Владимир Колосов бэрэссэдээтэллээх улуус дьокутааттарын Сэбиэтин саҥа састааба үһүс сессияларыгар алта боппуруоһу дьүүллэстилэр. Ырытыһыыга, куоластааһыҥҥа уон түөрт дьокутаат кыттыыны ылла.
Экономическэй Сэбиэккэ илдьиритиини, ырытыыны ааһан, ол кэннэ депутаттар бюджетнэйхамыыһыйаларыгар көрүллэн баран улууса баһылыгын солбуйааччы Василий Бураев кыттыылааах сессияҕа киирбит боппуруостартан сүрүннэригэр тохтоон ааһыахха.
Бастатан туран анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон сирдэрин арендатын төлөбүрүн “тоҥорор” туһунан уурааҕы кытары КУМИ бэрэссэдээтэлэ Валентин Петров билиһиннэрдэ. Валентин Никитич бу иһитиннэриитигэр Ил Дархан таһаарбыт анал уурааҕар сигэннэ. Улуус үрдүнэн сир арендатыгар иэс-күүс кээмэйэ 2 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр диэн туран “Дьон аренда харчытын уонна иэстэрин СВО-ҕа сылдьар кэмнэригэр эрэ төлөөбөттөр”,- диэн чуолкайдаата.
Оҕо уһуйааҥҥа сылдьар төлөбүрүн уонна аһыыр харчыларын туһунан хорутуулаах дакылааты Үөрэх управлениетын салайааччы Юрий Шишигин оҥордо. Ас-үөл сыаната ыараан, оҕолору аһатар боппуруос салгыҥҥа ыйаммытын Юрий Егорович иһитиннэрдэ: “Күн бүгүн Эмис, Сатаҕай уонна Сулҕаччы уһуйааннара харчылара олоччу баранан, маҕаһыыннаах урбаанньыттартан иэс суруйтаран оҕолорун аһата олороллор”. Онон, 3-гэр диэри саастаах оҕолор аһылыктарыгар күҥҥэ 146 солкуобай көрүллэ олорбут буоллаҕына эһиилгиттэн 153 солкуобайга диэри үрдүүрүн, 3-7 саастаахтар харчылара 174 солкуобай диэри үрдүөҕүн эттэ.
Улуус эһиилги бүддьүөтүн бастакы ааҕыытыгар Эльвира Пестерева туризмы сайыннарыыга дуона суох харчы көрүллүбүт диэн бэлиэтээтэ: “Урбаанньыттар улууска кырата суох дохуоту киллэрэллэр. Бүддьүөт иккис ааҕыытыгар туризмы сайыннарыыга харчыны 20 мөлүйүөҥҥэ диэри үрдэтиэххэ”,- диэн тыл көтөхпүтүн Үп управлениетын салайааччы Прасковья Бессонова ылыммата. Кини улуус харчыта үксэ дотациянан кэлэр буолан ордук харчы көрүллэр кыаҕа суоҕун быһааран туран: “Иккисс ааҕыыга туризмҥа тоҕо харчы тиийбэтин сиһилии ырытан көрдөрүөм”,- диэн эрэннэрдэ.
Бастакы ааҕыыга улуус бюджетин дохуотун – 145 мөл. солк. депутаттар куоластаан ылыннылар. Иккис ааҕыыга субвенция, дотация бигэргэннэҕинэ, ороскуот чааһын сиһилии көрүөхтэрэ.
Олег ЕГОРОВ.