Төрөөбүт төрүт тылбыт сөрүүн сүөгэй курдук

Бүгүн төрөөбүт тыл уонна сурук бичик күнэ.  Амма улууһугар төрөөбүт төрүт тылларынан санааларын сайа этэр уран тыл абылаҥар ылларбыт айар куттаах дьоммут элбэхтэр.  Онтон биирдэстэрэ Дария Васильева -Амма Даайыс ийэ тылыгар анаабыт хоһооннорун бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ ыыппытын билиһиннэрэбит.

Ийэ тылым дорҕооно

Төрөөбүт ийэ-тыл бастакы дорҕоонун

Бастаан ким айбыта буолуоҕай,

Онтон ыла оҕолуу иитиэхтээн

Итии тыынын иҥэрэн биэрдэҕэй?!

Хантан эрэ,кимтэн эрэ

Хайаатар да ол саҕаланнаҕа,

Үйэлэргэ үүнэн-ситэн,

Бэл, миэхэҕэ кэллэҕэ.

Ийэ-тыл — дьикти,

Ийэ-тыл — истиҥ,

Ийэ — тыл — олох,

Айыылартан,

Айылҕаттан

Сүдү, сүүнэ,

Сөҕүмэр  бэлэх!

Ийэ -тылбын иэйии гынан

Ыраастык илдьэ сылдьыахпын саныыбын,

Абылыыр күүстээх дьикти дорҕооннорун

Сөҕө, манньыйа,

Сөбүлүү истэбин!

 

ХХХ

 

Иҥэриммит ийэ-тылым

Ийэ-тылбын, иэйэр тылбын

Мин туохха да биэрбэппин,

Ийэм үүтүн иһэр кэмтэн

Бэйэбэр иҥэрбиппин.

Ийэм миигин бигии-бигии

Истиҥ тылын эттэҕэ,

Киҥинэйэн ыллыы-ыллыы

Киэһэтин утуттаҕа…

Сарсыардатын күн тахсаатын,

Сардаҥалаах санаалар

Ийэ-тыллыын ситимнэһэн,

Саҥалыы сандаараллар.

Ийэ-тылым дорҕоонноро,

Оһуор-бичик буоланнар,

Олох суолун симэһэннэр,

Саҥа күөҥҥэ сирдииллэр.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше