Сүрэхтэн тахсар үлэ алгыһынан арчыланна

Амма улууһугар анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр  үлэ тохтообот. Римма Алексеева салайааччылаах “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын бу үлэни иилээн-саҕалаан ыытар.  Ф. Потапов аатынан Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр амарах сүрэхтээх дьон түмсэн күннэтэ харыстыыр сиэккэлэри баайаллар. Бу күннэргэ алгысчыт, Айыы дьиэтин салайааччыта Василий Кочаткин ыытыллар үлэни айыы тылынан, сахалыы алгыһынан арчылаата.

“Биһиги бу үлэбит сахалыы алгыстанан өссө күүһүрүө, санаабытын күүһүрдүө уонна саамай кылаабынайа бу сиэккэлэрбит дьоммутун харыстыыр күүстэрэ өссө улаатыа диэн бигэ эрэллээхпит.  Үтүө санаалаах, амарах сүрэхтээх дьон күннэтэ кэлэн сиэккэлэри баайыыга үлэлэһэллэригэр махтанабыт. Бары бииргэ буоллахпытына, кыайыы сотору кэлэн уолаттарбыт дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллиэхтэрэ.

 

Маны сэргэ биһиги саллааттарга  сиэккэлэри кытта харысхал таастары, суруктары ыытыахпыт. Бу харысхаллары уонна алгыс тыллаах суруктары, уруһуйдары Анатолий Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын оҕолоро төрөппүттэрин кытта оҥорбуттар, суруйбуттар. Ону биһиэхэ оскуола учуутала Кыма Николаевна Жиркова тиксэрдэ ” , — диэн Римма Васильевна сырдатар.

Сиэккэ өрүүтэ салҕанар. Ким бириэмэ эрэ буллар, кэлэн уолаттарбытын харыстыыр сиэккэлэри өрүүгэ кэлэн кыттыһыҥ, кыайыыны уһансыыга бэйэҕит кылааккытын киллэриҥ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше