыттылар.

“Биһиги бэҕэһээ Дьокуускай куоракка  баар “Якутия с тобой” волонтерскай хамсааһын ыстаабыгар 10 хоруопканы уонна 3 куул көмөбүтүн киллэрэн туттардыбыт.

 

Бу баһыылкаларбытын улуус дьаһалтата биэрэккэ диэри илдьибитэ. Өлүөнэ өрүһү Борис Строев салайааччылаах ирбистэр биригээдэлэрин салайааччыта паромнары кытта кэпсэтэн  баһыылкалары илдьэн иһэр массыынабытын босхо туораппыттара. Өр умайар чүмэчини оҥорууга “Свеча солдату” аахсыйаҕа үөрэх бары тэрилтэлэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Көмүскэнэр сиэккэни өрүүгэ аҕам саастаахтар, тэрилтэлэр күүс-көмө буолаллар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ иискэ бастакы миэстэни ылбыт “Кыыс Амма” хамаанда “Илии сылааһын” түмсүүтэ уолаттарбытыгар мантан кыһын кэтэллэригэр сылаас таҥас кэмипилиэктэрин тигэн эмиэ туттардыбыт. Уоппускаҕа кэлэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар эмиэ биэрэн ыыппыттара. Покровка оскуолатын үөрэнээччилэрэ учууталларын кытта шлем үрдүнэн кэтэр хаххалыыр “нашлемник” тигэн ыыттылар. Маны сэргэ биир дойдулаахпытыгар  бойобуой сорудахтары толорууга олус көмөлөөх оборудованиены ыларыгар кылгас кэм иһигэр 175500 солк хомуйан туттардыбыт. Бу  тепловизионнай монокуляторы биир дойдулаахпыт, Донецкайга тирэх пуун салайааччыта Петр Иннокентьевич Лебедев илдьэ барбыта.

Манна  кыттыспыт бар дьоммутугар, урбаанньыттарга, бааһынай хаһаайыстыбаларга  олус улахан махталбытын тириэрдэбит. Биһиги бу  ыытар үлэбит норуот баҕа өртүнэн биэрэр көмөтүнэн барар. Уолаттарбыт этэҥҥэ бары эргиллэн кэлэллэригэр биһиги манна оҥорор көмөбүт олус улахан суолталаах”, — диэн “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Римма Алексеева санаатын үллэһиннэ.

Күн бүгүн Ф. Потапов аатынан култуура киинигэр харыстанар сиэккэни өрүү, сылаас таҥастары тигии салҕанар. Уопсастыбаннай хамсааһыннар кэлэн күүс-көмө буоларгытыгар ыҥыраллар.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше