Туһалаах десаны нэһилиэнньэ биһирээтэ

Алтан нэһилиэгэр бу түмүктэнэн эрэр нэдиэлэ бэрт сэргэхтик ааста. Ол курдук, нэһилиэнньэ сүрүн кыһалҕаларын  быһаарар Амма улууһун тэрилтэлэрэ кыттыгастаах көһө сылдьар социальнай-правовой десант кэлэн тигинэччи үлэлээн ааста. Биһиги нэһилиэкпит улуус кииниттэн тэйиччи сытарынан, бу курдук тэрээһиннэр ыытыллаллара  олус туһалаах уонна көдьүүстээх диэн бэлиэтээн этиэххэ наада.

Десаны улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Ивановна Илларионова салайан кэллэ. Сүрүн сыалынан нэһилиэнньэни, уопсастыбаннай түмсүүлэри кытары көрсүһүү, туһааннаах тэрилтэлэр үлэһиттэрин консультациялара, докумуон туттарыыта буолла.

Делегацияҕа Үлэлээх буолуу киин салайааччыта Лена Вензель (үлэлээх буолуу боппуруоһун тула кэпсэтии, консультациялааһын, профориентационнай диагностика, карьера сайдыытын тус былаанын оҥоруу, резюмены оҥорууга көмө, сөптөөх вакансия көрдөөһүнэ), социальнай көмүскэл кэлим кииниттэн Ольга Осипова (социальнай төлөбүрдэр, босуобуйалар уо д.а.), «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда салаатын социальнай координатора Саргылана Константинова (бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарын уонна бэтэрээннэрин дьиэ-кэргэттэригэр көмөлөр-өҥөлөр), «Мин докумуоннарым» элбэх хайысхалаах киин исписэлииһэ Валерия Макарова (докумуон толоруллуута, туттарыыта), Арассыыйа социальнай пуондататын салайааччыта Алима Черноградская (социальнай өйөбүл миэрэлэрин билиһиннэрии), сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар уонна кинилэр бырааптарын көмүскүүр хамыыһыйаттан Виктория Феоктистова, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова киирэн үлэлээтилэр.

Нэһилиэк олохтоохторо, уопсайа түөрт уонча киһи кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар, туһааннаах боппуруостаргытыгар көмөлөһүннэрдилэр.. Нюргуяна Ивановна уонна Мария Романовна нэһилиэк биэнсийэлээхтэрин түмсүүлэрин кытары көрсөн үбүлүөйдээх Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө тэрээһиннэр, «Алгыс» түмсүү кинигэтин таһаарыы, үлэ-хамнас тустарынан сэһэргэстилэр.

«Бэрт диэн десант кэлэн барда. Бу, дьэ чахчы, биһиги курдук кытыы сытар нэһилиэктэргэ, үөскэ киирэри ыарырҕатар дьоҥҥо, аҕам саастаахтарга, инбэлииттэргэ олус туһалаах хамсааһын. Мин бэйэм бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарын ийэтэ буоларым быһыытынан долгутар боппуруоспунан «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда координаторыгар Саргылана Семеновнаҕа сырыттым. Киһи хайа да боппуруоһу атах тэпсэн олорон быһаарсарын ордорор, онон кыһалҕабын толору этэммин, сотору кэминэн быһаарыллыа диэн эрэнэбин. Бу хамсааһын тиһигин быспакка салҕанан бара турарыгар баҕарабын», — диэн нэһилиэк олохтооҕо, анал байыаннай эпирээссийэ кыттыылааҕын ийэтэ Светлана Сутакова санаатын үллэһиннэ.

Нэһилиэнньэ сүрүн боппуруостарын быһаарсар тэрилтэлэр кэлэн дьон кыһалҕатын билсэллэрэ, миэстэтигэр быһаарсаллара хайҕаллаах дьыала. Бу тэрээһини көҕүлээбит улуус үлэлээх буолуу киинин салайааччытыгар Лена Кимовнаҕа нэһилиэнньэ махтаныан махтанар. Инникитин ыйга биир күнү анаан бу курдук кэрийэллэрэ эбитэ буоллар диэн баҕа санааларын тириэрдэллэр.

Татьяна Атласова.

Читайте дальше