Талааннаах педагог аатын үйэтитэн

Сарсын, сэтинньи 30 күнүгэр, Сатаҕай нэһилиэгэр нуучча дуобатыгар улуустааҕы чемпионат ыытыллаары турар. Чемпионат наставник учуутал Иван Неустроев төрөөбүтэ 80 сылыгар ананан ыытыллар. Биир дойдулаахтара үтүө киһилэрин, дэгиттэр дьоҕурдаах физкультура учууталын аатын күн бүгүнүгэр диэри үрдүктүк тутан, кини аатын үйэтитэр сыаллаах бу чемпионаты тэрийсэллэр.


Иван Егорович Неустроев туһунан кини үөрэнээччилэрэ, бииргэ алтыспыт дьоно сылаастык саныыллар.

Сатаҕай орто уопсай үөрэхтээһин технологияҕа учуутала Василий Лукин:

 “Иван Егорович, мин учууталым, кэлин наставнигым этэ. Черчение уруогар 1 мм сыыспыт  буоллахпына, бырастыы гыммат буолара. Ол курдук үөрэтэр уруогар олус ирдэбиллээх буолан черчение уруогар олус үчүгэйдик үөрэммитим. Оройуоҥҥа, черчение олимпиадатыгар наар миэстэлэһэр этим. Иван Егорович миигин элбэххэ уһуйбут, үөрэппит буолан (уруһуйдуурга, плакат суруйуутугар, уһанарга),  идэбин эмиэ бу хайысхаҕа туһаайбытым. Намнааҕы педагогическай училищены бүтэрэн кэлбиппэр, үлэлиир миэстэтин туран биэрбитэ. Бэйэтэ мастер – педагог диэн ставкаҕа оҕолору куруһуокка дьарыктаабыта. Киниэхэ «Маастар-педагог» диэн үрдүк аат үөрэппит оҕолорун муоһунан, маһынан оҥорбут үлэлэрэ араас өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапкаларга наар миэстэлэһэр буоланнар  иҥэриллибитэ. Мастарыскыайга  хаһыа да буолан үлэлиир этибит, биир кэмҥэ  9 трудовик баар буола сылдьыбыттааҕа. Ол кэмҥэ Татьяна Ивановна бырайыагынан эбиэттэн киэһэ куруһуоктар утумнаахтык үлэлээбиттэрэ. Элбэх буолан сүрдээх иллээхтик, айымньылаахтык  үлэлээбиппит. Сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри мастерской иһэ үп үллэҥнэс киһи буолара. Оҥоһуктары экспэримиэнниир дьарыктаах этибит, араас композициялары, оҥоһуктар технологияларын, саха оһуордарын ырытыһабыт. Кузницаҕа араас оноһук бөҕө оноһуллара, хаһаайыстыбаҕа туттар тэриллэртэн саҕалаан быһахха, анньыыга, хомуска тиийэ.  Арыт күн 17-20 быһаҕы араас матырыйаалтан оҥорон баран, дэлби төһө бөҕөтүн бэрэбиэркэлээн тоһутан, алдьатан, мастерскойтан оноһуга суох кураанах тахсан бараллара. Оннук элбэх эксперимент, оҥоһук кэнниттэн тоһоҕону кыһар быһахтары оҥорор этэ. Бэйэбит айбыт туттар тэрилбит элбэх буолааччы.  Аны киэһэ үлэ кэнниттэн саахыматтыыр, эр дьон мустар сирдэрэ этэ. Ол курдук үлэни кытта сынньалаҥы тэҥҥэ тутара. Мин үлэлии кэлбит сылбар элбэх быыстапкаларга кыттар этибит,  улуус иһинэн буолар,  өрөспүүбүлүкэҕэ  буолар быыстапкаларга куруутун миэстэлэһээччибит. Биир оннук күрэххэ бастаабыппыт иһин тимир токарнай станогу бэлэх быһыытынан биэрбиттэрэ.  Иван Егорович дэгиттэр талааннаах учуутал буоларын быһыытынан, туох баар сатабылыгар оҕолору кыһаллан үөрэппитэ, киниэхэ үөрэммит оҕолор олохторугар бэлэмнээх дьон буолан тахсыбыттара. Ол оҕолортон биэс үөрэнээччитэ билигин технология учууталынан үлэлии сылдьабыт”.

1988-1994, 2006-2007 с.с. оскуола дириэктэринэн үлэлээбит Василий Иванов:

Иван Егоровиһы кытта Сатаҕайга 1977 сыллаахха үчүгэйдик билсибитим. Бастаан көрдөххө саҥата-иҥэтэ суох, сэҥээрдэҕинэ мүчүк гынан кэбиһэр үгэстээҕэ.  1991 сыллаахха управляющай Никитин Иосиф Семенович  өйөөһүнүнэн орто оскуола базатын бэлэмниир инниттэн үөрэтэр мастерской саҥа дьиэтин Чемезов Гаврил Федорович, Чемезов Александр Семенович, кочегардар Яковлев Семен Ильич, Судинов Дмитрий Дмитриевич уонна Иван Егорович прорабтаан, тутан үлэҕэ киллэрбиппит. Ис-тас оҥоһуктарыгар учууталлар Прокопьев Иван Трофимович, Шишигин Николай Алексеевич, маһын кэрдиитигэр Адамов Иван Николаевич, төрөппүттэр  Филиппов Афанасий Львович, Терентьев Зиновий Зиновьевич көхтөөхтүк кыттыбыттара.

Саҥа мастерскойга Уйбаан санаата кэлэн, муоска, маска тимиргэ Алексей Петрович Скрябинныын, Данил Михайлович Давыдовтыын үлэлэрэ күөстүү оргуйбута. Орто оскуола базатыгар оройуон үлэҕэ учууталларын семинардара ыытыллыбыта. Үөрэнээччилэрин оҥоһуктара улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкалара биһирэнэн Арассыыйа күрэҕэр тиийэ кыттыбыттара. Чемезов Саша, Терентьев Саша, Неустроев Володя муоһунан оҥоһуктара анал бириистэри ылбыттара. Иван Егорович быһаҕы киһи туттарыгар табыгастаах гына улахан, кыра, орто мээрэйдэринэн дьон сакааһынан оҥороро. Уйбаан, Алексей, Данил быһахтара, кыыннарын оҥоһуута тупсаҕай, киһи туһанарыгар табыгастаах: хататтаах, искэхтээх, ат туйаҕын ыраастыырдаах дьэрэкээн быһахтара элбэх киһиэхэ бэлэх буолан билигин туттулла сылдьаллар. Уйбаан мастерской сэбиэдиссэйин быһыытынан бииргэ үлэлиир уолаттарын биир өйгө-санааҕа түмпүтэ. Бэйэтэ үөрэппит уола Василий Лукин кини туйаҕын хатаран, мастерскойу үлэлэтэ олорор. Уйбаан олоҕун аргыһа Мария Семеновналыын биэс оҕону күн сирин көрдөрөн көччөх гына көтүттүлэр.

 

 

Аҕа быһыытынан уолаттарын эт-хаан өттүнэн сайдыылаах дьон буолалларыгар сүрүн болҕомтотун уурара. Кыра эрдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан  илиинэн от оҕустаран, уол оҕону буһарар-хатарар ньымалардааҕа. Өрөспүгүбүлүкэ таһымнаах быыстапкаларга утумнаахтык кыттыы түмүгэр Алексей Скрябин, Иван Неустроев быһах, хомус оҥоһуктара ураты оҥоһуулаахтарын бэлиэтээн “норуот маастара” ааты ылбыттара”.

Бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ Анастасия  Лукина:

“Оччотооҕу кэмҥэ учуутал туохха дьоҕурдааҕынан куруһуок, секция ыытарбыт. Иван Егорович өр кэмҥэ соҕотоҕун  физкультура учууталынан үлэлээбит кэмнээҕэ. Онно теннискэ, дуобакка, саахымакка, сүүрүүгэ, хайыһарга, тустууга оҕолору эрчийэрэ. Кыараҕас көрүдүөрбүтүгэр теннис остуолун туруортарбыта уонна ким баҕалааҕы барыларын үөрэтэрэ. Оҕолор переменаҕа оонньуулара, улахан уолаттар мэниктээн уруоктан “үүрүллэн” тахсан оонньууллара. Ракетка былдьаһыга буолара, уочараттаан оонньууллара. Теннис мээчигэ олус күндү. Ньалбайан хааллаҕына, сылаас ууга уган көннөрөҕүн. Оннук күүскэ теннискэ уһуйбута, бэйэтэ олус үчүгэйдик оонньуур этэ. Сатаҕайбытыгар теннис оннук сайдыбыт кэмэ этэ. Билиҥҥи курдук саала суох, оскуола үлэҕэ киирэ илик, ити 1971-1973 сылларга буолуо. Киномеханик Уйбаан Артемьев Саҥа Дьылы көрсө, ый инниттэн таблица оҥорон ыйыыра. Дьэ, онно ким баҕалаах үлэ чааһын кэнниттэн бары кэлэн оонньууллар этэ. Иван Егорович оҕолорго олус сымнаҕас майгылааҕа, мүчүҥнээн эрэ кэбиһэрэ. Аммаҕа күрэхтэһэ бардахха кинини билэр киһи элбэҕэ сөхтөрөрө, билсэр доҕотторо үгүс буолааччы. Улахан кылаас уолаттарын хамаандаларын бэйэлэрэ дьаһанан сылдьалларын ирдээччи, оннук үөрэтэрэ. Захаров Юраны атын оҕолор “кини учууталгыт дуо?” диэн ыйыталлар эбит. Ол курдук Иван Егорович оҕолору эрдэттэн бэйэлэрин көрүнэргэ үөрэтэрэ, олоххо бэлэмнээх буолалларыгар иитэрэ. Уйбаан Дьөгүөрэбис үлэ уруогун ыытар буолан, күнү быһа мастерскойга сылдьар, үлэтинэн элбэх быыстапкаларга кыттар этэ, ардыгар “мастерскойга хонор да этэ” диэн Мария Семеновна кэпсээччи. Дьиэ-кэргэн аҕа быһылыгын быһыытынан булчут бөҕө, кусчут бэрдэ. Айар киһи буолан аҕыйах саҥалаах, бытаан соҕус туттуулаах этэ. Үөрэппит оҕото Алексей Петрович Скрябин — дэгиттэр уус, үкчү учууталын Уйбаан Дьөгүөрэбис курдук эмиэ киэҥ холку майгыта учууталын санатар”.

Сиһилии Иван Егорович Неустроев туһунан «Амма олоҕо» хаһыат сэтинньи 29 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕаарын.

Христина СКРЯБИНА, Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай уопсай үөрэхтээһин педагог-бибилэтиэкэрэ

 

 

 

 

 

 

Читайте дальше