Тас биричиинэттэн өлүү боппуруоһугар туһаайылынна

Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар  баһылыктар, кинилэр солбуйааччылара, полицияттан, уопсастыбаннай тэрилтэлэр салайааччылара, ТХПК бэрэссэдээтэллэрэ кыттыылаах киэҥ ыҥырыылаах мунньахха  . ханнык боппуруостар көрүлүннүлэр? Ол биир боппуруос – тас биричиинэттэн өлүү ахсаана киһи дьиксинэр гына үрдээбит.

Буруйу оҥоруу улахан бырыһыана арыгыттан тахсарын бука бары чуолкайдык билэбит. Хомойуох иһин арыгы киһиэхэ, дьиэ кэргэҥҥэ алдьатыыны, арахсыыны эрэ буолбакка, өлүүнү аҕалара саамай улахан содула буолар. Ол курдук Амма улууһугар тас биричиинэттэн, ол эбэтэр ыалдьан, доруобуйата куһаҕаныттан буолбакка, 2023 сылга 30 киһи бу орто дойдуттан букатыннаахтык барбыт. Бу сыыппара маннык үрдүккэ тахсыбытынан, улуус дьаһалтатыгар киэҥ ыҥырыылаах мунньах ыытылынна. Мунньаҕы улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова иилээн-саҕалаан ыытта. Балаһыанньа уустугуран, салгыы бу сыыппара үрдээбэтин, маныаха үлэ-хамнас хайдах ыытыллыахтааҕар, уопсастыбаннас, нэһилиэк дьаһалталара, тэрилтэлэр салайааччылара туох- ханнык санаалаахтарын, этиилээхтэрин билээри мунньаҕы тэрийбиттэрин бэйэтин киирии тылыгар улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов иһитиннэрдэ.

Мунньахха сүрүн дакылааттары улуус кылаабынай бырааһа Михаил Архипов, СӨ  ИДЬМ Амматааҕы отделениетын начальнига, полиция подполковнига Василий Стрекаловскай, баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова оҥордулар.

Санаа атастаһыытыгар улуустааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор хамыһыйаларын эппиэттиир сэкэрэтээрэ Виктория Феоктистова, эпиэкэ отделын салайааччыта Саргылана Хван, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов, улуустааҕы ИДьО иһинэн уопсастыбаннай Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Николай Гоголев, Сэбиэт бэрэссэдээтэлин  солбуйааччы Марфа Ким Ир Сен, улуус уопсастыбаннай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Бурнашов, Чакыр нэһилиэгин баһылыга Прокопий Прокопьев, “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Амматааҕы салаатын салайааччыта Оксана Архипова, “Бөтүҥ” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Левин, Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Василий Дьяконов кытыннылар, этиилэрин киллэрдилэр.

Дакылаатчыттар да, санааларын этиммиттэр да биир санаалаахтар – уопсастыбаннас күүһүн толору туһанан, сэрэтэр үлэни күүскэ ыытыахха. Маныаха биир ситимнээх үлэ барыахтаах, оччотугар эрэ туох эрэ түмүккэ тахсыахха сөп диэн буолла. Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Нюргуяна Ивановна быһаарыы ылыллан, бары киирбит этиилэр учуоттаныахтара уонна былаан ылыллан биир ситимнээх  үлэ барыаҕа диэн эттэ.

Ханнык-туох кэпсэтии буолбутун сиһилии “Амма олоҕо” хаһыакка ааҕан билсээрин.

“Амма олоҕо” хаһыат