Амма Наахара нэһилиэгин «Түмэн» сынньалаҥ киинигэр «Төрөөбүт төрүт тыл» бэлиэ күнүн түмүктүүр тэрээһинэ буолан ааста.
Ийэ тыл эйгэтигэр иитиллэр оҕолорбут, нэһилиэк олохтоохторо сахалыы таҥнан, симэнэн кэлбиттэрэ көрүөхтэн кэрэ. Төрөөбүт тылбытын таптаан, сыаналаан өбүгэлэрбит кичэйэн оҥорон хаалларбыттарын харыстаан илдьэ сылдьыы, сайыннарыы биһиги ытык иэспит буолар.
Нэһилиэккэ төрүт тылы, үгэстэри, сахалыы куту оҕо саастан бэлэхтиир «Үрүйэчээн» фольклорнай бөлөх салайааччыта Туяра Мартынова биэчэри салайан ыытта. Саалаҕа олорор көрөөччүлэри «Үрүйэчээннэр» алаадьынан күндүлээтилэр. Онтон сахалыы оһуор үҥкүүтүн Юля Захарова тэрийэн флешмобка бары туран кыттыстылар. Биир дойдулаахпыт Баһылай Филиппов — Амыырыскай суруйан хаалларбыт «Үөмэстэй бэргэн» олоҥхотун «Өбүгэ» фольклорнай бөлөх туруорда. Манна кыттыбыт эдэркээн ийэлэр Марина Макарова, Аля Александрова, Мария Пахомова үһүө бэйэлэрэ араас оруолларга куоластарын уларыта — уларыта аахпыттарын көрөөччү ытыс тыаһынан көрүстэ.
Онтон Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үлэлээх «Үрүйэчээн» фольклорнай бөлөх кыттааччылара Эмистэн төрүттээх Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотун толорбуттарыгар көрөөччүлэр үөрэ-көтө сылаас ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр. Оҕолор тутта-хапта, саҥара-иҥэрэ үөрэммиттэрэ таайан аҕыйах хонуктааҕыта «Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэй!» күрэххэ иккис үрдэли ылан кэлбиттэрэ буолар. Дьэ онтон көрөөччүлэр биэчэри ыытааччы Туяра Мартынова таһаарар хомуһугар холбонон бары тэҥҥэ хомус тардан дьиэрэттилэр. Үөрүү быыһыгар уоскулаҥҥа көрөөччүлэргэ анаан нэһилиэк ааҕар дьиэтин салайааччыта Екатерина Унарова саха тылыгар аналлаах тургутуу оҥордо. Онтон саалаттан Матрена Петрованы таһааран мимика нөҥүө айымньылары таайтарда. Бу киэһэ «Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэй!» олоҥхо күрэҕин кыракый олоҥхоһуттарыгар Ганя Пахомовка «Дорҕоонноох толорооччу», Мира Романоваҕа «Түөлбэ үгэһин тутааччы», Уйгууна Кузьминаҕа «Ийэ кылыһахтаах толорооччу» анал ааттары итиэннэ Иккис үрдэли ылбыт кыра «Үрүйэчээннэргэ» улахан «Үрүйэчээн» оҕолоро анал ааттарын, статуэткалары туттардылар.
Сахалыы тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ.
Саха омуга билигин сайдан, кыахтанан, омук быһыытынан туспа ааппытын ааттатан бары өттүгэр сатабылбытын кэлии дьоҥҥо көрдөрөн, бэйэбитин убаастатар, ытыктатар гына тутта-хапта, үлэлии-хамсыы сылдьыахтаахпыт. Төрөөбүт тыл бу биһиги саамай улахан баайбыт буоларын умнумуоҕуҥ!
Ирина Корякина — Олесова.