Тимир уустара санаа атастастылар

Амма тимир уустарын түмсүүтэ Олоҥхо Ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн «Чороон XXI үйэ» тэрилтэҕэ  сылдьан санаа атастастылар, үлэ хаамыытын дьүүллэстилэр, инники соруктары туруордулар. Түмсүү салайааччыта Роман Алексеев тэрилтэ саха куттаах балаҕаныгар кэпсэтии ураты тыыннаах эбит диэн бэлиэтиир.

Аны сайын улууспутугар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллаары бэлэмнэнии күн аайы тохтообокко барар. Ыһыаҕы биир ордук долгуйа күүтэр дьонунан тимир уустара буолаллар. Биллэрин курдук кинилэр ыһыах күн Амма өрүс биэрэгиттэн ылыллыбыт тимирдээх тааһыттан болгуо уһаарыахтаахтар. Онон бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ барар. Биир оннук тэрээһин Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт Софья Попова салайааччылаах “Чороон XXI үйэ” тэрилтэ саха балаҕаныгар буолла. Көрсүһүүгэ кыттыыны улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын управлениетын методиһа  Ольга  Судинова,  Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын түмэлин дириэктэрэ Байдам Айантай, Амма тимир уустарын түмсүүтүн салайааччыта Роман Алексеев уонна улууспутун киэҥ эйгэҕэ ааттата сылдьар ааттаах-суоллаах тимир уустара Александр Михайлов,  Александр Терентьев – Айгын Уус ылан, ону сэргэ улуус  тимиргэ уустара сылдьан, бэрт сэргэх, интэриэһинэй, элбэх саҥаны арыйар кэпсэтии буолла.

“Мин бу тимир уустар түмсүүлэрин салайбытым оруобуна аҕыс ый буолла.  Бу кэм устатыгар аҕам саастаах, ытыктанар, уһаммыттара ырааппыт уустары кытта алтыһан саха итэҕэлин, култууратын, кини олоҕун туһунан бэрт элбэҕи биллим. Аны сайын ыытыллыахтаах ыһыахпытыгар уустар биир ураты миэстэни ылыахтара. Онон онно бары биир санаанан салайтаран үлэлии сылдьабыт. Бу көрсүһүүнү эрдэттэн былааннаан, биир дойдулаахпыт Софья Трофимовна сахалыы балаҕаныгар көрсөн, кэпсэтэргэ этии киллэрбиппитин ылынан, наһаа истиҥ, ураты тыыннаах кэпсэтии таҕыста. Бары да астынныбыт. Билэргит курдук Софья Трофимовна тэрилтэтэ туойунан сахалыы иһиттэри оҥорууга күүскэ ылсан үлэлиир. Онтон туойдьуттар уонна тимир уустара быстыспат биир ситимнээхтэр. Ол курдук туойдьут тимир уһаарыллар оһоҕун оҥорон биэрэр. Онон куруутун бииргэ сылдьаллар, биир уотунан үлэлииллэр буоллаҕа. Софья Трофимовна бэйэтэ да уустарга чугас буолан, көрсүһүү бэрт сэргэх, интэриэһинэй буолла. Көрсүһүүгэ кэһэх оһуор тула , инникитин сахалар уустара оҥорбут оҥоһуктарын хайдах гынан сөргүтэн оҥоробут диэн кэпсэтии буолла. Күн бүгүн саха уустара оҥорбут 42 оҥоһуктара баара биллэр эбит. Уустар бэйэлэрин санааларын эттилэр. Саха балаҕаныгар атыннык арыллан кэпсэтэр эбиккин. Ол курдук 4 чаас устата сэһэргэстибит. Ол биллибэккэ ааста. Түмүккэ биллэр  уустарбытыгар Чээбий олоҥхотун, ону сэргэ Екатерина Иванова, Устин Нохсоороп олоҥхолорун ырытыыларын кинигэтин бэлэхтээбиппитин наһаа астыннылар.

 

Мантан ыла олоҥхону ааҕан, өссө атын тыын киириэ диэн эттилэр. Онтон ыалдьытымсах Поповтар дьиэ кэргэттэригэр Чапчылҕаҥҥа олорор уус Игнатий Устинов айан-тутан таһаарбыт  уоту саҕар сахалыы хататын бэлэхтээтибит.

 

Түмүккэ аммалар бары түмсэн Олоҥхобут ыһыаҕын тэрээһиннээхтик ыытыаҕын, аммалар бааһынайдар диэн өйдөбүлү уларытыаҕын диэн былаан ылынан үлэлииргэ сүбэлэстибит. Биһиэхэ бу айаммыттыгар баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Ивановна Илларионова күүс-көмө өйөбүл буолла. Бөтүҥ кулуубун массыынатын суоппара Михаил Алексеев бэрт сымнаҕастык илдьэ сырытта”, — диэн улуустааҕы тимир уустарын салайааччыта Роман Алексеев көрсүһүү туһунан санаатын үллэһиннэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

 Айталина Седалищева хаартыскалаҕа түһэриилэрэ

Читайте дальше