Сүрүн сорук – общественнай бэрээдэги көрүү

Арассыыйа Ис дьыалаҕа министиэристибэтин Амма оройуонунааҕы салаатын үлэтэ-хамнаһа өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥнар ахсааннарыгар киирэр. Манна полиция полковнига Игорь Иванович Долгунов начальниктыыр, подполковник, отдел кадр Анна Егоровна Илларионова үлэлиир эрдэхтэринэ сэттэ подполковник бииргэ үлэлээбиттэрин киэн тутта этэллэр.

Ол – Прокопий Васильевич Антонов, Спартак Ильич Малыкайцев, Аммос Систирович Алексеев, Николай Васильевич Гоголев уонна Николай Николаевич Попов. Амма отделыттан милииссийэ полковниктара Петр Васильевич Лазарев уонна Константин Константинович Неустроев СӨ Ис дьыала миниистирин солбуйааччытыгар тиийэ үүммүттэрэ. Араас улуустарга милииссийэ начальниктарынан 10-тан тахса киһи үлэлээбиттэрэ: Самсон Васильевич Чупров Үөһээ Дьааҥыга, Афанасий Лазаревич Афанасьев Үөһээ Дьааҥыга уонна Дьокуускайга, Андрей Иванович Дягелев Кэбээйигэ уонна Усуйаанаҕа, Афанасий Федотович Захаров Уус Маайаҕа, Константин Константинович Неустроев Чурапчыга, Геннадий Гаврильевич Алексеев Чурапчыга уонна Ленскэйгэ, Гаврил Гаврильевич Гаврильев Муомаҕа, Василий Николаевич Федоров Усуйаанаҕа, Николай Николаевич Попов Орто Халымаҕа, Гаврил Гаврильевич Захаров Абыйга. Маны таһынан ИДьМ үлэһиттэрин илин эҥэр уонна киин оройуоннарын спартакиадатыгар сэттэ сыл тухары чөмпүйүөн үрдүк аатын тута сылдьыбыттара элбэҕи этэр.

2018 сылтан отдел начальнигынан, Ис дьыала органнарыгар 1992 сылтан үлэлиир улахан уопуттаах, полиция подполковнига Стрекаловскай Василий Васильевич  үлэлиир.

Күн бүгүн отделга 56 сотрудник бэрээдэги көрүүнэн, нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйаллар. Кини солбуйааччыта Ис Дьыала систиэмэтигэр 2012 сылтан үлэлиир, юрист идэлээх полиция майора Николай Владимирович Турантаев иһитиннэрбитинэн, Амма улууһугар кэнники сылларга арыгылаан баран бэрээдэги кэһии, уулуссаҕа буруйу оҥоруу көрдөрүүтэ лаппа аччаабыт.

Ол оннугар олохпут сайдыытынан дойду үрдүнэн АйТи диэн саҥа буруйу оҥоруу көрүҥэ элбээбит. Отдел сотрудниктара нэһилиэнньэ АйТи түөкүттэргэ киирэн биэрбэттэрин инниттэн өйдөтүү үлэтин, араас акциялары күүскэ ыыталлар.

Биллибэт интернет сайтар, онлайн маҕаһыыннар нөҥүө түөкүннээһин кэнники үс сылтан бэттэх олус элбээтэ. Аҥардас быйыл 13 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ, онтон үһэ арылынна. Түөкүттэр кылгас кэм иһигэр дохуоккутун үрдэтиэхпит диэн албыннаан онлайн реклама, биллэрии нөҥүө дьону угуйаллар. Интернет кабинеттарыгар киллэрэн, араас ньыманан дьону итэҕэтэн, эрэннэрэн сыыйа-баайа улахан сууманы ыыттаран бараллар. Манна ордук харчыларыгар ыктара сылдьар, биитэр чэпчэкитик барыстаныан, харчыны түргэнник өлөрүөн баҕалаах дьон киирэн биэрэллэр. Дьон бэйэтэ баҕа өттүнэн сөбүлэспит буолан, харчыларын төнүннэрэр үгүс түбэлтэҕэ кыаллыбат. Маннык буруйу арыйыы олус уустук буолар. Көмүскэнии биир – босхону, чэпчэкини эккирэтимиэххэ наада. Биллибэт интернет сайтарга киирэн регистрацияланартан, табаар сакаастыыртан туттунуохха наада, — диэн сүбэлиир Николай Владимирович.

Амматааҕы Ис дьыала отделыгар общественнай бэрээдэги араҥаччылыыр сулууспаҕа 2008 сылтан, быйыл номнуо 15-с сылын харыс да сири халбарыйбакка бэриниилээхтик, таһаарыылаахтык полиция уполномоченнай участковайдарын уонна сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар отдел начальнига, полиция майора Валерий Дьяконов үлэлиир.

— Полиция үлэтин киһи эрэ барыта тулуйбат. Ол гынан баран, өрөспүүбүлүкэ сводкатыгар араас быһылааннар тахсыбыттарын көрдөхпүнэ, бэйэбэр наһаа чугастык ылынабын, санаам тулуйбат уонна мин бэрээдэги көннөрсүбэтэхпинэ, мин үлэлээбэтэхпинэ дьон нус-хас олоҕун ким араҥаччылыай диэн санаалар үүйэ-хаайа туталлар. Бэйэм учуутал идэлээх буоламмын уонна эрдэ спорт оскуолаҕа үлэлээбит уопутум дьону кытта алтыһарбар улаханнык көмөлөһөр. Биһиги үлэбитигэр нэһилиэк баһылыктара, солбуйааччылара, ыччат лидердэрэ, чуолаан улууспут баһылыга Степан Николаевич Кузьмин, кини солбуйааччылара Василий Иванович Бураев, Нюргуяна Ивановна Илларионова, Аммабыт нэһилиэгин аҕа баһылыга Михаил Алексеевич Артемьев улахан күүс-көмө буолаллар. Кэтээн көрөөһүн түмүгүнэн, быйылгы сылга арыгы иһэн баран буруйу оҥоруу, эрдэ сууттанан баран учуокка турааччылар буруйу оҥоруулара 50% кыччаата, — диэн Валерий Семенович үөрүүтүн үллэстэр.

Амматааҕы Ис дьыала отделын бэтэрээннэрин Сэбиэтигэр күн бүгүн 52 киһи баар. Бэрэссэдээтэлинэн Ис дьыала эйгэтигэр олоҕун анаабыт, Трифоновтар милииссийэ династияларын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, оставкаҕа сылдьар милииссийэ майора Анатолий Дмитриевич Трифонов үлэлиир. Кини аҕата Амма улууһугар бастакы ГАИ начальнига, кэлин Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлээбит, ат сүүрдүүтүн бастыҥ комментатора, тэрийээччитэ Дмитрий Николаевич Трифонов буолар.

Анатолий Дмитриевич аҕатын туйаҕын хатаран, аармыйа кэнниттэн тута 1977 сыллаахха муус устар ыйга милииссийэҕэ үлэҕэ киирбитэ. Орел куоракка Орловскайдааҕы милииссийэ оскуолатыгар ГАИ үөрэҕэр үөрэммитэ. Ол кэнниттэн Таатта, Өлүөхүмэ улуустарыгар участковайынан, онтон төрөөбүт дойдутугар Аммаҕа ГАИ инспекторынан үлэлээн баран, кэлин уголовнай розыскаҕа көспүтэ. Москубатааҕы юридическай үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, уголовнай розыскаҕа криминальнай милииссийэ начальнигынан үлэлии сылдьан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Уопсайа 29 сыл үлэ ыстаастаах. Күн бүгүн бэтэрээннэр Сэбиэттэрэ отдел үлэтигэр-хамнаһыгар, араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар, общественнай бэрээдэги көрүүгэ күүс-көмө буолаллар.

— Милииссийэ үлэтэ олус ыарахан үлэ. Общественнай бэрээдэги тутууга уонна олохпут үчүгэй буоллун, оҕолорбут үчүгэйдик сырыттыннар диэн сүрүн соруктаах. Урукку бириэмэҕэ сүрдээх элбэх өрүттээх үлэ ыытыллара. Оскуола оҕолоругар лекциялары, тэрилтэ үлэһиттэригэр, ыччакка иитэр-өйдөтөр үлэлэри оҥорорбут. Аны киэһэ аайы норуот дружинатын кытта ДНД-га тахсабыт, күнүстэри-түүннэри үлэлиирбит. Кыһын хочуолунайдары кытта күн аайы бэрэбиэркэлиирбит. Отделга бастаан сүрдээх аҕыйах этибит. Дьуһуурунайдыыгын, ол кэнниттэн патруллуугун, туох эмит дьыала буолла да бары күргүөмүнэн тахсан үлэлиирбит. Оччолорго үлэлиир дьиэбит эргэ, отделбытыгар усулуобуйа суоҕун кэриэтэ этэ. Онтон отделга билигин биэнсийэҕэ олорор милииссийэ полковнига, өр сыл Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үлэлээбит Семен Федорович Босиков Аммаҕа кэлбитэ. Бастаан уголовнай розыск, онтон криминальнай милииссийэ салайааччытынан үлэлээн баран, кэлин отдел начальнига буолбута. Семен Федорович салалтатынан күн бүгүн үлэлии олорор икки этээстээх мас дьиэбитин субуотунньук күүһүнэн туппуппут. Ону таһынан спортивнай саал, гараж, сынньанар балаҕан, остолобуой, сауна туттаран, оннооҕор бассейн кытта баара, бэл, кэтэх хаһаайыстыба кытта тэрийбитэ. Онон аныгы отдел үлэһиттэрэ бэрээдэги өссө үчүгэйдик көрөннөр, Амма улууһун общественнай бэрээдэгин көрдөрүүтэ өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьарыгар баҕарабын, — диэн Анатолий Дмитриевич эдэр кэлэктиипкэ баҕа санаатын тириэрдэр.

Вера Иванова.